Бу күннэргэ «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэригэр өссө биир үөрүүлээх түгэн тосхойдо. СӨ Суруналыыстарын сойууһун мунньаҕар суруналыыстыка бэтэрээнигэр Иван Ксенофонтовка «Биир идэлээхтэр түмсүүлэригэр үтүөлэрин иһин» иһин диэн Арассыыйатааҕы таһымнаах суруналыыстар анал бириэмийэлэрэ туттарылынна.
«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара ытыктыыр киһибит Уйбаан Уйбаанабыс сахалыы тылынан тахсар өрөспүүбүлүкэ хаһыатын үлэтигэр өйүн-санаатын, кыһамньытын, билиитин-көрүүтүн барытын биэрбит ураты дьаныардаах хаһыаччыт.
Уйбаан Силиги суруналыстыкаҕа 40-ча сыл бэриниилээхтик үлэлээн кэллэ. Кини хаһыаччыт доҕотторугар — «халлаан дьонугар» — анаабыт хоһоонугар бэлиэтииринии, ахсыс халлаан хаттыгыттан айдарыылаах кэлэн, бу маннык дириҥ ис хоһонноох суруналыыстар бириэмийэлэригэр тигистэҕэ.