Сунтаар улууһугар Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгын эмиэ олус өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтээтилэр.
Кутанаҕа Эйэ бырааһынньыгын номнуо хаһыс да сылын параадынан көрсөллөрө үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу күн нэһилиэк тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр көхтөөхтүк кытыннылар.
Нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо, тыыл, үлэ ветерана, селькорр Вера Егорова: «Маннык үтүө бырааһынньыгы нэһилиэгинэн үөрэн-көтөн көрсөр буолбуппут хаһыс да сыла. Тэрилтэлэр эрдэттэн оҥостоллор, бэлэмнэнэллэр. Сэргэхсийии бөҕө буолабыт», — диэн кэпсээтэ.