Бэс ыйын 13 күнэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2023 сылга уолаттарга буоксаҕа Арассыыйа уонна Саха сирин үтүөлээх тириэнньэрэ Артур Пахомов кэриэһигэр аан дойдутааҕы турнир ыытыллыа. Бу туһунан Айсен Николаев дойду сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэнньэрэ Виктор Фархутдиновы кытта көрсүһүүтүгэр кэпсэттилэр.
Виктор Фархутдинов Ил Дархаҥҥа буокса аан дойдутааҕы ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Умар Кремлёв уонна дойду буоксаҕа федерациятын генеральнай сэкирэтээрэ Татьяна Кириенко эҕэрдэлэрин тириэртэ. Саха сиригэр доҕоро Артур Пахомов сырдык кэриэһигэр сүгүрүйэ анаан кэлбитин, кини дойдутугар Ньурбаҕа бара сылдьыбытын туһунан кэпсээтэ. Дьокуускайга ыытыллар буоксаҕа Уһук Илин чемпионатыгар кыттарын туһунан эттэ. Дойду сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэнньэрэ буокса сайдарыгар Саха сиригэр утумнаах үлэ ыытылларын иһин Ил Дархаҥҥа махтанна.
Бэс ыйын 14 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар — Саха сирин олохтоохторугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруо. Ол туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүктэрин отчуоттууругар эттэ. Өрөспүүбүлүкэ дойду салалтатын байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туһуламмыт көмө миэрэлэрин барытын өйүүрүн бэлиэтээтэ. Ол курдук, оҕолоро үрдүк үөрэххэ бүддьүөт миэстэтигэр киириэхтэрэ.
Бэс ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев Ил Түмэн уочараттаах XXXVIII пленарнай мунньаҕар ситэриилээх былаас 2021 сыллааҕы үлэтин түмүктэрин отчуоттаата. Ааспыт сылга Бырабыыталыстыба хамсык, ойуур баһаардарын кэмигэр суһал ыстаап курдук биир ситимнээхтик үлэлээбитин бэлиэтээтэ. Эрэгийиэн экэниэмикэтин тупсарыыга, социальнай эйгэҕэ, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ, бүддьүөт туолуутугар ыытыллыбыт үлэҕэ сиһилии тохтоото. Доруобуйа харыстабылын анал бырагырааматыгар уопсайа 6,6 млрд солкуобайдаах үбүлээһин ситиһиллибит, онтон бу сылга — 2,4 млрд солкуобай. Ил Дархан ойуур баһаарын сэрэтиигэ уонна бохсууга улахан үлэ барбытын, миэстэтигэр олохтоохтор түмсүүлээхтик турууласпыттарын туһунан эттэ. Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан «АЛРОСА», онтон да атын хампаанньалар, нэһилиэнньэ көмөлөрүнэн кылгас кэм иһигэр «Кэскил» түөлбэ чөлүгэр түһэриллибитэ. Федеральнай таһымҥа ойуур хаһаайыстыбатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан Саха сирин этиилэрин дойду аҕа баһылыга өйөөн, үбүлээһин быйыл 5,5 төгүл үрдээбит, материальнай-техническэй хааччыллыы бөҕөргөөбүт.
Бэс ыйын 14 күнэ. Ил Дархан Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр оскуола саҥа дьиэтин бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх түгэнигэр кытынна. Санаттахха, ааспыт сылга ойуур баһаардарын содулун боппуруостарынан Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр сүбэ мунньахха Айсен Николаев этиитин өйөөн, Владимир Путин оскуоланы тутарга сорудах биэрбитэ. Онон 150 миэстэлээх, икки мэндиэмэннээх таас дьиэни тутуу саҕаланна. Эбийиэк федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ үбүнэн тутуллар. Былаан быһыытынан 2023 сылга үлэҕэ киириэхтээх. Билигин оҕолор 1982 сыллаахха тутуллубут мас дьиэҕэ үөрэнэллэр. Бастакы мэндиэмэнэ олус тымныытын бэлиэтииллэр.
Бэс ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев Үлэ Дьоруойа Владимир Михайловы кытта көрүстэ. Сунтаар улууһун «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин аатырбыт ыанньыксыта Ил Дархаҥҥа Москваҕа сырыытын туһунан кэпсээтэ. Бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнүгэр, Кремльгэ дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Владимир Михайловка «РФ Үлэ Дьоруойа» мэтээли туттарбыта. Владимир Африканович дойду аҕа баһылыгын илиититтэн үрдүк наҕарааданы ылыы олус долгутуулааҕын эттэ. Владимир Путин тэрээһин иннинэ кэлэн илии тутуспут, салгыы таһаарыылаах үлэни баҕарбыт. Наҕараадалары туттарыы кэнниттэн Владимир Михайлов сэлиэнньэтигэр 400 миэстэлээх сүөһү иитэр комплексын уонна култуура дьиэтин тутууну туруорсубут. Бэрэсидьиэн боппуруостар быһаарыллыахтара диэн эрэннэрбит. Үлэ Дьоруойа доруобуйам кэминэн, онон өссө даҕаны 5-6 сыл үлэлиэм диэн санаатын үллэһиннэ. Владимир Африканович өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк салалталарыгар өйөбүллэрин иһин махтанна Айсен Николаев Үлэ Дьоруойугар кытаанах доруобуйаны, киниэхэ уонна «Кириэстээх» кэпэрэтиип кэлэктиибигэр өссө таһаарыылаах үлэни баҕарда. Ил Дархан Владимир Михайловка 1 мөл. солк. бириэмийэни анаата.
Бэс ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев урбаанньыттар бырааптарын көмүскүүр боломуочунай Альбина Кычкинаны кытта көрсөн, урбаанньыттары өйүүр дьаһаллар олоххо киирэллэрин, дьоҕус уонна орто бизнеҺи административнай баттааһыны аччатыы туругун туһунан кэпсэттэ. Билигин Саха сиригэр административнай баттааһын күүһэ биллэ аччаабыт, өрөспүүбүлүкэ дойду эрэгийиэннэрин ортотугар 69 миэстэҕэ сылдьар. Ил Дархан боломуочунайга прокуратураны, федеральнай надзорнай уорганнары кытта үлэни күүһүрдэргэ эттэ.
Бэс ыйын 15 күнэ. Ил Дархан Санкт-Петербурдааҕы XXV экэнэмиичэскэй форумҥа үлэтин саҕалаата. Саха сирэ форумҥа инвестиционнай кыаҕын билиһиннэриэҕэ. Тэрээһин бастакы күнүгэр Айсен Николаев сыыппара эйгэтигэр тылы чөл хаалларыыга аналлаах кэпсэтиигэ кытынна. «Арктика төрүт норуоттарын тылга уонна култуураҕа нэһилиэстибэлэрин сыыппараҕа көһөрүү» бырайыак туһунан кэпсээтэ. Билигин бу интэриниэт- порталга Арктика 40 аҕыйах ахсааннаах төрүт омук туһунан энциклопедия уонна 10 төрүт омук туһунан ааптардар матырыйааллара хомуллубутун, толору сыыппараҕа көһөрүүгэ үлэ барарын эттэ. Ил Дархан тылы харыстааһын кыһалҕаларыгар ЮНЕСКО тэрийбит норуоттар икки ардыларынааҕы 12 кэмпэриэнсийэтиттэн аҕыһа Дьокуускайга ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Айсен Николаевка Арассыыйа судаарыстыбаннай бибилэтиэкэтин генеральнай дириэктэрэ Вадим Дуда дойду сүрүн кинигэни харайар сиригэр саха норуотун тылынын электроннай таһаарыыларын толору хомуурунньуктарын түмэргэ этии киллэрдэ.
Салгыы бэс ыйын 16-17 күннэригэр Ил Дархан форум пленарнай мунньаҕар уонна экэниэмикэ, тырааныспар, логистика, социальнай эйгэ боппуруостарыгар аналлаах сиэссийэлэргэ кыттар. Саха сиригэр инвестиционнай бырайыактары киллэриигэ үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрбит улахан хампаанньалар уонна федеральнай министиэристибэлэр салайааччыларын, бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсөн кэпсэтэр.
Бэс ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев Саха сириттэн анал байыаннай эппэрээссийэҕэ бэйэлэрин баҕаларынан кыттар Алексей Есипенконы и Дмитрий Томтосовы кытта көрүстэ. Уус Майаттан төрүттээх ыччаттар Изюм куорат иһин киирсиигэ эчэйии ылан, Санкт-Петербурга Киров аатынан Байыаннай мэдиссиинэ академиятыгар эмтэнэллэр. Кинилэргэ Ил Дархан хорсун быһыыларын иһин махтанна уонна түргэнник үтүөрэллэригэр баҕарда. «Алексей уонна Дмитрий, бары дойдубутун көмүскээччилэр курдук, – өрөспүүбүлүкэ киэн туттуута буолаллар. Уолаттар Саха сиригэр кэллэхтэринэ, туох наадалааҕынан барытынан көмөлөһүөхпүт», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Бэс ыйын 16 күнэ. Санкт-Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа РФ Уһук Илин, Арктика сайдыытыгар министиэристибэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна «Саханефтегазсбыт» АО «Уһук Илиҥҥи концессия» бырагыраама чэрчитинэн хоту таһаҕаһы тиэйиини хааччыйар инфраструктураны саҥардыыга бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэристилэр. Бырайыак бастакы түһүмэҕэр 1,8 млрд солк. үбүлэниэ. Бырайыагы олоххо киллэриигэ федеральнай үбү көрүү Уһук Илиҥҥи концессия мэхэньиисимин төрүтүгэр олоҕуран тыырыллыа. Сөбүлэһиигэ РФ Уһук Илин, Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунков, Ил Дархан Айсен Николаев, «Саханефтегазсбыт» АО генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев илии баттастылар. Ол быһыытынан чугастааҕы сылларга хоту улуустарга оттугунан хааччыйыыны тупсарыахтара, уматык харгыһа суох тиэрдиллиэ, экологическай өттүнэн ирдэбилгэ эппиэттиир ньиэп харайар аныгы баазалары кэлимник тутуохтара.
Бэс ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев «Газпром» ПАУО бырабылыанньатын солбуйар бэрэссэдээтэлэ Виталий Маркеловтыын Саха сирин соҕуруу өттүн 2025 сылга диэри гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Үлэ былаан быһыытынан барар. Гаастааһын эбийиэктэрин тутуу Ленскэй улууһугар Бэчинчэҕэ, Муруйаҕа, Нерюнгри улууһугар Чульманҥа уонна Иенграҕа саҕаланыа. Уопсайа 543 км гаас турбата тутуллан 20-тэн тахса нэһилиэнньэлээх пуунҥа 5 тыһыынчаттан тахса дьиэ хаһаайыстыбата холбонуо. Мана тэҥэ 2025-2030 сылларга өссө 9 нэһилиэнньэлээх пуунҥа гаас киириэ. Ковыктатааҕы гаастаах сир «Сибиир күүһэ» турбаҕа холбонорунан Толоону, Орто-Наахараны, Чамчаны, Витими уонна Пеледуйы гаастааһын бырагырааматыгар киллэрэр тоҕоостооҕо этилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин гаас тиһигин тутууга, монтажтааһыҥҥа, үлэлэтиигэ кытыннарар боппуруос турда. Саха сирэ уонна «Газпром» гааһынан сапыраапкалыыр саҥа станциялары тутуу бырагырааматын бэлэмниэхтэрэ. Итиэннэ көрсүһүүгэ Алдан, Нерюнгри, Өлүөхүмэ улуустарын гааһынан хааччыйар сыаллаах «Сахатранснефтегаз» АУО «Сибиир күүһэ» турбаҕа холбонор боппуруоһун көрдүлэр.
Бэс ыйын 16 күнэ. Саха сирэ уонна Казахстан икки ардыгар атыы-эргиэн кээмэйэ улаатыа. Ол туһунан экэнэмиичэскэй форумҥа Айсен Николаев Арассыыйаҕа Казахстан Суһал ыҥырыылаах уонна Боломуочуйалаах посола Ермек Кошербаевы кытта көрсүһүүтүгэр сөбүлэстилэр. Саха сирэ уматык-энергетическэй бородууксуйаны, ювелирнай оҥоһуктары, экологическай ыраас аһы-үөлү, Казахстан – бырамыысыланнас бородууксуйатын, чуолаан оборудованиены, бородууктаны атыылааһыны кэҥэтэр кыахтаахтар. Маны тэҥэ креативнай эйгэҕэ бииргэ үлэлиэхтэрэ, киинэ оҥоһуутун өйүөхтэрэ. Култуура, үөрэх, успуорт эйгэтигэр хардарыта сибээһи күүһүрдүөхтэрэ.
Бэс ыйын 16 күнэ. Вьетнам уонна Саха сирэ бырамыысалыннас уонна туризм эйгэтигэр хардарыта үлэлэһиэхтэрэ. Ол туһунан Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа Айсен Николаев уонна Арассыыйаҕа Вьетнам Суһал ыҥырыылаах уонна Боломуочуйалаах посола Данг Минь Кхой кэпсэттилэр. Саха сириттэн таас чоҕу, күндү уонна сыаналаах таастары, үүнээйиттэн оҥоһуллар аһы-үөлү атыыга таһаарыы, Вьетнамтан бырамыысыланнас бородууксуйатын, бородууктаны аҕалыы боппуруостарыгар тохтоотулар. Туризмҥа чартернай рейстэри тэрийиини, өрөспүүбүлүкэҕэ ыраахтан кэлэр дьоҥҥо ураты турмаршруттары олохтооһуну ырыттылар. Бэс ыйын 21-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ мас-рестлинг IV аан дойду чөмпүйэнээтигэр Вьетнам спортсменнара кыттыахтара. Ил Дархан 2024 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыахтаах VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларга Вьетнам эдэр спортсменнарын ыҥырда.
Бэс ыйын 16 күнэ. Санкт-Петербурга экэнэмиичэскэй форумҥа Айсен Николаев Арассыыйаҕа Корея норуодунай-демократическай өрөспүүбүлүкэтин Суһал ыҥырыылаах уонна Боломуочуйалаах посола Син Хон Чхолу кытта көрүстэ. КНДР уонна Саха сирин икки ардыларыгар экэниэмикэҕэ бииргэ үлэлээһин кэскилин ырыттылар. Чуолаан чоҕу хостуур бырамыысыланнаска бырайыагы олоххо киллэриигэ тохтоотулар. Ил Дархан КНДР спортсменнарын 2024 сылга Дьокуускайга ыытыллыахтаах VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттыыны ыларга ыҥырда.
Бэс ыйын 16 күнэ. Саха сирэ уонна «Газпром СПГ технологии» хампаанньа ыгыылаах гааһы оҥорууга бииргэ үлэлииргэ анал сөбүлэһии түһэристилэр. Сөбүлэһии докумуонугар Айсен Николаев уонна «Газпром СПГ технологии» дириэктэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Кахидзе илии баттаатылар. Докумуоҥҥа ыйылларынан, Саха сиригэр тимир көлөҕө туһаныллар гаас уматыгы оҥорорго аналлаах оҥорон таһаарар инфраструктураны тэрийиэхтэрэ. Бу олоххо киирдэҕинэ, Саха сиригэр гаас уматыгы оҥоруу кээмэйэ лаппа улаатыаҕа. «Саха сиригэр гаас уматыгы оҥорорго аналлаах инфраструктураны тэрийии улахан сыалынан-соругунан буолар. Бүгүҥҥү тустаах тэрээһин түмүгүнэн Саха сиригэр гаас уматыгы оҥоруу лаппа тэтимириэ уонна сайдыаҕа. Иккиһинэн, ыгыылаах гааһы гаас ситимиттэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тиэйэр кыахтанабыт», – диэн Айсен Николаев этэр. « Санатар буоллахха, билигин Саха сиригэр сылга 12 тыһ. туонна ыгыылаах гааһы оҥорор собуот үлэлиир. Кэлэр сылларга ити кээмэй 30-40 тыһ. туоннаҕа диэри улаатыахтаах.
Бэс ыйын 16 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Денис Пушилин Санкт-Петербурдааҕы форумҥа көрсөн, бииргэ үлэлэһии боппуруостарын быһаарыстылар. «Саха сирэ култуурунай уонна экэнэмиичэскэй хайысханан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүкэни кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэм. Биһиги Донецкай Өрөспүүбүлүкэ чөлүгэр түргэнник түһэригэр көмөлөһүөх тустаахпыт», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ. «Айсен Сергеевиһы кытта чуолаан Кировскай куораты чөлүгэр түһэрии туһунан кэпсэттибит. Сүрүннээн инфраструктура эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ уонна кыстыкка бэлэмнэниигэ болҕомто ууруллуон наада. Биһиги Саха сирин олохтоохторугар амарах сыһыаҥҥыт иһин ис сүрэхпититтэн махтанабыт!», – диэн Денис Пушилин санаатын үллэһиннэ. Арассыыйа күнүгэр Саха сирэ Донецкай уобалас Кировскай куоратын кытта бииргэ үлэлиир туһунан биллэрбитэ. Билигин Кировскайга Саха сириттэн исписэлиистэр бөлөхтөрө тиийэн көмөлөһө сылдьар. Саха сирэ сүрүннээн ОДьКХ уонна социальнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриэ. Санатар буоллахха, Донбасстан Саха сиригэр 339 киһи көһөн кэлэн олорор. Саха сирэ Донецкай уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ барыта 15,5 туонна гуманитарнай көмөнү ыыппыта.
Бэс ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев уонна «Росатом» госкорпорация генеральнай дириэктэрэ Алексей Лихачев «ШЕЛЬФ-М» базатыгар бырайыагы олоххо киллэрэр туһунан сөбүлэһиигэ илии баттастылар. Онно сөп түбэһиннэрэн, дьоҕус кыамталаах атомнай станцияны тутуллуо. Бырайыак научнай чинчийиилэри, техниканы уонна технологияны сайыннарар федеральнай бырагыраама чэрчитинэн үлэлиэ, эбийиги 2030 сылга киллэрдэхтэринэ, тырааныспар уонна энергетика инфраструктурата суох ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннары, бырамыысалыннас тэрилтэлэрин уотунан бигэтик хааччыйыахтара.
Бэс ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа тутууга уонна хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа анаммыт сессияҕа хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын эбии үбүлүүр туһунан туруоруста. Саха сиригэр чааһынай дьиэни туттуу кээмэйэ улаатта, онон былырыыҥҥы былааммытын толордубут, 570 тыһ. тахса кв.м. тутулунна диэн эттэ. Онуоха хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан чааһынай дьиэ туттууну эмиэ көҕүлүүр тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. «Эрэгийиэннэр ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрин болдьоҕор толороллорун курдук көмөлөһүөххэ наада. Бу бырагыраамаҕа эбии үбүлээһин ирдэнэр», — диэтэ Айсен Николаев. Саха сиригэр 2025 сыл бүтүөр диэри судаарыстыбаннай көмөнү туһанан, 61 тыһ. тахса киһини көһөрөн, 1,1 мөл.кв.м. иэннээх хаарбах дьиэни көтүрэр сорук турар. Кэнники 3 сыл иһигэр номнуо 18 тыһ. киһи хаарбах дьиэттэн көһөрүлүннэ, 130 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна. Билигин 88 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар, бу сыл бүтүөр диэри 460 тыһ.кв.м. иэннээх хаарбах дьиэ көтүрүллүөхтээх. Маныаха тутуу матырыйаала, тутуу сыаната үрдэбитэ мэһэйдэри үөскэттэ. Бырагыраамаҕа 1 кв.м. сыаната ортотунан 77 тыһыынча солкуобайынан суоттаммыта, оттон билигин 1 кв.м. сыаната кырата 106 тыһыынча солкуобай буолла. Онон ылыммыт эбэһээтэлистибэлэри толорорго үп-харчы тиийбэт. Бу кыһалҕа атын эрэгийиэннэри эмиэ таарыйар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй фуорум былаһааккатыгар дойду сыыппаранан сайдыыга, сибээскэ, маассабай коммуникацияларга миниистирэ Максут Шадаевтыын көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ сыыппара экэниэмикэтин сайдыытын, нэһилиэнньэҕэ электроннай өҥөнү оҥоруу, IT-салааны өйөөһүн, өрөспүүбүлүкэҕэ, ол иһигэр кытыы уонна аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга оптоволокно лиинийэлэрин тутуу тустарынан кэпсэттилэр. Арктика оройуоннарыгар федеральнай бүддьүөт өйөөһүнүнэн 2025 сыл бүтүөр диэри оптоволокно киирэрэ, онон улуустар кииннэрэ бары түргэн интэриниэккэ холбоноллоро быланнанар. Тиксиигэ «Полярный экспресс» диэн уу аннынан барар магистральнай оптоволокно ситимэ холбонуохтаах. Билигин өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 99%-на суотабай сибээскэ, интэриниэккэ холбонор кыахтаах.
Бэс ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа Губернатордар кулууптарыгар дойду илин диэки хайыспыт кэмигэр Саха сирин сайдыытын туһунан кэпсээтэ. Бу сыл 5 ыйыгар, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, бырамыысыланаска үүнүү 11,3% буолбутун, сүрүн хапытаалга инвестиция 30% үрдээбитин бэлиэтээтэ. Онон өрөспүүбүлүкэ Илиҥҥи Сибиир уонна Уһук Илин икки ардыгар табыгастаах сиргэ баарынан, илиҥҥи дойдуларга тахсар тырааныспар инфраструктуратын сайыннарар тоҕоостоох диэтэ. Мииринэйинэн, Дьокуускайынан Охотскай муораҕа тиийэр Иркутскай-Магадан федеральнай суолу тутуу боппуруоһа турар, онуоха бастаан Өлүөнэ муостата тутуллуохтааҕын туһунан Ил Дархан эттэ.
Бэс ыйын 17 күнэ. Эрэгийиэн баһылыга Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтин «Арктика – диалог сирэ-уота» диэн тэрээһинигэр Саха сирин инвестицияҕа кыаҕын көрдөрүүгэ кытынна. Кини кэлиҥҥи үс сылга өрөспүүбүлүкэ бырамыысалыннаска оҥорон таһаарыыга хаһан да буолбатах үрдүк көрдөрүүнү ситистэ диэн эттэ. Ол Илиҥҥи хайысхаҕа наадалаах сир баайын хостооһуну уонна табаардары оҥорууну сайыннарбытын түмүгэ буолар диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ үбүлүөйдээх сылга инникигэ торумнаммыт соруктарга тохтоото.
Бэс ыйын 17 күнэ. инвестицияҕа килиимэккэ X национальнай рейтинг түмүгүн Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа таһаардылар. Саха сирэ 13 миэстэни ылан, көрдөрүүтүн биллэ тупсарда. 2018 сыллаахха 52-с эрэ этэ, 2020 сылтан 20 иһигэр бигэтик киирэр. Айсен Николаев национальный рейтинг өрөспүүбүлүкэҕэ аччыгый, орто, бөдөҥ биисинэскэ табыгастаах уонна көдьүүстээх усулуобуйаны тэрийэргэ дойду уонна аан дойду бастыҥ быраактыкатыгар олоҕуран улахан үлэ ыытыллыахтааҕын көрдөрөр диэтэ.
Бэс ыйын 17 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев и Сбербаан бырабылыанньатын бээрэссэдээтэлэ Герман Греф ESG эйгэтигэр сөбүлэҥ түһэристилэр. Өрүттэр тулалыыр эйгэҕэ хоромньулаах дьайыыны аччатар уонна толуйар социальнай уонна биисинэс бырагыраамаларыгар, экологическай бырайыактары инвестордары тардыыга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Бэс ыйын 17 күнэ. Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форум былаһааккатыгар Айсен Николаев ойуур уонна туундара баһаардарын бохсууга Саха сирин уопутун туһунан кэпсээтэ. Бэйэлэрин көдьүүстэрин көрдөрбүт технологияларга, сэрэтэр үлэни күүһүрдүүгэ тохтоото. Искусственнай ардаҕы түһэрэр ньыманы уоту умулларыыга эрэ буолбакка, баһаар кутталын аччатыыга туттуохха диэн этиитин Бэрэсидьиэн Владимир Путин өйөөн, Саха сиригэр экспэримиэн барарын туһунан эттэ.
Бэс ыйын 17 күнэ. Саха сирэ «Росинфра» платформа көмөтүнэн судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин бырайыактарын бэлэмнээһин көдьүүһүн үрдэтиэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна ГЧП национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Павел Селезнев сөбүлэҥ түһэристилэр. Киин бырайыактары оҥорорго, таларга, сыыппараҕа көһөрөргө сүбэ оҥорорун таһынан, инвестордары булууга, федеральнай көмө миэрэлэрин талыыга көмөлөһүө.
Бэс ыйын 17 күнэ. Саха сирэ Индияны кытары бииргэ үлэлээһинин кэҥэтиэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна Индия Арассыыйаҕа суһал уонна боломуочуйалаах посола Паван Капур Петербурдааҕы форумҥа кэпсэттилэр. Айсен Сергеевич тойон Капуру Индия тутулуга суох буолбута 75 сылынан уонна биһиги дойдубутун кытта дипломатическай сыһыаны олохтообута 75 сылынан эҕэрдэлээтэ. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, бииргэ үлэлээһин хайысхалара кэскиллээхтэр, чуолаан 2019 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбит Гуджарат штаты кытта түһэрсибит меморандумун чэрчитинэн. Индия Саха сирин кытта эргиэҥҥэ сыһыаныгар экспорка сүрүн өлүүтэ алмаас уонна бриллиант ылар. Саха сирин баһылыга «Якутия» ТОР иһинэн ювелирнай-гранильнай кластерга тэрилтэлэри киллэрэр туһунан көрөргө этии оҥордо. Ону сэргэ чох хостооһунун, гааһы переработкалыыр салааҕа, энергетикаҕа, ИТ-өҥөҕө холбоһуктаах бырайыактарга. Маны таһынан култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин боппуруостарын көрдүлэр. Олонхо ыһыаҕын чэрчитинэн ЮНЕСКО шедеврдэрин фестивалыгар Индияттан Куттиятам театр кыттыа.
Бэс ыйын 17 күнэ. Петербурдааҕы форум кэмигэр Айсен Николаев Арассыыйа материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин туһунан сессияҕа кыттыы ылла. Ил Дархан култуура индустриятын сайыннарыыга саҥа хардыы наадатын, күрэстэһэр кыахтаах бэйэ киинэтин, култуура брэннэрин, мультимедийнай бородууктаны оҥоруохтаахпытын эттэ. Сессияны салайан ыыппыт Александринскай театр дириэктэрэ Сергей Емельянов Саха сирэ култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа элбэҕи ситсипитин, дойдуга биир тутаах култуура киинэ буоларын эттэ. Саха сирин баһылыга Туймаада ыһыаҕын холобурга аҕалла. Ыһыах Арассыйаҕа саамай улахан национальнай бырааһынньык буоларын, пандемия иннинэ 2019 сылга 205 тыһ. киһи Туймаада ыһыаҕар сылдьыбытын, икки сыллаах тохтобул кэнниттэн быйыл ити көрдөрүүнү куоһарыаҕын кэпсээтэ. Ыһыах экэниэмикэҕэ эмиэ сабыдыаллааҕын эттэ. Кымыһы оҥорор хаһаайыстыба ахсаана 25-30% улааппытын, 2012 сылтан кымыһы оҥоруу икки бүк эбиллибитин эттэ. Аны иккис холобурунан саха киинэтин аҕалла. Сыллата уоннуу киинэ оҥоһулларынан дойдуга үһүс көрдөрүүлээхпит, саха киинэтэ киэҥ билиниини ылар. Бэс ыйын 14 күнүгэр киинэ индустриятын өйөөһүҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ сокуон ылылынна.
Бэс ыйын 18 күнэ. Саха сиригэр суһал көмөнү оҥоруу автопааркатыгар саҥа техника кэллэ. Айсен Николаев Комсомольскай болуоссакка массыыналар күлүүстэрин улуустардааҕы киин балыыһалар кылаабынай быраастарыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. 25 УАЗ уонна Лада төрүтүгэр оҥоһуллубут массыына улуустарга суһал көмө уонна Дьокуускайга, Нерюнгрига, Мииринэйгэ паллиативнай көмө оҥоруутугар сүүрүөхтэрэ. Ил Дархан кэлэн иһэр медицинскэй үлэһиттэр бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ, бу техника Сахабыт сирин бөһүөлэктэригэр үлэлиэхтэрин уонна паллиативнай көмөнү оҥорууга көрүллүбүттэрин эттэ. «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн кэлиҥҥи икки сылга доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр автопаарка биллэ саҥардыллар, бу медицинскэй көмө хаачыстыбатын тупсарыыга көмөлөөх буоларын бэлиэтээтэ. Айсен Сергеевич тыа сирин балыыһаларыгар материальнай-техническэй бааза бөҕөргүүрүн сэргэ, улуустарга улахан комплекстар тутуллан эрэллэрин бэлиэтээтэ. Быйыл балыыһаларга анаан барыта 53 массыынаны өрөспүүбүлүкэҕэ аҕалыахтара.
Бэс ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайыгар дьону кытта көрүстэ. Куорат олохтооҕо Игорь Попов дьиэтин гаас ситимигэр холбооһуну туруоруста. Ил Дархан балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри, аттынааҕы учаастактары киллэрэн туран, күөх төлөнү киллэрэргэ «Сахатранснефтегаз» АУО сорудахтаата.
Александр Дьяконов Уус Алдан Өнөр нэһилиэгэр оскуола тутуутун боппуруоһун көтөхтө. Айсен Николаев улуус дьаһалтатыгар 2022 сылга инвестиция бырагырааматыгар сайаапка түһэрэргэ, бырайыактыыр-смета докумуонун оҥорон, экспертизаны ааһарга эттэ. Туһааннаах министиэристибэлэргэ 2023 сылга Өнөр оскуолатын тутуутун инвестиция бырагырааматыгар киллэрэн, 2024 сылга үбүлүүргэ уонна 2025 сылга эбийиэги киллэрэргэ сорудахтаата.
Бэс ыйын 18 күнэ. Ил Дархан национальнай бырайыактар, судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн суолу тутуу, өрөмүөннээһин, тупсаран оҥоруу хаамыытын көрдө. Бу сылга 7 суол эбийиэгиттэн 4 бүтүөхтээх. 2,37 млрд солк., ол иһигэр 1,2 млрд солк. федеральнай үп көрүллүбүт. Сүнньүнэн үлэ графиктан инникилээн иһэр. Ааллаах Үүн нөҥүө муостаны от ыйыгар киллэриэхтэрэ. Нам суолун учаастагын тутууга сыана ыараабытынан эбии федеральнай үп боппуруоһун быһаарарга туһааннаах биэдимэстибэлэргэ Ил Дархан сорудахтаата. Маны тэҥэ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырайыакка үлэ хаачыстыбатын хонтуруоллуурга олохтоох нэһилиэнньэни көхтөөхтүк кытыннарарга эттэ. Сэтинньигэ диэри 37 муниципальнай тэриллиигэ 124 тиэргэн уонна дьоҕус паарка тупсарыллан оҥоһуллуохтаах.
Бэс ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев эмчиттэри идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ уонна сыралаах үлэлэрин иһин махтанна. Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабыла сайдыытыгар улахан болҕомто уурулларын – бөдөҥ мэдиссинэ кииннэрэ, улуустарга балыыһа комплекстара тутуллалларын, аныгы обрудованиенан хааччыллалларын, сыыппара технологиялара киирэрин, өҥө хаачыстыбата үрдээн иһэрин бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 19 күнэ. Ил Дархан Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар Исидор Барахов аналлаах мусуойунай-култуурунай киин бастакы сыбаайата түһэриитигэр кытынна. Эһиил өрөспүүбүлүкэни төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ төрөөбүтэ 125 сылыгар бу киин тутуллан дьэндэйиэ диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Исидор Барахов сиэннэрэ Андрей Барахов, Людмила Раевская, хос сиэнэ Ярослав Барахов кыттыыны ыллылар.
Бэс ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү улууһугар XV үбүлүөйдээх Олоҥхо ыһыаҕар Кэнтик нэһилиэгэр Чап уустарын түһүлгэтигэр тимир уһаарыытыгар кытынна. Уустар эрдэттэн болгуоларын ититэн көрүстүлэр. Таас ууллубутун кэннэ Чап уустарыттан төрүттээх Ил Дархан хостоммут тааһы эллэстэ. Айсен Николаев быйыл Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылыгар олоҥхоһуттарга, уустарга улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. Онон бу күннэргэ олоҥхоһуттары, тойуксуттары өйүүр инниттэн Олоҥхо дьиэлэригэр 5 мөл. солк. үбүнэн өйөбүлү оҥорор туһунан ыйаах тахсарын эттэ. Бастыҥ олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир, мас уустарыгар ый аайы төлөнөр анал истипиэндьийэ олохтонорун иһитиннэрдэ.
Афанасий Ноев,
Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ