Тохсунньуга киинэҕэ билиэт сыаната 323,7 солк. тиийэ үрдээтэ, бу историяҕа муҥутуур көрдөрүү буолар диэн, «Бюллетень кинопрокатчика» кылаабынай редактора Александр Нечаев «Коммерсант» таһаарыытыгар биллэрдэ. Билиэт ааспыт сыл тохсунньутааҕы көрдөрүүлэриттэн 13,2% үрдээтэ, былырыын киинэҕэ ортото 285,9 солк. баран кэлиэххэ сөп этэ.
2022 сылга сыана былырыыҥҥытааҕар 8,2% улааппыт. Нечаев этэринэн, кэнники ыйдарга киинэ театрдарын ороскуоттара эмискэ улаатта: үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэргэ күһэллэллэр, ону таһынан, киинэ көрдөрөр оборудование сыаната үрдээн иһэр.
«Синема парк» уонна «Формула» маркетиҥҥа дириэктэрэ Сергей Кузнецов сыана үрдээһинэ коронавирус хааччахтара киирээһиннэрин кытары сибээстиир. Билигин киинэҕэ сылдьарга QR- код булгуччулаах, ону тэҥэ саала туолуутун хааччахтааһын баар. 2022 сыл тохсунньутугар сыана үрдээһинэ былырыыҥҥы сыл саҥатыгар, Кузнецов дааннайынан, 9 %- на таһымҥа турар.
Нечаев саныырынан, быйылгы сылга билиэт орто сыаната 300 солкуобайтан намтыа суоҕа. Билиэт сыаната үрдээбитин да үрдүнэн дьон син биир киинэҕэ сылдьарын тохтоппот диэн бэлиэтээтэ.