22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өймөкөөн тымныытын бигэргэппит үтүөлээх учуонай

17:29, 03 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ССРС Наукаларын Академиятын кэрэспэдьиэн-чилиэнэ Сергей Обручев аата  Өймөкөөн оройуонун кытта ыкса сибээстээх. 1926 сыллаахха Сергей Владимирович Өймөкөөн улууһун Кириэс Томторугар -71,2° кыраадыс тымныыны ааҕаан-суоттаан таһаарбыта.

Ол эрээри, оччолорго температураны кээмэйдиир станция суоҕунан сибээстээн, бу температураны ким да ылыммат. Сергей Обручев туруорсан, 1929 сыллаахха Томторго метеостанция тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу станция 1933 с. олунньу 6 күнүгэр 67, 7 кыраадыс тымныыны бэлиэтээбитэ.

Ол кэмтэн ыла 73 сыл ааста. Бүгүн, Сергей Обручев төрөөбүт күнүгэр, Тымныы полюһун нэһилиэктэригэр 57-61 кыраадыс тымныы түһэн турар. Маннык тымныы сыл аайы бэлиэтэнэн, Өймөкөөн Тымныы полюһа буоларын туһунан Сергей Обручев научнай арыйыытын тыйыс айылҕабыт бэйэтинэн бигэргэтэр.

Дойдуларын Тымныы полюһунан ааттаппыт махталлаах өймөкөөннөр олунньу 25 күнүгэр Санкт- Петербурга Нуучча географическай обществотын штаб-квартиратыгар ыытыллар үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ, Чукоткаҕа ыытыллар «Обручев ааҕыыларыгар» кыттыыны ылыахтара. Аны күһүн алтынньыга Томтор нэһилиэгэр Сергей  Обручевка аналлаах научнай-практическай кэмпириэнсийэни ыытыахтара уонна киниэхэ өйдөбүнньүк бюст туруоруохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА