23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Өлөөкө Күөл үөрэнээччиллэрэ баһаары умулуннарыыга күүс-көмө буолаллар

18:01, 29 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөл нэһилиэгэр турбут улахан ойуур баһаарын умулуннарыыга оскуола оҕолоро туора туран хаалбакка күүс-көмө буолаллар. Бу туһунан keskil14.ru суруйар.


Баһаары утары охсуһууга нэһилиэк эр дьоно бэс ыйыттан сылдьыбыт. Уот бөһүөлэккэ ыкса чугаһаан, улууска ЧС биллэриллэн, олохтоохтор күнүстэри-түүннэри баһаары утары охсуһууга турунан, улахан түбүккэ сылдьаллар. «Оскуола оҕолоро эмиэ туора туран хаалбакка, кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт. Ол курдук ас астаан, баһаарга сылдьар дьоммутугар ыытабыт. Ыаллартан астаммыт аһы, ууну суһал штабка таһабыт, мунньабыт», — диэн Өлөөкө Күөл 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Милена Ноговицына суруйар.

Билигин уоту кытары охсуһуу салҕанар, көрдүгэннэри кэтээһин, минерализованнай балаһалары хаһыы үлэлэрэ бараллар.

«Самаан сайыммыт мааны күннэрин тыа баһаара аймаан, хаарыаннаах тыаларбыт, сыһыыларбыт умайан күл-көмөр буоллулар. Уот бөһүөлэкпитигэр ыкса чугаһаан, буруоттан күммүт да көстүбэт, биир кэм барбатах балык миинин курдук, бадыа-бүдүө», — диэн суруйар Милена.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА