Саха сиригэр Өлүөнэ муостатын тутууну экспертиза ааста да саҕалыыр былааннаахтар. Сүрүн конструктивнай чааһа 2027 сыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх. Ол туһунан «Якутия Live» биэриигэ «Якутия 24» телеханаалга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Кирилл Бычков эттэ.
Вице-премьер эппитинэн, муоста тутуутугар Россия президенин болҕомтото, эбийиэк дойдуга сүрүн оруоллааҕын бэлиэтиир. «Бырайыак билигин олоххо киириитин көхтөөх түһүмэҕэр сылдьар. Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын кытта барыллаан кэпсэтиилэр ыытыллыбыттара. Бу бырайыагы вице-премьер Марат Хуснуллин бэйэтэ тус курируйдуур. Минтранс, Минстрой, Минфин, Минэкономразвития бэйэлэрин көмөлөрүн оҥордулар. Экспертиза кэнниттэн тута тутууга киириэхпит. 2027 сыл бүтүүтэ сүрүн конструктивнай чааһа бэлэм буолуохтаах», — диэтэ Кирилл Бычков.