Тулаайах оҕолору Саха сирин прокуратурата кыттыспытын кэннэ, босхо аһынан хааччыйдылар, диэн СИА кэпсиир.
Өлүөхүмэ оройуонун дьаһалтата оскуолаҕа үөрэнэр тулаайах оҕолору бүддьүөт суотугар босхо аһатарга правовой акт ылымматах.
Онуоха, прокуратура Өлүөхүмэ оройуонун баһылыгар тустаах докумуоннары киллэрдэ, ол түмүгүнэн тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору босхо аһатыыны тэрийэр туһунан уураах ылылынна. Оройуон Сэбиэтин депутаттара аһы- үөлү тэрийиигэ бүддьүөттэн көрүллэр үп кээмэйин быһаардылар.