22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлөөҥҥө "Сардаҥа" хаһыат уопсастыбаннай корреспонденнары кытта сүбэлэһэр

11:58, 03 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаһыат редакцията уопсастыбаннай корреспонденнары кытта «Билиҥҥи бириэмэҕэ хаһыат кэлэктиибинэй иитээччи, тэрийээччи, сүбэһит быһыытынан оруолун үрдэтии суолларын көрдөөһүн» диэн боппуруоска аһаҕас кэпсэтиини тэрийэн ыытта.


Кылаабынай редактор Гуннара Байгильдина: «Биһиги хаһыаппыт нэһилиэнньэҕэ судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин сөптөөхтүк, бириэмэтигэр тиэрдэр, сырдатар, нэһилиэнньэни патриотизм тыыныгар иитэр, гражданскай уопсастыба биир буолуутун хааччыйар, историяны, норуот култууратын убаастыырга үөрэтэр соруктаах», — диэтэ.

Көрсүһүүгэ кыттыбыт уопсастыбаннай корреспонденнар хаһыат оройуон бүгүҥҥү күннээҕи олоҕун, сайдар кэскилин уонна быһаарыллыахтаах боппуруостарын сөптөөхтүк сырдатарыгар, хаһыат кэлэктиибинэй сүбэһит, тэрийээччи, иһитиннэрээччи уонна иитээччи буолар оруолун салгыы толороругар айымньылаахтык үлэлэһэр былааннаахтарын эттилэр.

Улуустааҕы хаһыакка «Эдэр ыччат», «Дьиэ кэргэн», «Эр киһи оруолун үрдэтии» , «Эдэр ыччаты – таба иитиитигэр», «Эдэр ыччаты – промышленноска» сыһыарыылары үлэлэтэр наадалааҕын бэлиэтээтилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА