15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Кулун тутар 13 күнэ. Саха бастакы идэтийбит композитора Марк Жирков төрөөбүт - Бикипиэдьийэ

09:07, 13 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1938 сыллаахха нуучча тыла ССРС бары оскуолаларыгар булгуччу үөрэтиллэр буолбут.

1944 сыллаахха Дьокуускайтан сэриигэ ыҥырыллыбыт капитан Иван Симаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибит.

1960 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыат сүрүн эрэдээктэринэн Дмитрий Пухов анаммыт.

Бу күн саха бастакы идэтийбит композитора, Саха АССР уонна РСФСР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Марк Жирков, «Саха Омук» уопсастыба 1990-93 сс. салайааччыта, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥыырыытын дьокутаата, аатырбыт хапсаҕайдьыт Владимир Николаев төрөөбүттэр. 


Бэлиэ күннэр:

  • Гренада — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
  • Таиланд — Слон күнэ
  • Люксембург — Бургзонндег — Уот бэстибээлэ. Христианство кэлиэн иннинээҕи бэлиэ күн, бу түүн саас кэлбитин бэлиэтээн элбэх кутаа оттоллор
  • Япония — Касуга-мацури, Япония сүрүн бэлиэ күннэриттэн биирдэстэрэ, XIII үйэттэн биллэр.

Түбэлтэлэр:

  • 1773 — секунд-майор Михаил Воинов Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Бу дуоһунаска 1774 сыл тохсунньу 17 күнүгэр дылы сулууспалаабыт.
  • 1881 — ыраахтааҕы Александр III Арассыйаттан көҥүл тахсар уонна Арассыыйаҕа көҥүл киирэр туһунан Үрдүкү Көҥүл (Высочайшее разрешение) таһаарар.
  • 1886 — Харьков университетыгар мэдиссиинэҕэ үөрэнэ сылдьыбыт устудьуон Сергей Ястремскай 1879 сылтан хаатыргаҕа сылдьыбытыттан босхолонон Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт. Көскө олорон саха тылын кырамаатыкатын чинчийбитэ, 1900 сыллаахха босхолонон Саха сириттэн барбыта, Одессаҕа олорбута.
  • 1938 — нуучча тыла ССРС бары оскуолаларыгар булгуччу үөрэтиллэр буолбут.
  • 1944 — Дьокуускайтан сэриигэ ыҥырыллыбыт капитан Иван Симаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 1960 — «Эдэр коммунист» хаһыат сүрүн эрэдээктэринэн Дмитрий Пухов анаммыт.
  • 1998 — «АЛРОСА» Кэтиир сэбиэтин быһаарыытынан хампаанньа бырабылыанньатын бэрэстээтэлинэн Вячеслав Штыров талыллыбыт.

Төрөөбүттэр:

  • 1892 — Марк Жирков — саха бастакы идэтийбит композитора, Саха АССР (1941) уонна РСФСР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ (1947).
  • 1902 — Алексей Федоров (13.03.1902—03.06.1967) — саха норуодунай худуоһунньуга.
  • 1922 — Давид Кугультинов — бэйиэт, Максим Горькай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Калмыкия народнай бэйиэтэ.
  • 1945 — Владимир Николаев, «Саха Омук» уопсастыба 1990-93 сс. салайааччыта, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥыырыытын дьокутаата, аатырбыт хапсаҕайдьыт.

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА