23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Үлэһиттэргэ ирдэбил улаатар

10:50, 22 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Соторутааҕыта Сунтаар улууһун социальнай үлэһиттэригэр анаан семинар-мунньах буолан ааста. Сунтаар улууһун нэhилиэнньэтин социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ управлениетын начальнига Г.В. Фролов, соҕотох кырдьа-ҕастары, кыамматтары дьиэҕэ көрөр отделение сэбиэдиссэйэ М.П. Петрова семинар-мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыыттылар.


Манна сүрүннээн 442 №-дээх Федеральнай сокуон, социальнай эйгэҕэ турар соруктар тула кэпсэтии буолла. Билиҥҥи туругунан улуус үрдүнэн 23 нэһилиэккэ барыта 36 социальнай үлэһит үлэлии-хамсыы сылдьар. Кинилэр көрүүлэригэр 231 кырдьаҕас уонна инбэлиит баар. Манна эбии социальнай үлэһиттэр нэһилиэктэ-ригэр баар приемнай дьиэ кэргэни кэтээн көрөллөр. Билигин улууспутугар 9 приемнай дьиэ кэргэн баар, онтон түөрдэ быйыл саҥа эбилиннэ. Ол курдук Сунтаарга – 3, Аллыҥаҕа – 2, Кутанаҕа, Күндэйэҕэ, Кириэс-тээххэ уонна Маар Күөлгэ бааллар.

Семинар-мунньахха Пенсионнай фонда управлениетын пенсияны аныыр, төлүүр, тиэрдэр отдел сүрүннүүр специалиһа Л.Н. Григорьева, улуустааҕы поликлиника сэбиэдиссэйэ В.В. Данилова, субсидия агентствотын начальнига Е.Е. Павлов уонна социальнай управление сүрүннүүр специалиһа А.Е. Евсеева бэйэлэрин үлэлэрин хайысхаларыгар уларыйыылары, нэһиэнньэҕэ баар көмөлөрү кэпсээтилэр, сүбэ-ама биэрдилэр уонна атын да мунаахсыйар ыйытыыларыгар хоруйдаа-тылар. Онон социальнай үлэһиттэр көрөр дьонноругар, бэйэлэригэр даҕаны элбэх туһалаах билиини ыллылар.

Түмүккэ салайааччыларбыт “Социальнай үлэһит оҥорор өҥөтүн хаачыстыбалаахтык толоруохтаах уонна бэйэтин билиитин таһымын үрдэтинэ сылдьыахтаах” диэн бэлиэтээн эттилэр, саҥа сокуон ирдэбиллэрин толорууга уонна үлэ таһымын үрдэтиигэ сыал-сорук туруордулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА