Үөһээ Бүлүүгэ Саха сиригэр биир бастыҥ оскуолаларыттан биирдэстэрэигэр, СССР народнай учуутала Михаил Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернатка хапытаалынай өрөмүөн түмүктэнэн эрэр. Үлэ хаамыытын өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ уонна регион бырабыыталыстыбатыгар дьиэни ититэргэ эбии үбүлээһини аныырга сорудахтаата.
Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэ фасадын саҥардыы түмүктэнэн эрэр. Ититэр ситими уларыппыттара, оскуола үһүс мэндиэмэнин өрөмүөннээбиттэрэ. Химия, физика уонна биология кылаастарыгар саҥа цифровой оборудованиены туруоруохтара.
Николаев этэринэн, өрөмүөн хаачыстыбата олус үрдүк. Лицей дьиэтин 2000 сыллаахха киллэрбиттэрэ. Билигин манна өрөмүөн үөрэх объектарын модернизациялааһын федеральнай бырагырааматынан ыытыллар.
Санатан эттэххэ, быйыл федеральнай бырагырааманан Саха сирин 38 оскуолаларыгар саҥардыы уонна хапытаалынай өрөмүөн барар. Үөһээ Бүлүүгэ хапытаалынай өрөмүөн 1 №- дээх оскуолаҕа эмиэ ыытылынна.