Ленскэйгэ коронавирустаабыт киһи кэргэнэ эмиэ ыалдьыбыта бигэргэннэ. Онон, Саха сиригэр, бу сарсыардааҥы туругунан 10 киһи сыстыганнаах дьаҥҥа ылларбыт.
Муус устар 13 күнүнээҕи иһитиннэриинэн, коронавируһунан ыалдьыы биэс — Алдаҥҥа, үс — Дьокуускайга, икки — Ленскэйгэ. Доруобуйаларын туруга этэҥҥэ, ити эрээри сорохтор сыыстарыылара дириҥ.
Маны сэргэ барыллаан анаалыс көрдөрөрүнэн, Горнай оройуонугар уонна Дьокуускайга ыалдьыбыттар бааллар. Бастакылар кэргэнниилэр, Санкт-Петербургтан эмтэнэн кэлбиттэр ааспыт нэдиэлэҕэ. Иккис түбэлтэҕэ эр киһи киин куоракка Москваҕа үөрэнэн кэлбит аймахтарын кытта алтыспыт.
Алдан холобура көрдөрөрүнэн, самоизоляция эрэһиимин биирдэ да кэстэххэ, ыарыыга сыстыахха сөп. Алдаҥҥа харантыын биллэриллибитэ, онно суһал сулууспалар уонна Росгвардия үлэһиттэрэ барбыттара.