22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кыайыы-75: Сэрии кэмин оҕото Оһохтоох урукку олоҕун кэпсиир

10:15, 10 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сэрии кэмин оҕото, тыыл бэтэрээнэ Константин Федорович таах олорбот — «Урал» массыына атыылаһан, киһини наймылаһан бөһүөлэккэ мас тиэттэрэ сылдьыбыт. Киирбит үбүнэн оһох атыыласпыт. Араадьыйатынан аан дойду сонунун истэ олорор. Кыайыы параадын кэтэһэр, Оһохтооҕун ыар сылларын, оҕо сааһын саныыр. 


Дьааҥы оройуонун хоту уһугар Оһохтоох сирин Кыталык саарбыт учаастагар Соловьев Федор Николаевич уонна Соловьева Марфа Афанасьевна дьиэ кэргэннэригэр муус устар 21 күнүгэр 1935 сыллаахха Куоста — Константин Федорович Соловьев бэһис оҕонон күн сирин көрбүт.

Аҕата булчут, уус. От тэриллэрин, оҕус, ат сыарҕаларын оҥороро. Куоста 8 саастааҕар аҕата оҥорон биэрбит хотуурунан сыһыы сымнаҕас отун охсон эбии илии, күүс буолара. Ийэтэ оҕолоругар эмирикээнискэй бурдук куулунан ырбаахы, ыстаан тигэн кэтэрдэрэ. Тымныы кыһын ааһарын бэры кэтэһэллэрэ.

«Сайынын сыаҥаан балыгы ыраастаан, имитэн, ол тириитинэн быыкаан эҥирэх түннүк оҥороллоро, былыр таҥас да оҥостоллоро үһү. «Эҥирэх ыстааннаах эҥэлэр» диэн хоһооҥҥо кытта хоһуллубут, ырыа ылламмыт дайды буоллаҕа. Кыһын сыарҕа ылаҕата алдьаннаҕына, инчэҕэйдии сыаҥаан тириитинэн эрийэн ыга тутан кэбиһэллэр, тоҥон хаалар, ол саас ирдэҕинэ биирдэ хоҥнор», — диэн Константин Федорович оҕо сааһын ахтар.

1942 cыллаахха Аһарга оскуолаҕа үөрэнэ барар да, тохсунньуга диэри кыайан тиийбэккэ, тымныйан ыалдьан төннөр. Сайын маһынан оттуллар борохуот Аллараа Дьааҥыттан кэлэр. Оччоҕуна ыстааннарын сотото бытарыыс буолуор диэри эргэрбит таҥастаах, атах сыгынньах очорой-бочорой кыра уолаттар борохуот сонунун истээри онно тиийэллэрэ. «Борохуокка үлэлиир саха уолаттара бааллара, «лэппэ» аҕаллыбыт дии-дии күлэллэрэ. Ол лэппиэскэ бурдугун аҕаллыбыт дииллэр эбит этэ. Борохуот куруустанан бүтэн айаннаатаҕына биһиги борохуоту эккирэтэн хойуу ыарҕалаах ойуурунан сүүрэрбит. Ити курдук күһүҥҥэ диэри атах сыгынньах сылдьарбыт. Ынах сылгылыырбыт, муустаах ууну кэһэн дэлби тоҥон, сылаас ынах сааҕыгар атахпытын уган иттэрбит, ол сылааһа үчүгэй да буолааччы. Ийэм атахпын сууйан, арыынан бистэҕинэ ол аһыыкката сүрдээх буолааччы. Кыһын ынах тириитэ этэрбэс тигэн кэтэрдэр».

Оччолорго дьиэ аҕыйах буолан, дьон ыалынан дьукаахтаһан олоруулара, окко-маска өйөхтөөҕө. Үүнээйини, үөл маһы алдьатабыт диэн, инчэҕэй маһы кэрдэллэрин эҥэлэр улаханнык аньыыргыыллара, хаппыт маһы оҕуһунан күннээҕини күннэтэ мастаан киллэрэллэрэ үһү. Эр киһи кыһын бултуу барарыгар эрдэ маһы охторон бэлэмниирэ. Ойоҕо, наада буоллаҕына, мутугун ыраастаан тиэнэрэ, эбэтэр бэйэтэ кэрдинэрэрэ.

Сэрии кэмигэр Куоста убайдара — Улахан уол, Киэсэ, Ыстапаан, Охонооһой үлэҕэ сылдьыбыттар. Аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, эмп суоҕуттан өлүү-сүтүү элбэҕэ диэн тыыл бэтэрээнэ салгыы кэпсиир: «Сэрии кэмигэр үһүгэр сылдьар балтым ыалдьан өлбүтэ. Киһи барыта окко, фермаҕа үлэлиирэ, мин кыра да буолларбын оҕус сиэтээччинэн сылдьарым. 6 саастаах бырааппын кыра диэн дьиэҕэ хаалларааччылар. Ол соҕотоҕун хаала сылдьан Оһохтоох анныгар Сиҥэҕэс диэн сиргэ ууга түһэн өлбүтэ. 13 саастаахпар ийэм эрэйдээх алта уончалааҕар хотоҥҥо үлэлии сылдьан, оҕолорун аһыытыгар буолаахтыа, сүрэҕэ тохтоон, от хобулугар өйөммүтүнэн олорон өлбүтүн булбуттара. Инньэ гынан аҕабыт соҕотоҕун биэс уолу ииппитэ. Ыар кэмнэр этилэр».

Көстөкүүн айаҕын булунар кыһалҕаттан 1947 сыллаахха оскуолатын быраҕан холкуоска үлэлии барар. Холкуос үлэтигэр саах күрдьээччиттэн саҕалаан, барытын үлэлиир. 1969 сыллаахха электриктэр уонна трактористар курстара арыллан, 3 кылаастаах тырахтарыыс быраабын ылар. Борохуот аҕалбыт буруус маһын тиэйэ сылдьан, 36–лыы устуукалаах кэлгиллибит мас торуоһа быстан, тракторга атаҕын оһоллуур. «Үчүгэй быраастар баар буоланнар, төрөөбүт бэйэм атахпынан үктэнэ сылдьабын», — диэн үөрэ, үөһэ тыына кэпсиир.

Кэлин станцияҕа уонтан тахса сыл дизелистээн, сынньалаҥҥа барбыт. Кэргэнэ аҕыс сыллааҕыта күн сириттэн барбыт. Алта кыыһа аҕаларыгар кэлэн бараллар, көрөллөр-истэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар