22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кулун тутар 1 күнүттэн "Госуслуги" порталга дьоҕус бизнес биэрэпиһэ арылынна

17:01, 03 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2021 сыл бастакы аҥарыгар Росстат дьоҕус бизнес экономическай биэрэпиһин ыытар. Предпринимателлэр үлэлэрин бириэмэтин туппат уонна сыыһалары таһаарбат, пандемия кэмигэр куттал суоһаабатын хааччыйар туһуттан Сахастат анкетаны электроннай киэбинэн оҥорорго сүбэлиир.


Кулун тутар 1 — ыам ыйын 1 күннэригэр дьоҕус бизнес экономическай биэрэпиһэ gosuslugi.ru порталынан ыытыллар.

Предпринимателлэр порталга учуоттуур сурутуулара эрэ наада. Юридическай сирэйдэргэ суруттарыыларын таһынан, электроннай илии баттааһыннара ирдэнэр.

Маны сэргэ, муус устар 1 күнүгэр диэри электроннай отчуоттар «web-сбор Росстата» систиэмэ  (ЭЦП ирдэнэр) уонна электроннай докумуону эргитии оператордарын нөҥүө ылыллаллар.

Экономическай биэрэпис биэс сылга биирдэ ыытыллар. Дойдуга дьоҕус бизнес туругун туһунан толору информацияны хомуйар. Ол түмүгэр судаарыстыбаннай өйөбүл оҥоһуллар.

Сиһилии https://ysia.ru/s-1-marta-portal-gosuslugi-otkryt-dlya-perepisi-malogo-biznesa/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА