Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Өймөкөөн улууһун Эльгэ өрүһүн көмүс хостооччулар киртиппиттэрин быһаарда. Биэдэмистибэ бэрэбиэркэни өрүс киртийбитин туһунан социальнай ситимнэринэн сурах тарҕаммытын кэннэ ыыппыт.
Судаарыстыбаннай инспиэктэрдэр өрүстэн, кини салааларыттан боруоба ылбыттарын түмүгэр, икки сокуону кэһии бэлиэтэммит. Көмүһү хостуур тэрилтэлэр салайааччыларыгар административнай дьыала тэриллибит. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн сөптөөх дьаһаллар ылыллыахтара диэн, министиэрстибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.