Оройуон киинигэр үгэс буолбут табаһыттар сүлүөттэригэр, Өлөөн оройуонун олохтооччу Иван Егорович Винокуров төрөөбүтэ 120, «Өлөөн» сопхуос тэриллибитэ 55 сылыгар анаан сахалыы ырыа фестивала 25-с төгүлүн дуорайда.
«Ырыаһыттар толорор таһымнара биллэ тупсубут. Сылын аайы ыытыллар фестиваль сыала-соруга Саха сирин, Өлөөн мелодистарын айан таһаарбыт ырыаларын ыччакка тиэрдии уонна истээччигэ пропагандалааһын. Кэлэр көлүөнэҕэ эстраднай ырыаны үөрэтии, билиһиннэрии, ыллыыр дьоҕурдаах ыччаты киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар. Итиэннэ ырыаһыт таһыма истээччи нөҥүө үрдүүрүгэр көмөлөһүү. Ырыа түһүлгэтэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччылаах буолла, киһи сэргиирэ диэн саҥа ааттар таҕыстылар», — диэн толорооччулары кытта үлэлэспит музыкальнай салайааччы Елена Тихонова эттэ.
Кирбэй нэһилиэгиттэн Харыйалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Даяна Вагина, Настя Кириллина, Анжела Алексеева, Өлөөн орто оскуолатын үөрэнээччитэ «Саҥа аат» Светлана Винокурова, «Кэскиллэх ырыаһыт» аат Аня Константинова, Мичил Боеков, Дмитрий Софронов, Николай Солвьев, Кэрэчээнэ Федорова, Дьэлиҥдэттэн 1 степеннээх дипломант Прокопий Андреев, 2 степеннээх дипломант- Александр Рожин, 3 степеннээх дипломант Миша Фадеев, 1 степеннээх лауреат Евгения Павлова, 2 степеннээх лауреат Светлана Дмитриева, 3 степеннээх лауреат Ээйиктэн кытта кэлбит Дьулус Степанов, Гран-при Валериана Новгородова, Христина Никифорова ыллылар.