22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Коронавирус. Вакцина. Чиптээһин туһунан сымыйа сураҕы бэрэбиэркэлииллэр

14:02, 18 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр олохтоох дьахтар  коронавируска быһыыны биэрии кэмигэр чип туруоралларын туһунан мессенджер нөҥүө сураҕы тарҕатыытынан бэрэбиэркэ саҕаланна. Дьаһалы полиция сотрудниктара ыыталлар, РИА Новости ханаалга СӨ ИДьМ бэрэстээбитэлэ эттэ.


«Сунтаар оройуонуттан төрүттээх олохтоох дьахтар мессенджерынан коронавирус инфекциятын утары вакцина туруоруутугар сөбө суох сураҕы тарҕаппытынан полиция бэрэбиэркэ ыытар. Полиция үлэһиттэрэ нэһилиэнньэни олоҕо суох иһитиннэриилэри итэҕэйбэттэригэр ыҥырар», — диэтэ иһитиннэрээччи.

Кини эппитинэн, сымыйа сураҕы тарҕатыы иһин административнай эппиэтинэс сүктэриллэр, «Распространение в СМИ, а также в информационно-телекоммуникационных сетях заведомо недостоверной общественно значимой информации под видом достоверных сообщений, создавшее угрозу причинения вреда жизни и (или) здоровью граждан» ыстатыйанан. Ыстарааба 100 тыһ солк диэри.

«Сорох маннык түбэлтэ холуобунай дьыаланан көрүллүөн сөп. Полиция үлэһиттэрэ дьон бэрэбиэркэлэммит, официальнай иһитиннэриилэри эрэ итэҕэйэригэр этэр», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА