22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өймөкөөн нэһилиэктэрэ ууга бардылар

15:32, 24 августа 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар ый кэриҥэ курдук күн аайы ардах түһэн, Индигиир Эбэ хаатыттан тахсан, Өймөкөөн уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрэ ууга былдьаннылар.


            Өймөкөөн нэһилиэгин дьаһалтатын иһинэн үлэлиир ыксаллаах быһыы-майгы салаатын исписэлииһэ Ньургун Попов иһитиннэрбитинэн, уу критическэй таһымҥа (5 м 19 см) тиийэрэ 5 м15 см хаалла. Уу нэһилиэккэ бөөлүүн түүн күүстээхтик халыйан киирэн, олорор дьиэлэри, уһаайбалары ылла. Бу маннык улахан мотуох үс сыллааҕыта буолбут халаан таһымнаах диэн олохтоохтор бэлиэтииллэр. Үгүс ыал сайыны быһа бүөбэйдээбит оҕуруоттара, үүнээйилэрэ бүтүннүү ууга барда. Ньургун Попов этэринэн, ыксаллаах түгэн буоллаҕына, дьону эвакуациялыыр пууннар бэлэмнэр. Ол курдук, оскуолаҕа уонна кулуупка дьону олохтуурга бары усулуобуйа тэрилиннэ. Олохтоох дьаһалта салатата тэрийиитинэн, мотуордаах оҥочонон ууга хаайтаран олорор дьоҥҥо дьиэнэн килиэптэрин тиэрдэн биэрэллэр. Эппиэттээх үлэһиттэр уу ылбыт социальнай эбийиэктэрин мотуордаах оҥочонон кэрийэ сылдьан, хаартыскаҕа түһэрдилэр, тустаах докумуоннары толордулар.

Сордоҥноох нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Иван Максимов иһитиннэрбитинэн, 5 ыал уһаайбата ууга барда. Оттон ходуһа уонна оттоммут от туһунан киһи этэ да барбат — барыта ууга былдьанна. Бу нэһилиэккэ эмиэ иллэрээ сыллааҕы улахан халаан хатыланыах курдук. Нэһилиэги Томтору кытта ситимниир Куйдуһун муостата биэрэги кытта холбуур 6 м силбэһигин уу сууйан кээстэ. Онон олохтоохтор эмиэ өр кэмҥэ сырыыта суох хааллылар. Бу маннык ыксаллаах балаһыанньаҕа өрүүтүн ылларар нэһилиэк баһылыга хайа күн дуоһунаһыгар олоруоҕуттан, кыһыҥҥы суол баарына, куорат сыанатынан күннээҕи наадалаах бородууктаны эрдэттэн хаһаанан атыылаһан кэбиһэр. Ол бородууктарын биирдэ атыылаан кэбиспэккэ, сайыны быһа удамыр сыанаҕа кэмнээн атыылыыр буолан, сордонноохтор кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри сөптөөх бородууктанан хаааччыллылаахтар. Муосталара алдьанан, айанньыттар Куйдуһун үрэҕи эмиэ сатыы хааман, эрэһиинэ оҥочонон туораан эрэйдэнэр буоллулар. Бэлиэтээн эттэххэ, үс сыллааҕыта бу нэһилиэк эр дьоно хочуолунайдарын үлэҕэ киллэрээри, уу түспүтүн кэннэ, улахан турбалары биэрэктэн биэрэккэ сатыы санныларыгар сүгэн таспыттаахтар.

Улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров Индигир Эбэ эмискэ улаатан, улуус нэһилиэктэрэ бары да ыксаллаах балаһыанньаҕа киирдилэр диэн бэлиэтиир. Төрүт нэһилиэгэр эмиэ уу тахсыа диэн бэлэм олороллор. Онон баһылык улууска ыксаллаах быһыы- майгы балаһыанньатын киллэрэн, бырабытылыстыба хамыыһайата миэстэтигэр көрөн-истэн барарыгар үлэлэһэн эрэбит диэн иһитинэрдэ.

Өймөкөөн улууһун үрдүк очуос хайалар тулалыыр буолан, уһуннук түспүт ардахтан Индигир уонна Элги өрүстэр эмискэ хааларыттан таҕыстахтарына, дохсун сүүрүк барытын тоҕо солоон ааһар кутталлаах. Онон Өймөкөөн улууһугар бу күннэргэ олус уустук балаһынньа үөскээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар