Дьокуускайга регионнааҕы үлэ уонна социальнай харысхал министиэристибэтин коллегията буолла.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов эппитинэн, сыл устата Владимир Путин саҥа көҕүлээбит национальнай бырайыактарыгар бырагыраамалары оҥорууга Саха сирэ күүскэ ылсан үлэлиэҕэ.
«Россия президенэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Туһаайыытын бары иһиттибит. Дойду ис дьыалаларыгар дьадайыыны суох оҥоруу уонна демографическай бэлиитикэ хайысхалара буолаллар. «Дьиэ кэргэн» уонна «Көхтөөх уһун үйэлэнии» нацбырайыактар быһаччы үлэ министиэристибэтинэн бараллар. 2025 сыл тохсунньутуттан бырагыраама үлэлээбитинэн барыаҕа. Биһиги тэҥҥэ үлэлиибит», – диэтэ Степанов.