23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ирина Алексеева: Туризм Саха сирин куораттарын уонна сэлиэнньэлэрин сайдыыларыгар тирэх буолуохтаах

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөн сэлиэнньэтин туристическай кластерын сайыннарыыга оҥоһуллубут бырайыак «Тымныы полюһун» эрэ өрө таһаарыыга буолбакка, өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар туттуллуон сөп. Бу туһунан СӨ кылаабынай архитектора «ГТРК Саха» ханаалыгар быһа эфиргэ кэпсээтэ.


Ирина Алексеева эппитинэн, куонкурус сүрүн соругунан XXI үйэҕэ туризмы сайыннарыыга кыайыылаах архитектордартан саҥа идеялары, этиилэри ылар соруктаах. Манан предпринимателлэр эрэ буолбакка, тупсаҕай, кэрэ уонна нус бараан эбийиэктэри көрдөрөр дьон дьарыктаныахтаахтар.

«Экспердэри, архитектордары кытта бииргэ үлэлээһин тиийбэт. Саха сиригэр элбэх омук туриһа кэлэр, онно биһиги кинилэр баҕа санааларын учуоттуохтаахпыт. Этиилэри уонна идеялары хомуйуу саҕаланна, ол кэнниттэн бастыҥ таһымнаах өҥөнү оҥорууну ситиһиигэ, инфракстууктураны сайыннарыыга, туристары кэрэхсэтиигэ саҥа механизмнары киллэриигэ хардыылары саҕалыахпыт«, — диэтэ кини.

Алексеева этэринэн, бырайыакка Өймөкөөн уонна Томтор сэлиэнньэлэрин сайыннарыыга маастар-былаан бэлэмнииргэ сорук туруоруллар.

«Биһиги туризм куораттар уонна сэлиэнньэлэр сайдыыларыгар тирэх буолуохтаах диибит. Куонкуруска киллэриллибит идеялары муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара бэйэлэрин бу хайысхаҕа үлэлэригэр туһаныахтарын сөп. СӨ архитектураҕа управлениетыгар этиэххитин сөп, биһиги матырыйаалларынан көмөлөһөргө бэлэммит», — диэн түмүктээтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА