4 Ахсынньы 04.12
  • -27°
  • $ 106,19
  • 112,02

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сирэ «Аныгы кампустар тиһиктэрин оҥоруу» федеральнай куонкуруска кыттыаҕа

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
От ыйын 1 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлээтэ. 2020 сылга олохтоммут саҥа бырааһынньык өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын култуураларын уонна тылларын чөл хаалларарга сүҥкэн суолталаах. Бу күн 1907 сыллаахха оччотооҕу кэм интеллигенциятын бас-көс киһитэ Василий  Никифоров – Күлүмнүүр көҕүлээһининэн «Саха дойдута» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Ол национальнай суруналыыстыка үөскүүрүгэр уонна литературабыт тыла сайдарыгар олук буолбута. Билигин өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларынан сонуну киэҥник тарҕатар 208, ол иһигэр 32 электроннай, 92 бэчээттэнэн тахсар уонна 84 ситим сириэстибэтэ баар.

«Суруналыыстар гражданин быһыытынан бигэ көрүүлэрэ, дириҥ билиилэрэ уонна дойду олоҕор истиҥ сыһыаннара баар чахчыны биллэрэргэ, дойдубут кэлэр кэскилин иһин туруулаһыыга кыайыыга итэҕэлбитин бөҕөргөтүүгэ төһүү буолар. Бу үтүө күн бэчээт бэтэрээннэригэр, суруналыыстарга, полиграфистарга  сыралаах  үлэҕит, саҥа көлүөнэни иитэн таһааргаргыт иһин дириҥ махталбын биллэрэбин» – диэн Ил Дархан эҕэрдэтигэр этиллэр.

От ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бэлиэ күнү олохтуур туһунан Ил Дархан 2021 сыл ахсынньы 9 күнүгэр ыйаах таһаарбыта. Бу күн 1945 сыл кэнниттэн байыаннай дьайыыларга, локальнай сэриилэргэ уонна сэбилэниилээх киирсиилэргэ кыттыбыт, судаарыстыбабыт национальнай интэриэһин, гражданнар эйэлээх олохторун саа-саадах тутуурдаах көмүскээбит Саха сирин олохтоохторун кылааттарын билинэр сыалтан бэлиэтэнэр. Кинилэр бэйэлэрин ытык иэстэрин аан дойду араас муннуктарыгар чиэстээхтик толорбуттара, күн бүгүн Аҕа дойдубут көҥүлүн, тутулуга суоҕун уонна бигэ туруктаах буолуутун туруулаһаллар. Байыаннай дьайыыга сылдьан, эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут саллааттары кэриэстээн, кинилэр сырдык ааттарын кэриэстиибит. Саха сирин байыастара нацистары утары билигин хорсуннук киирсэ сылдьаллар. Кыайыы биһиги туспутугар буолуоҕа! Бары бэтэрээннэргэ аҕа көлүөнэ кыайыылаах үгэстэрин салгыылларын, дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун ыччакка тиэрдэн, патриотическай иитиигэ көхтөөхтүк кытталларын иһин махтанна.

От ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар ыыппыт мунньаҕар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕын толорууга уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ болҕомтону күүһүрдэллэригэр эттэ. Билигин тирээн турар боппуруостарынан тутуу инфраструктурата – олорор дьиэни, оскуолалары уонна атын да социальнай эбийиэктэри тутуу буолар.

Айсен Николаев от ыйын бастакы декадатыгар улахан суолталаах түгэннэригэр тохтоото. Чугастааҕы кэмҥэ Ил Дархан салалтатынан көһө сылдьар мунньаҕы илин эҥэр улууһугар ыытары соруйда. Онно тыа хаһаайыстыбатын салаатын боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ. «Курааннарынан сибээстээн оту уонна аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ быһыы-майгы тыҥааһыннаах. Улуустар баһылыктарын кытта тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар балаһыанньаларын көрүөххэ наада», — диэн эттэ Айсен Николаев.

 От ыйын 1 күнэ. Эрэгийиэн баһылыга ойуур баһаардарын кытта охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, туһааннаах сулууспалар үлэлэрин түмүгүнэн ойуур баһаарын иэнэ аччаабыт. Оттон федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ уоту кытта охсуһууну өссө көдьүүстээх оҥоруоҕа. Бу ордук суһаллык федеральнай резервэни бэйэҕэ тардарга, федеральнай структуралар күүстэрин түргэнник аттарыыга көмөлөһүөҕэ диэн эттэ. Уустук балаһыанньа Өлүөхүмэ уонна Уус-Маайа улуустарыгар бэлиэтэнэр. Бу улуустарга сулууспалар эбии көмөҕө кэлэллэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр ойуур баһаарын куттала суоһаабат.

От ыйын 2 күнэ. Бу күн өрөспүүбүлүкэҕэ Өлүөнэ өрүс күнэ бэлиэтэнэр.  «Саха сиригэр Өлүөнэ өрүс күнүн 2013 сылтан бэлиэтиибит. Үгэс курдук бу күн субуотунньуктуубут, экологическай акциялары ыытабыт. Былырыын Өлүөнэ кытыл сирдэрин ыраастыырга экомарафон ыытыллыбыта, Ленскэй куораттан саҕалаан Тиксии бөһүөлэгэр тиийэ олохтоохтор тахсан онно кыттыбыттара. Итинник хас биирдиибит бэйэбит сирбитигэр ырааһы, бэрээдэги олохтуурга, экологическай туругун тупсарарга кылааппытын киллэрэр кыахтаахпыт. Биһиги өрүспүт, биһиги киэн туттуубут бэйэтин ыалдьытымсах кытылыгар олорор дьонун-сэргэтин олоҕун үйэлэр тухары арчылыы, араҥаччылыы турдун!» – диэн Ил Дархан эҕэрдэтигэр этиллэр.

От ыйын 2 күнэ.  Айсен Николаев Москваҕа «Дьоруойдар кэмнэрэ» Бэрэсидьиэн бырагырааматынан үөрэнэ сылдьар Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргинныын көрүстэ. «Игорь «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагырааманан хайдах үөрэнэ сылдьарын кэпсээтэ. Бу бырагыраамаҕа киирэн, кини бастыҥ спикердэргэ уонна преподавателлэргэ уһуйулларыттан астынарын эттэ. Үөрэҕин кэмигэр кыттааччыларга настаабынньыктары сыһыараллар – мин Игорьга настаабынньык буолбуппунан киэн туттабын. Көрсүһүү кэмигэр байыаннай сулууспалаахтары салгыы хайдах өйүүрбүтүн, сулууспаларын кэнниттэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэриини хайдах  баралларын дьүүллэстибит», — диэн санаатын үллэһиннэ Айсен Николаев.

 От ыйын 3 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт стратегическай сессиятыгар кыттан, «Доруобуйа харыстаьылыгар саҥа технологиялар», «Саҥа атомнай уонна энергетическай технологиялар», «Саҥа матырыйааллар уонна химия» диэн  национальнай бырайыактары бэлэмнээһин туһунан ырытыстылар. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин доруобуйа харыстабылыгар, демографияҕа туруорар сыала-соруга медицина наукатын уонна аныгы технологияны сайыннарыыны, чинчийэр үлэҕэ аныгы ньымалары, саҥа препараттары, искусственнай интеллегы олоххо киллэриини ирдиир. Саҥа национальнай бырайыактар үгүс пууннара, ол иһигэр дьоҕус кыамталаах атомнай станциялары тутууга, сэдэх металлары оҥорон таһаарыыга Саха сиригэр тоҕоостоохтор. Стратегическай сессия түмүгүнэн бырайыактар тутаах хайысхалара чопчуланнылар.

 От ыйын 3 күнэ. Айсен Николаев «Экэниэмикэ уонна үп-харчы» хайысхаҕа Судаарыстыбаннай сэбиэт хамыыһыйата креативнай индустрияны сайыннарыы уонна судаарыстыба өттүттэн өйөөһүн боппуруостарын көрбүтүгэр кыттыыны ылла. Владимир Путин ыам ыйынааҕы ыйаахха ыйбытынан, креативнай индустрияны экэниэмикэҕэ оруолун үрдэтэр национальнай сыал-сорук быһыытынан туруорбута. Маныаха Саха сирэ биир бастыҥ көрдөрүүлээх буолан, биһиги уопуппут эрэгийиэннэргэ стандарт быһыытынан тарҕанар. 2019 сыллаахха субъектартан бастакынан креативнай экэниэмикэҕэ Концепция ылыммыта. 2030 сылга бу эйгэҕэ үлэлиир киһи ахсаана 70 тыһ. диэри улаатыахтаах.

От ыйын 3 күнэ. Ил Дархан Москваҕа «Креативная экономика» АНО генеральнай дириэктэрэ Марина Абрамованы кытта креативнай индустрияны сайыннарыыга бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристэ. Бу салааҕа холбоһуктаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара, информационнай өйөбүл оҥоһуллуоҕа. 2025 сыл бэс ыйыгар «Арассыйатааҕы креативнай нэдиэлэ» форум ыытыллыаҕа, сыыппара технологиятын уонна контенын сайыннарыы тула кэпсэтии барыаҕа.

Быйылгы «Арассыйатааҕы креативнай нэдиэлэ» форум чэрчитинэн Айсен Николаев Саха сирин уопутун үллэһиннэ уонна саҥа стратегическай бырайыактар тустарынан кэпсээтэ. Холобур «Үлэ кыбаартала» кластер киинэни, анимацияны, компьютернай онньууну оҥорооччулары, искусственнай интеллекка үлэлэһэр специалистары түмэрин, 2027 сылга тутуллар киинэ павильонун тустарынан кэпсээтэ.

От ыйын 4 күнэ. Ил Дархан Опера уонна балет театрын 53-с сезонун сабыллыытыгар сырытта. Кини театр кэллэктиибин сезону ситиһиилээхтик түмүктээбитин, «Ньургун Боотур» опера аан бастаан тас дойдуларга – Казахстаҥҥа, Кыргызстаҥҥа  көрдөрүллүбүтүн бэлиэтээтэ.

Бу күн театр иннигэр Доҕордоһуу болуоссатыгар улахан гала-кэнсиэр ыытылынна. Манна Арассыыйа норуодунай артыыһа Айталина Адамова аатынан иккис норуоттар икки ардыларынааҕы опера ырыаһыттарын куонкурсун кыайыылаахтарын чиэстээтилэр.  Айсен Сергеевич Айталина Саввична Адамованы-Афанасьеваны үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархан грамотатын туттарда. Куонкурска быйыл Монголияттан, Белоруссияттан, Кытайтан, Францияттан, Арассыыйаттан 23 ырыаһыт кытынна. Кыайыылааҕынан Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрын солиһа Екатерина Корякина ааттанна.

От ыйын 4 күнэ. Айсен Николаев салайыытынан РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин үөрэхтээһиҥҥэ «Орто анал үөрэхтээһин» хайысхатынан оробуочай бөлөх мунньаҕар выпускниктары бэлэмнээһин, устудьуоннары идэҕэ туһаайыы бырайыактары, итиэннэ эрэгийиэн уопутун көрдүлэр.  Мунньахха федеральнай уонна субъектар салалталарын бэрэстэбиитэллэрэ, билим, бизнес эйгэтин үлэһиттэрэр кытыннылар. Ил Дархан идэҕэ туһаайыыны сэргэ оскуола оҕолоро тэҥинэн колледжка үөрэнэр кыахтаныахтарын, итинник бырайыак 2024 сыл балаҕан ыйыттан Саха сиригэр олоххо киириэҕин иһитиннэрдэ. Маны сэргэ Владимир Путин «Каадырдар»диэн саҥа национальнай бырайыагы көҕүлүүрүн биһиги  өйүүбүт диэн эттэ. Мунньахха колледжтарга педагогтары үлэҕэ тардар ньымалары, орто анал үөрэх устудьуоннарын материальнай өттүнэн өйөөһүн, колледжтар  базаларын бөҕөргөтүү боппуруостарын таарыйдылар.

От ыйын 5 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна гражданскай оборуона дьыалаларыгар миниистирин  солбуйааччыта Виктор Яцуценконы кытары көрүстэ. «Киэҥ сиринэн-уотунан тайаан сытар Саха сирэ айылҕа араас содулугар түбэһэр. Ону суһаллык туоратарга, суох оҥорорго биһиэхэ МЧС куруук көмөлөһөр. Биһиги миниистир Александр Куренковка, эйиэхэ уонна биэдэмистибэ салалтатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ көмөҕүт иһин махтанабыт. Быйыл федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны киллэрэр туһунан этиибитин министиэристибэ өйөөн ылылынна«, — диэн этэр Айсен Николаев.

Сааскы халаан туһунан кэпсэтиигэ гидрологическай кэтээн көрүү ситимин уонна Нам улууһугар халаантан харыстыырга техническэй тутуулар тиһиктэрин тупсарыы наадатын бэлиэтээтилэр. Эрэгийиэҥҥэ ойуур баһаардарыгар уоту утары охсуһууга МЧС авиацията — Бе-2 амфибия-салгын аала уонна уу кутардаах икки Ми-8  бөртөлүөт үлэлии сылдьаллар. Балаһыанньаны кэтээн көрүүгэ Орлан-10 диэн пилота суох комплекс эмиэ туттуллар. Виктор Яцуценко Саха сиригэр хаста да айылҕа содулун туоратыыга кыттыбыта, ол иһигэр 2001 сыллаахха Ленскэй халааныгар үлэлэспитэ.

 От ыйын 5 күнэ. «Азия оҕолоро» оонньууларга Саха сирин бастакы хамаандатыгар Айсен Неустроев буоксаҕа кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Кини Казахстан боксера Темирхан Жолмаханы кытта 52 кг диэри ыйааһыннаахтарга киирсэн, кыайыыны ситистэ.«Буокса — биир саамай уустук уонна болҕомтону тардар көрүҥ. Бэрт тыҥааһыннаах киирсии буолла. Биһиги спортсмеммыт тулуурдааҕын, дьулуурдааҕын уонна үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрөн, кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ! Айсены кыайыытынан уонна хамаанданы барытын турнирга ситиһиилээхтик кыттыбыттарынан эҥэрдэлиибит!  Эдэр спортсменнарга чиэһинэй уонна кыраһыабай киирсиилэрин иһин махтанабыт!  Эһиги ситиһиилэргит саҥа кыайыыларга тирэх буола турдунар», — диэтэ Ил Дархан.

Айсен Неустроев — Уус Алдаҥҥа буокса оскуолатыгар дьарыктанар. Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥэ 2024  сылга бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕа, Казахстаҥҥа 2023  сыллаахха буолбут Серик Конакбаев бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа.

Күрэхтэһии чэрчитинэн Ил Дархан РФ Буоксаҕа федерациятын толоруулаах кэмитиэтин чилиэнэ, генеральнай сэкирэтээр Татьяна Кириенко успуорт бу көрүҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ сайдыытын туһунан дьүүллэстилэр. Татьяна Кириенко «Азия оҕолоро» үрдүк таһымнааҕын уонна күрэхтэһии кыттыылаахтара үчүгэй бэлэмнээхтэрин бэлиэтээтэ. Уһук Илиҥҥэ буокса сайдыытын, Саха сирэ успуорт бу көрүҥэр ураты миэстэни ыларын эттэ. Федерация тыа сирин тириэньэрдэрин өйүүргэ үлэтэ саҕаламмытын иһитиннэрдэ.

 От ыйын 5 күнэ. Ил Дархан «Хотугу сулус» оҕо сынньалаҥын киинин тутуу хаамыытын билистэ. Сылы быһа үлэлиир, 350 миэстэлээх лааҕыр Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киллэриллибит, былырыын дойду Бэрэсидьиэнэ бигэргэппит дьоһун суолталаах социальнай инфраструктурнай бырайыактартан биирдэстэрэ. Ил Дархан бэлиэтээн эппитинэн, эбийиэк бу сыл бүтүөр диэри туттарыллыахтаах. Билигин эбийиэккэ тутуу-таҥар үлэтэ тэтимнээхтик ыытыллар. Тутуу былаһааккатыгар 125 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлиир. «Хотугу сулус» өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан уонна оҕолору эбии үөрэтии сүрүн эбийиэгинэн буолуоҕа.

 От ыйын 6 күнэ. Ил Дархан уонна Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко Саха сиригэр наука уонна үөрэхтээһин, успуорт сайдыытын, эрэгийиэн туризмҥа кыахтарын олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Дмитрий Чернышенкоҕа Дьокуускайга «Азия оҕолоро» оонньуулары ыытыыны өйөөһүн иһин махтанна. Дойду Билимҥэа уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ күрэхтэһиилэр кыттааччылара түспүт ХИФУ уопсайдарын өрөмүөнүн үбүлээбитэ. Дмитрий Чернышенко Айсен Николаевы «Эрэгийиэн эдэрдэргэ» федеральнай куонкуруска кыайыынан эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ бырагыраамата 10 кыайыылаах иһигэр киирэн, 128 мөл. солк. өйөбүлү ылбыта. Онон сотору Дьокуускайга Ыччат киинэ баар буолуоҕа. Дмирий Чернышенко Саха сиригэр успуорт эйгэтэ тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтээтэ. Эрэгийиэн успуорт инфраструктуратын сайыннарарга хас да сыл устата федеральнай бүддьүөттэн 1,1 млрд солк. тахса үбү «Успуорт -– олох нуормата» уонна «Биисинэс-спринт (Мин успуорду талабын)» федеральнай бырайыактарынан ылыаҕа.

Айсен Николаев уонна Дмитрий Чернышенко саҥа «Звезднай» кыбаарталга  сабыылаах каток тутуутун хаамыытын көрдүлэр. Эбийиэк «Успуорт – олох нуормата» федеральнай бырайыагынан тутуллар. Билигин тутуу 45% бэлэм. Бу сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.

«Ирбэт тоҥ саарыстыбата» туристическай комплекска Айсен Николаев  Дмитрий Чернышенкоҕа Саха сирин туризмын сайдар кыаҕын билиһиннэрдэ. Кэнники 5 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ туристар кэлиилэрэ 18% элбээтэ. 2023 сылга Саха сиригэр 235 тыһ. тахса турист сырытта. 2023-2024 сылларга федеральнай бүддьүөттэн туризмы сайыннарарга 310 мөл. солк. кэриҥэ үп бэриллибитэ. Ону таһынан модульнай гостиницалар оҥоһуллуохтара. Дойду Туризмҥа корпорацията кыттыылаах Дьокуускайга 150 нүөмэрдээх отель тутуллар. Саха сиригэр туризмы сайыннарыы стратегията бэлэмнэнэр, онно ураты болҕомто экология туризмыгар уонна агротуризмҥа ууруллуоҕа.

Ил Дархан, Дмитрий Чернышенко уонна РФ үөрэхтээһиҥҥэ миниистирин солбуйааччыта Татьяна Васильева Хатаска П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан орто оскуолаҕа сырыттылар. «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут сыһыары эбийиэк ааспыт сылга үлэҕэ киллэриллэн, оҕолор биир симиэнэҕэ үөрэнэллэр. Оскуола үөрэххэ, иитиигэ аналлаах аныгы тэриллэринэн хааччыллыбыта. Манна агро-биисинэс хайысхатынан «В» категорияҕа машинист-тырахтарыыска үөрэтэллэр. «Автодело» арыйар былааннаахтар. Былырыын мүнүүтэҕэ 80 бакыат кучу чэйи хатарар, суулуур саҥа тэрили атыыласпыта. Бородууксуйаны байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар ыыталлар. Дмитрий Чернышенко оскуолаҕа успуорт тэриллэрин атыылаһарга сэртипикээттэри бэлэхтээтэ.

Салгыы Ил Дархан, Дмитрий Чернышенко Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэх кыһата сайдыытыгар анаммыт бырайыактары көрдүлэр. Билигин өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар «Аныгы кампустар тиһиктэрин оҥоруу» федеральнай бырайыактар куонкурустарыгар кыттарга сайаапканы бэлэмниир. Дьокуускайга суперкампус 10,5 га иэннээх тутуллара былааннанар, эбийиэктэр уопсай иэннэрэ 132 тыһ. кв.м. тэҥнэһиэҕэ. Дмитрий Чернышенко Саха сирин салалтата ХИФУ базатыгар аан дойдутааҕы таһымнаах кампус баар буоларын өйүүр, эрэгийиэн бу киэҥ федеральнай бырайыак чааһа буоларыгар эрэнэбит диэн эттэ. Айсен Николаев бырайыак Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирбитин бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев уонна Дмитрий Чернышенко Арассыыйа киберспорт Counter-Strike 2 көрүҥҥэ чемпиона, Саха сирин «HOTU» (Хоту) хамаандатын кытта көрүстүлэр. Вице-премьер дойдуга 300-тэн итэҕэһэ суох фиджитал-киин тэриллиэҕин, онтон 19- һа тирэх киин буолуоҕун, Саха сиригэр оннук киин тэриллиэн сөбүн туһунан эттэ.  Ил Дархан «HOTU» (Хоту) дойду биир бастыҥ хамаандата буоларын, эһиил Дубайга буолар күрэхтэһиигэ кыттарга былаанныырын  бэлиэтээтэ.

Ил Дархан уонна Дмитрий Чернышенко VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуулар волонтердарын уонна кыттыылаахтарын кытта көрүстүлэр, кинилэр боппуруостарыгар эппиэттээтилэр. Волонтердарга оонньуулар үрдүк таһымҥа ыытыллыбыттарыгар кылааттарын иһин махтаннылар. Ол курдук, Саха сириттэн 1677, дойду 42 эрэгийиэниттэн уонна тас дойдулартан 223 волонтер үлэлээтэ. Онтон күрэхтэһиилэргэ 24 дойдуттан уонна Арассыыйаттан 30 команда кытынна. Көрсүһүү кэннэ волейбол күрэхтэһиитин көрдүлэр, кыайыылаахтары наҕараадалаатылар.

Айсен Николаев Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа «Азия оҕолоро» успуорт оонньууларын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ кытынна. Ил Дархан эдэр спортсменнарынан киэн туттабыт диэн эттэ, тэрийээччилэргэ, судьуйаларга, тириэнньэрдэргэ, волонтердарга махтанна, бары түмсэн, оҕо саас, доҕордоһуу чаҕылхай бырааһынньыга бэркэ ааһарын ситистибит диэн бэлиэтээтэ. Азия олимпийскай сэбиэтигэр, Арассыыйа олимпийскай кэмитиэтигэр, Бырабыыталыстыбатыгар уонна дойду Бэрэсидьиэнигэр тус болҕомтотун, өйөбүлүн иһин махталын тириэртэ. Айсен Николаев 36 кыһыл көмүс мэтээли ылбыт Узбекистан, 31 кыһыл көмүс мэтээллээх Сибиир уокуругун, 27 кыһыл көмүс мэтээллээх Беларусь, уонна 25 кыһыл көмүс мэтээллээх Саха сирин бастакы хамаандаларын бэлиэтээтэ.

Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар үлэлээтэ. Чульмаҥҥа 350 миэстэлээх оскуола тутуутун, Серебрянай Борга оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ. Чульмаҥҥа оскуола эһиил сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Билигин тутуу графиктан хаалан иһэр. Ил Дархан эбийиэккэ үлэһит ахсаанын элбэтэргэ сорудахтаата уонна биир ыйынан бэрэбиэркиэҕин туһунан бэлиэтээтэ. Серебрянай Борга үлэ графиктан эрдэлээн иһэр, бу ый ортото түмүктэниэҕэ.

Ил Дархан 2025 сылга Нерюнгрига Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруостарын көрдө. Ыһыах ыытыллыахтаах хайа хайыһарын баазатын сирин, түһүлгэлэр, ураһалар былааннарын, Аал Луук Мас тутуллуохтаах миэстэтин көрдө. Манна инникитин олохтоохтор уонна туристар сынньанар миэстэлэрэ буолуоҕа. Билигин үлэ саҕаланан, киирэр суолу, сири-уоту кэҥэтии ыытыллар. Ыһыах кэнсиэпсийэтин бырайыага торумнанар. Айсен Николаев ыһыах ыытыллар күннэрин быһаарарга, тэрийэр-техническэй былааны оҥорон киллэрэргэ сорудахтаата.

Айсен Николаев Нерюнгритээҕи лесничествоҕа сылдьан, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ уонна кинилэр үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата. Лесничество көрөр-истэр зонатыгар нэһилиэнньэлээх пууннарга ойуур баһаара кутталы үөскэппэт. Үлэһиттэр кэмигэр сэрэтэр үлэлэри ыыталлар, хонтуруоллууллар, ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлэһэллэр.

Ил Дархан ойуур баһаардарынан ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Билиҥҥитэ быһыы-майгы тыҥааһыннаах. Айсен Николаев Алдан, Өлүөхүмэ улуустарыгар баһаары бохсор күүстэр ахсааннарын уонна кыахтарын элбэтэр, умуруоруллубут баһаардары кэтээн көрөр, нэһилиэнньэлээх пууннартан 15 км тэйиччи баһаардары суһаллык умулларыыны хааччыйар соруктары туруорда.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Куйаас, ардаҕа суох күннэргэ от үлэтэ, сир аһын хомуйуута саҕаланан, саха омугун үгэһинэн кэлэр кыстыкка бэлэмнэнэр эппиэттээх кэммитигэр таһаарыылаах үлэни, чэгиэн туругу баҕарабын!

Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА