22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кыстык ортото Ньурба Дьаарханыгар хотон сууллубута чахчы

15:03, 08 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба улууһун Дьаархан нэһилиэгэр бүгүн сарсыарда хотон сууллан, элбэх сүөһүнү баттаан өлөрбүтүн туһунан сурах батсаап ситиминэн тилийэ сүүрдэ. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ, племенной үлэҕэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Алексей Жирков нэһилиэк, улуус таһымнарыгар чуолкайдаһан баран маннык иһитиннэрдэ.


Дьаархаҥҥа бүгүн сарсыарда хотон сууллубут чахчыта бигэргэннэ. Светлана Андреева дириэктэрдээх «Саһарҕа» ХЭУо-ҕа 118 ынах сүөһү, ол иһигэр 77 ыанньык ынах, кыстаан турбуттар. Бу хотон иллэрээ сыл хаһаайыстыбаннай ньыманан тутуллубут. Тутууга улуус бүддьүөтүттэн 2,5 мөл. солк., нэһилиэк бүддьүөтүттэн 1,5 мөл. солк. үбү көрбүттэр, оттон хаһаайыстыба бэйэтэ 1 мөл. солк. үбү укпут.

Хотон дьардьамата чэпчэки тимир конструкцияларынан, эркинэ-үрдэ сэндвич-панелларынан таҥыллыбыт. Сураҕа, тимир конструкциялара быһыта барбыта, дьэбин сиэбитэ күһүҥҥүттэн биллибит. Төрүөтэ: хаар баттааһынын уйбатах. Дьолго, биир даҕаны сүөһү да, киһи да дэҥнэммэтэх.

Бүгүн улуус таһымыгар хамыыһыйа тэриллибит. Сарсын министиэристибэттэн сүөһүнү иитии уонна племенной үлэ департаменын салайааччыта Артем Александров тиийэн, бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьа таарыйа, хаһаайыстыба инники дьылҕатын быһаарарын күүтэллэр. «Саһарҕа» ХЭУо сүөһүлэрин бааһынай хаһаайыстыбаларынан тарҕатан туруорбуттар. Бу хаһаайыстыба – Дьаархан нэһилиэгэр саамай улаханнара, урукку сопхуос отделениетын тобоҕо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА