Куорат күнүгэр, балаҕан ыйын 11-гэр, Дьокуускайга «Арассыыйа почтата» 2000 аккырыыкканы босхо ыытыаҕа. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи федеральнай почта сибээһин управлениетын дириэктэрэ Петр Птицын кэпсээтэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэ киин куоратын олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар куорат үбүлүөйдээх күнүн көрсө бэлэх оҥордубут. Балаҕан ыйын 11 күнүгэр «Арассыыйа Почтата» Дьокуускайга 2000 аккырыыкканы босхо ыытыаҕа. Ким баҕарар бу күн почта киин отделениетыгар Дьокуускайга тиийэн аккырыыкка ыытыан сөп», — диэн иһитиннэрдэ.
Ону тэҥэ, бүгүн «Сахамедиа» республикатааҕы медиа-кииҥҥэ Дьокуускай куорат 390 сылыгар аналлаах анал гашение ааста. Аккырыыккаҕа куорат олохтоохторун сөбүлүүр сирдэрэ, аатырбыт дьоно ойууламмыттар.