Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) эһигини Аҕам саастаахтар аан дойдутааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир!
Былыр-былыргыттан Саха сирин дьоно-сэргэтэ бэйэтин кырдьаҕастарыгар ураты ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар. Олоҕу уһансыбыт, сир үрдүгэр эйэни түстээбит, уоттаах сэриигэ улуу Кыайыыны ситиспит, урусхаламмыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэрэргэ күүстэрин-уохтарын биэрбит, кэнэҕэски көлүөнэ дьоллоох олоҕун туһугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит ытык дьоммутугар сүгүрүйэбит, кинилэр оҥорбут үтүөлэрин-өҥөлөрүн өрүү өйдүүбүт.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин биир сүрүн соругунан аҕам саастаах дьон олоҕун тупсарыы, социальнай өҥөлөрүнэн толору туһаналларын хааччыйыы буолар. Саха сирин парламена сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, биэнсийэлээхтэр көмүскэллээх, өйөбүллээх буолууларын ситиһиигэ, кинилэр доруобуйаларын көрөргө-истэргэ, олорор усулуобуйаларын чэпчэтэргэ ураты болҕомтону ууран, үлэни күүһүрдүүгэ үлэлэһэр.
Ытыктабыллаах бэтэрээннэр! Эдэр көлүөнэҕэ бэйэҕит мындыр билиигитин, үлэлээбит уопуккутун үллэстэргитинэн, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай уонна бэлиитичэскэй олоҕор мэлдьи көхтөөхтүк кыттаргытынан киэн туттабыт.
Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, чугас дьоҥҥут тапталын, истиҥ сыһыанын уонна уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн)