22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кэбээйи улууһугар эдэр табаһыкка тыатааҕы түстэ

12:30, 16 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ, бэс ыйын 15 күнүгэр, Кэбээйи улууһугар ыстаадаҕа табаһыкка тыатааҕы саба түспүтүн туһунан СИА-ҕа иһитиннэрии киирбитэ. 


Эдэр киһи тута ыстаадаттан аҕалыллан, олохтоох балыыһа реанимация отделениетыгар киллэриллибит. Биһиги Сэбээн Күөл баһылыга Таисия Кейметиноваҕа төлөпүөнүнэн сибээскэ тахса сырыттыбыт. Кини этэринэн, уолга наадалаах көмө оҥоһуллубут. Билигин, төһө да атаҕар улахан бааһырыылааҕын үрдүнэн, бэйэтин үчүгэйдик сананар.

Адьырҕа кыыл уолга тохтобул сиргэ саба түспүт. Уол бэйэтин көмүскэнэ сатаан кэтэ сылдьар кууркатын устан далбаатаммыт, саата да атын бэйэтин көмүскэнэр тэрилэ-мала суох эбит. Эһэ уолу сиргэ төкүнүппүт уонна тыҥырахтарынан уол илиитин-атаҕын сараапайдаабыт.

Чугаһынан сылдьар табаһыттар иэдээн буолбутун билэн сырсан кэлбиттэр. Биирдэригэр саалаах буолан, тыас таһаарбыт. Онуоха тыатааҕы уолу хаалларан тыаҕа куоппут.

Бөһүөлэк баһылыга этэринэн, маннык быһылаан кинилэргэ аан бастаан тахсыбыт буолбатах. «Биһиги сирбитигэр-уоппутугар эһэ куруук мэнээктиир. Билигин сылаас кэмҥэ ордук наһаалыыр. Эдэр киһи тыыннаах хаалбыта үөрүүлээх. Кинини билигин быраастар кэтээн көрөллөр. Атаҕар уонна илиитигэр тыатааҕы тыҥыраҕын суола баар. Атаҕар дириҥ баастаах. Хата чугаһынан табаһыттар сылдьыбыт буолан быыһаабыттар, көмө оҥорбуттар. Бэҕэһээҥи эпэрээссийэ кэнниттэн уол бэйэтин үчүгэйдик сананар, хаамар«, — диэтэ Таисия Кейметинова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА