24 Сэтинньи 24.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ил Түмэн булчут ыттары эһэҕэ тургутууну хааччахтыыры утарарын биллэрдэ

09:35, 23 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Госдума дьокутааттара ааспыт сыл ахсынньы 20 күнүгэр үһүс ааҕыыга «Булт туһунан уонна булт ресурсаларын харыстааһын туһунан» федеральнай сокуон кыылга-сүөлгэ сидьиҥник сыһыаннаһары бохсор чааһыгар уларытыы киллэриллэрин өйөөн ылыммыттара. Ону Федерация Сэбиэтэ ахсынньы 26 күнүгэр көрөн баран аһарбатаҕа, ол оннугар Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа тэрийэн, булчут ыттары уонна булду тутар көтөрдөрү уһуйуу көрүҥнэринэн үөрэтэн түмүк оҥорорго, онуоха субъектар санааларын билэргэ этии киллэрбитэ.


Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыаннааҕын ойуччу ылан эттэххэ, кыылы-сүөлү көмүскээччилэр түмсүүлэрин туруорсууларынан уларытыы киллэрэ сатыыр төрүөттэрэ маннык: ыттары булка уһуйалларыгар кыылы (эһэни, о.д.а.) баайан туран, ытыртаран, тырыта-хайыта тартаран эрэйдииллэр-муҥнууллар, ол иһин булчут боруодалаах ыттар уонна кыыллар икки ардыларыгар хаххалыыр-бүөлүүр конструкция (тимир килиэккэ эбэтэр халыҥ, бөҕө өстүөкүлэ) туттуллуохтаах диэн.

Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа б.дь. тохсунньу 25 күнүгэр тыҥырахтаах көтөрдөрү булду тутарга уһуйууну итиэннэ барсугу, еноту, саһылы уйаларыгар ытынан бултааһыны көрөн баран, үһүс түһүмэҕинэн булчут ыттары эһэҕэ тургутууну көрөрө күүтүллэр. Ол кэнниттэн бүтэһиктээх быһаарыы олунньу 10 күнүгэр ылыллыахтаах.

Онно харда биэрэргэ бэлэмнэнэн, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтэ бу боппуруоска сыһыаннаах чунуобунньуктары, уопсастыбанньыктары тохсунньу 18 күнүгэр ыҥыран мунньахтаабыта уонна оробуочай бөлөх тэрийэн, федеральнай таһымҥа сурук суруйан ыытарга быһаарбыта. Ол түмүгэр бүгүн, тохсунньу 22 күнүгэр, сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев илии баттааһыннаах суругу Госдума айылҕа баайыгар, бас билиигэ уонна сир сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа хос бэрэссэдээтэлэ Н.П.Николаев, Федерация Сэбиэтин аграрнай, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ М.П.Щетинин, ити кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа хос бэрэссэдээтэлэ В.А.Лебедев, Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ В.А.Штыров, А.К.Акимов, Госдума дьокутаата Г.И.Данчикова ааттарыгар ыыталаатылар (сурук тиэкиһин аллара ыйыллыбыт ссылканан киирэн ааҕыҥ).

Госдума сурук по притравке-1

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА