23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Коммунальнай төлөбүргэ 30% чэпчэтиинэн туһаныҥ

14:15, 12 июля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Президенин «Элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өттүнэн өйөбүл туһунан» 431 №-дээх Ыйааҕыгар олоҕуран, элбэх оҕолоох ыаллар ититии, уу, канализация, гаас уонна электроэнергия төлөбүрүгэр 30%-наах чэпчэтиинэн туһаныахтарын сөп.


Оттон киин ититиигэ холбоммотох ыалларга атыылаһан ылар оттуктарыгар эмиэ 30%-наах чэпчэтии олохтонор. Бу чэпчэтиини «Субсидия агентствота» ГКУ оҥорор чэпчэтиитин кытары буккуйар табыллыбат.

Коммунальнай өҥө төлөбүрдэригэр чэпчэтии туһунан «Мои документы» босхо юридическай көмө салаатын үлэһиттэриттэн сүбэлэттэриэххитин сөп. Биитэр, үлэ күнүгэр 14 чаастан 17 чааска диэри 8 (4112) 50-60-15 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА