Дьокуускай инфекционнай стационарыгар коронавируһунан ыалдьыбыт киһи оҕото киллэрилиннэ. Ол туһунан анал штаб иһитиннэрдэ.
«Дьокуускай куорат инфекционнай стационарыгар коронавируһунан ыалдьыбыт киһи оҕото киллэрилиннэ. Эрдэ «самоизоляцияҕа» дьиэтигэр сылдьыбыта», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Санатар эбит буоллахха, Саха сиригэр коронавируснай инфекциянан сэттэ киһи ыалдьыбыта биллэр. Кинилэр билигин эмтэнэллэр.