Кулун тутар 18 күнэ. Бу күн биһиги Арассыыйа састаабыгар Крым Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Севастополь куорат холбоспуттара уон сыла туолла. Бу бэлиэ түгэнинэн Айсен Николаев Крым уонан Севастополь олохтоохторо 2014 сыллаахха ыытыллыбыт референдумҥа куоластарын биэрэн, бэйэлэрин төрүт дойдуларыгар төннүбүттэрин санатта. Кини дойдубутугар сомоҕолоһуу бэлиэтэ буолар күҥҥэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарын түмүгүн иһитиннэрбиттэрэ ураты суолталааҕын бэлиэтээтэ. Элбэх омуктаах дойду олохтоохторо Владимир Владимирович Путин тула түмсэн, патриотизм холобурун, күүстээх, көҥүл уонна бигэ туруктаах Арассыыйаны талалларын көрдөрдүлэр диэн эттэ.
Кулун тутар 18 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Бэрэсэдьиэнин быыбарын түмүктэрин туһунан санаатын үллэһиннэ. Боротокуоллары 100 бырыһыан көрүү түмүгүнэн, Саха сиригэр 452 366 киһи, ол эбэтэр быыбардааччы 71,57% кыттыбыт. Ити күн куолаһы барыллаан ааҕыынан Владимир Путин 87,79% ылбыт. Айсен Николаев элбэх омук олорор өрөспүүбүлүкэтэ лиидэрбитин кытта бииргэ буоларын көрдөрбүтүн, Саха сирэ Арассыыйаҕа куруук бөҕө тирэҕинэн буоларын уонна буолуо даҕаны диэн бэлиэтээтэ.
Кулун тутар 18 күнэ. Айсен Николаев «Килиимэт уларыйыытын дьайыыта: хааччах эбэтэр сайдыыны мэктиэлээһин» диэн экспертнэй сессияҕа кытынна. Манна РФ субъектарын, билим, бизнес бэрэстэбиитэллэрин уонна экспертэри кытта килиимэт уларыйыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Сессияҕа Госдума экология, айылҕа ресурсаларыгар уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Бүтүн Арассыйатааҕы айылҕа харыстабылыгар уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Фетисов кыттыыны ылла. Ил Дархан Саха сирэ килиимэт уларыйыытын кэтээн көрүүгэ, чинчийиигэ уопутун, олох араас эйгэтигэр дьайыытын, экэниэмикэ сайдыытыгар сабыдыалын туһунан кэпсээтэ, бииргэ үлэлээһини кэҥэтии туһунан дьүүллэстилэр. Ол курдук, хотугу сири-уоту харыстааһын, мониторинг, бырамыысалыннай эбийиэктэри тутуу, инженернэй ситимнэр үлэлэрин хааччыйыы боппуруостарын ырыттылар. Ирбэт тоҥноох муҥутуур тымныы эрэгийиэн уонна айылҕатын баайын саппааһынан ураты сир буоларынан, Саха сирин куолаһа, көҕүлээһиннэрэ аан дойду таһымыгар болҕомтону ылалларыгар уонна бүтүн киһи аймах сайдыытыгар көмөлөөх буолалларыгар үлэ сайдан-кэҥээн иһиэхтээх.
Кулун тутар 18 күнэ. Бу күн Айсен Николаев Андрей Мельниченко пуондатын генеральнай дириэктэрэ Татьяна Мельниченконы кытары килиимэт уларыйыытыгар уонна ол содулун туоратыыга бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. Онно олоҕуран, килиимэт уларыйыытыгар анаммыт бырайыактары өйөөһүн, нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр бу хайысхаҕа кыттыыларын көҕүлээһин, Дьокуускайга бу күһүн бэһис төгүлүн Хотугу форуму тэрийэн ыытыы уо.д.а. боппуруостарга болҕомто ууруохтара.
Кулун тутар 18 күнэ. Айсен Николаев быйылгы «Азия оҕолоро» оонньуулар посоллара, уһулуччулаах хоккеист, элбэх көлүөнэҕэ кумир буолбут икки төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн, Госдума дьокутаата Вячеслав Фетисовы кытары көрүстэ. Ил Дархан Вячеслав Фетисовы Саха сирин көҕүлээһиннэрин өйүүрүн иһин махтанна. Ыалдьыппыт өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө уларыйыылар буолалларын, элбэх социальнай эбийиэк тутуллубутун, ыччаты кытта улахан үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ урут успуорт миниистирэ эрдэҕинэ кэлэ сылдьыбытын, «Азия оҕолоро» хамсааһын сайдыытын өйөөбүтүн, бу бырайыак билигин хаһааҥҥытааҕар да суолтата үрдээбитин эттэ. Көрсүһүүгэ успуорт, экология эйгэлэригэр холбоһуктаах бырайыактары олоххо киллэрии туһунан ырыттылар. Аны күһүн Арктикаҕа килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥҥо форум ыытыллыытын чэрчитинэн араас дойду бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах хоккей матчын ыытар туһунан кэпсэттилэр. Манан даҕатан эттэххэ, Фетисов бу билиҥҥи сырыытыгар номоххо киирбит хоккеистары, олимпийскай чемпионнары Алексей Касатоновы, Алексей Гусаровы уо.д.а. кытта бииргэ Дьокуускайга кэлбит. Кинилэр эдэр хоккеистарга маастар-кылаас биэрдилэр.
Кулун тутар 19 күнэ. Айсен Николаев Арктика күнүнэн бэйэтин санаатын бу курдук бэлиэтээн эттэ: «Дойдубутугар Арктика зонатын үс гыммыт биирэ Саха сиригэр баар. Бэрэсидьиэммит Владимир Путин Арктиканы баһылааһын дойду сүрүн соруга буоларын биллэрбитэ. Саха сиригэр Арктика зонатын сайыннарыы стратегията ылыллан, Арктика бөһүөлэктэрин сайыннарыы маастар-былааннара оҥоһулуннулар. Саҥа оскуолалар, оҕо уһуйааннара, култуура уонна успуорт эбийиэктэрэ, олорор дьиэлэр тутуллаллар. Холобур, Муома Хонуутугар үс мэндиэмэннээх улахан балыыһа комплекса үлэҕэ киирбитэ. 2030 сылга диэри Арктика зонатын сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэҕэ ыйаах тахсыбыта. Онно үс сүрүн хайысха быһаарылынна: нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии, социальнай инфраструктураны сайыннарыы уонна 2023 сылтан итэҕэһэ суох сүрүн хапытаалга инвестиция киириитин улаатыннарыы. Быраастар 89 бөһүөлэги кэрийдилэр дьон доруобуйатын туругун көрдүлэр. Хоту сирэ түргэн тэтимнээх интэриниэтинэн хааччыллаллар, оптоволокно уһуна 7 тыһ. тахса километр буолуоҕа. Дойду Арктическай зонатын тирэх пууннарыгар Булуҥ улууһун Тиксии-Найба агломерацията киирбитэ. 8 эргиэн-логистическай кииннэрэ аныгы оборудованиелаах тутулуннулар. 2025 сылга диэри маннык кииннэр Арктика улуустарынан барытыгар аһыллыахтара. «Ыраас Арктика» федеральнай бырайыагынан 850 тонна тимир уо.д.а. тобохтор хомулуннулар. Онон биһиги Арктикабыт киһи олоҕор кэскиллээх буоларын туһугар салгыы үлэлиэхпит».
Кулун тутар 19 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ, түөрт төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Станислав Позднякову кытта көрүстэ. Станислав Поздняков сыаналаабытынан, Дьокуускайга «Азия оҕолоро» оонньуулары ыытарга бэлэмнэнии толору бара турар. «Успуорт эбийиэктэригэр тутуу, өрөмүөн хаамыыта тэтимнээхтик барар, эбийиэктэр болдьоҕор бэлэм буолаллара саарбахтаммат. Саха сиригэр маннык улахан, маассабай тэрээһиннэри ыытыы улахан уопутун учуоттаан туран, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары тэрийэр кэмитиэккэ эрэлбит үрдүк», — диэтэ кэмитиэт салайааччыта. Көрсүһүү кэмигэр тэрээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ону тэҥэ 2024 сылга Дьокуускайга ыытыллар эдэр олимпиецтар аан дойдутааҕы пуорумнарын ыытыы боппуруостара көрүлүннүлэр. Аан бастакытын тэрээһин дойду киин куората Москваны таһынан ыытыллыаҕа.
Кулун тутар 19 күнэ. Ил Дархан Саха сирин экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыыга суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Айсен Николаев «Азия оҕолоро» оонньууларга бэлэмнэнии уонна социальнай суолталаах эбийиэктэри кэмигэр үлэҕэ киллэриигэ быһаарыылары суһаллык ылыыныы наадатын бэлиэтээтэ. Мунньахха Дьокуускайга Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадион өрөмүөнүн, ону тэҥэ «Спортивнай» диэн түөлбэҕэ оҕо уһуйаанын тутуутун, «2019-2025 сс. гражданнары хаарбах олорор дьиэлэр пуондатыттан көһөрүү» аадырыстаах бырагырааманан Алдан, Нерюнгри улуустарынан үлэ хаамыыта көрүлүннэ. «Аан дойдутааҕы успуорт оонньууларыгар бэлэмнэнии үлэ тэтимин улаатыннарыы, социальнай эбийиктэри тутууга бары көрдөрүүлэри ситиһии сүрүн сорукпут», — диэн Айсен Николаев ыйда. Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын чэрчитинэн Саха сиригэр 124 социальнай эбийиэк тутуллуоҕа.
Кулун тутар 19 күнэ. Хаҥалас улууһугар баар «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа «Азия оҕолоро» VIII-с норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы оонньуулары көрсө уоту уматыы сиэрэ-туома ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, РФ Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков, хоккейга икки төгүллээх олимпийскай чемпион Вячеслав Фетисов уонна албаан ааттаах 10 олимпийскай чемпион кытыннылар. Өлүөнэ очуостарын тэллэҕэр саҕыллыбыт уот капсулатын бастакынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ, көҥүл тустууга улуус призерэ Ваня Соломонов тутта уонна Ил Дархаҥҥа биэрдэ. Айсен Сергеевич өссө 1996 сыллаахха биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев аан дойдуга маннык кэрэ оонньуулары бэлэхтээбитин санатта уонна Саха сирин, Арассыыйа символа буолбутун, санкцияны аахсыбакка биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аан дойдуттан тыһыынчанан оҕо түмсүөҕүн, эйэ, доҕордоһуу түһүлгэтэ буолуоҕун туһунан киэн тутта эттэ.
«Азия оҕолорун» уотун эстафетата оонньуулары төрүттээччи Михаил Николаев төрөөбүт улууһуттан, Покровскай куораттан саҕаланан, Саха сирин бары оройуоннарын хабыаҕа, манна 550 киһи кыттыыны ылыаҕа. Эстафета уопсай уһуна 35 тыһ. км тэҥнэһиэҕэ. Аны 100 хонугунан уоту Дьокуускайга аҕалыахтара уонна оонньуулар аһыллыыларыгар стадиоҥҥа факелы уматыахтара.
Кулун тутар 19 күнэ. Өлүөнэ очуостарын тэллэҕэр «Мамоннар лигалара» диэн ааттаан хоккей түһүлгэтэ түстэннэ. Манна аатырбыт хоккеистар кыттыылаах «Хоккей номохторо» хамаанда уонна Саха сирин хамаандатын доҕордоһуу матчтара ыытылынна. Күрэхтэһии 6:6 ахсаанынан түмүктэннэ. Бастакы шайбаны Саха сирин хамаандата киллэрэн, ыалдьааччылар өрөгөйдөөтүлэр. Оонньуу тыҥааһыннаахтык барда. Биир кэмҥэ Саха сирин хамаандата 4:2 ахсааннаах инники тахса сырытта. Мууска «Азия оҕолоро» оонньуу посола Вячеслав Фетисов бэйэтинэн тахсан ахсааны көннөрдө. Элбэх көрөөччү мустан, оонньуу устатын тухары хоккеистары өйөөтүлэр. Ол да иһин Фетисов маннык көхтөөх ыалдьааччылары көрбөтөҕө ырааппытын, улуу Өлүөнэ очуостарын тэллэҕэр хоккей оонньуом диэн санаабатаҕын, онон дуоһуйбутун, Саха сиригэр хоккей биир бастыҥ успуорт көрүҥэ буолуоҕар эрэллээҕин биллэрдэ.
Кулун тутар 20 күнэ. Ил Дархан коррупцияны утары охсуһууга үлэни сүрүннүүр хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Мунньахха коррупцияны утары охсуһууга профилактическай сэрэтэр уонна үөрэтэр-сырдатар тэрээһиннэр 2021-2023 сыллааҕы былааннарын түмүктэрин көрдүлэр. «Коррупцияны бохсууга, бастатан туран, профилактическай сэрэтэр үлэни ыытыы буолар. Өскөтүн тустаах тэрээһиннэр туһалаах буоллахтарына, көрдөрүүбүт эмиэ үчүгэй буолар. Саха сиригэр бу хайысхаҕа билигин улахан үлэ ыытыллар. Уопсастыбаннай түмсүүлэр кыттыылаах үлэ салҕаныахтаах», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Кини коррупцияны утары охсуһууга үөрэтэр-сырдатар тэрээһиннэри үгүс дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатарга соруйда. Ону тэҥэ үөрэх систиэмэтигэр коррупцияны утары охсуһууга аналлаах үлэни салҕыыр наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Кулун тутар 20 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга бу күн «Саха» ГТРК телеканаалга быа эфиргэ таҕыста. Онно кини хас биирдии нэһилиэк маастар-былааннаах буолуохтааҕын иһитиннэрдэ. Ол курдук, Өлөөн уонна Чокуурдаах маастар-былааннара бэлэмнэнэрин туһунан кэпсээтэ. «Маастар-былааны оҥоруу бу үбүлээһини тардыы эрэ буолбатах. Бары нэһилиэнньэлээх пууннар маастар-былааннара таҥыллан, ол онон сайдыы барыахтаах. Бу үлэни биһиги саҕалаатыбыт. Тиксии уонна Найба Арктика тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарынан ананан испииһэккэ киирдилэр. Сотору кэминэн Депутатскай уонна Уус Куйга туспа быһаарыылар тахсыахтара. Өлөөн уонна Чокуурдаах маастар-былааннара таҥыллыбыттара”, — диэн эттэ Айсен Николаев.
Маны таһынан Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи инфекционнай клиническай балыыһа тутулларын туһунан сырдатта. Бу боппуруос тула соторутааҕыта РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеосибээс нөҥүө Айсен Сергеевичы кытта кэпсэппитэ. «Бу боппуруоска үлэ утумнаахтык баран иһэр. Бырайыактыыр-сметалыыр докумуона оҥоһуллан судаарыстыбаннай экспертизаны ааста. Билигин үбүлээһин боппуруоһа быһаарыллар. Сыаналаах эбийиэк буоларын быһыытынан биһиги көмөнү Бэрэсидьиэнтэн көрдөстүбүт. Саха сирин нэһилиэнньэтигэр олус наадалаах эбийиэги тутарга туһааннаах көмөнү ылыахпыт диэн эрэллээхпин», – диэтэ Ил Дархан.
Кулун тутар 20 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа суһал уонна боломуочуйалаах посола Николай Владимиры кытта көрүстэ. Айсен Сергеевич Саха сирэ наука, үөрэҕирии, култуура уонна успуорт эйгэлэригэр тас дойдулары кытта алтыһыытын көҕүлээһиннэригэр көмөтүн иһин Арассыыйа тас дьыалаларын министиэристибэтигэр махтанна. Кэпсэтии «Азия оҕолоро» VIII-с сайыҥҥы успуорт оонньууларыгар бэлэмнэниини таарыйда. Дипломат «Азия оҕолоро» оонньуулар уотун саҕыы сиэрэ-туома үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын биһирээбитин биллэрдэ. Бу норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууну үрдүк таһымнаахтык тэрийиигэ Саха сирэ үөрүйэҕин бэлиэтээтэ. «Саха сирэ тэтимнээхтик сайда турар эрэгийиэн. Дойдубут тас дойдулары кытта сыһыаны бөҕөргөтүүгэ улахан кылаатын киллэрэр. Бу манна өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай уорганнары кытта ыкса үлэлиирэ улахан суолталаах», — диэтэ Николай Владимир.
Кулун тутар 21 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Сылгыһыт күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Россия эрэгийиэннэрин ортотугар Саха сирэ сылгытын ахсаанынан инники күөҥҥэ сылдьар. 2023 сыл түмүгүнэн сылгы уопсай ахсаанын 14% эбэтэр сыл бүтүүтүгэр барыллаан ааҕыынан 182 тыһ. төбө өрөспүүбүлүкэ ирээтигэр тиксэр. Бу сылгыны үөрдээн иитиигэ олохторун анаабыт үгүс көлүөнэ сылгыһыт дьон саха төрүт дьарыгын үтүө үгэстэрин чөл хаалларыыга уонна үксэтиигэ сыралаах үлэлэрин түмүгэ диэн бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ сылгыны иитэр хаһаайыстыбаларын өйөөһүн судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин биир тутаах туһаайыытынан буолар диэн эттэ. 2024 сылга сылгыны үөрдээн иитиигэ 559,5 мөл. солк., ол иһигэр 173,5 мөл. солк. суумалаах федеральнай үп ыытыллыаҕа.
Кулун тутар 21 күнэ. Айсен Николаев «Судургу тылынан» подкаһын саҥа таһаарыытыгар Арассыыйа Бэрэсэдьиэнин быыбарын түмүгүн туһунан кэпсээтэ. Быыбар аһаҕастык уонна чиэһинэйдик ааспытын бэлиэтээтэ. Дьон күһэйиинэн буолбакка, бэйэтин дууһатын ыҥырыытынан куоластаата, ол иһин быыбарга кыттыы үрдүк уонна Владимир Путиҥҥа бэриллибит куолас ахсаана элбэх диэн эттэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин махтанна.
Кулун тутар 21 күнэ. Айсен Николаев 2023 сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэрии түмүктэрин уонна 2024 сыллааҕы былааннар тустарынан сүбэ мунньаҕы ыытта. Саха сиригэр 12 бырайыак олоххо киириитигэр 2023 сылга 69,74 млрд солк. көрүллүбүтэ. Бу дойдуга национальнай бырайыактары үбүлээһин кээмэйинэн Москва уобалаһын уонна Москва кэннилэриттэн үһүс көрдөрүү диэн бэлиэтээтэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн «Демография», «Үөрэх», «Туризм», «Цифровой экэниэмикэ», «Экология», «Экспорт», «Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыактар толоруллубуттар. 2024 сылга хапытаалынай тутуулаах 20 тахса эбийиэги, үс муостаны, икки суолу, ону сэргэ биэлсэр-акушер 10 пуунун уонна амбулаториялары үлэҕэ киллэрии былааннанар. Кулун тутартан өрөспүүбүлүкэҕэ «Пилота суох авиация тиһигэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн эрэгийиэн бырайыагын олоххо киллэрии саҕаламмыт.
Кулун тутар 21 күнэ. Ил Дархан VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньулары тэрийэн ыытар кэмитиэт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытта. Быйыл Арассыыйаҕа ыытыллар күрэхтэһиилэртэн биир бөдөҥнөрө буоларынан аан дойду барыта болҕомтотун ууруоҕа диэн эттэ. Успуорт эбийиэктэри саҥардыы былаан быһыытынан барар. Сайсарга Ильменскэй уулуссаҕа успуорт саҥа комплекса тутуллар. Куораты тупсаран оҥорууга үлэлэр 83% туолбуттар. Мунньахха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет эбийиэктэрин «Азия оҕолоро» кыттааччыларын олордорго уонна аһатарга бэлэмнээһин боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев тас дойдулартан сайаапкалар киирэ туралларынан, резервэҕэ эбии миэстэлэри бэлэмнииргэ сорудахтаата.
Кулун тутар 22 күнэ. Ил Дархан экэниэмикэ салааларын, социальнай эйгэни уонна судаарыстыбаннай салаййыны сыыппараҕа көһөрүү бырайыагын офиһын мунньаҕар тирээн турар соруктары туруорда. Дойдуга «Дааннайдар экэниэмикэлэрэ» саҥа национальнай бырайыак олоххо киириэхтээҕинэн, өрөспүүбүлүкэ сыыппараҕа трансформациятын стратегиятын сэтинньигэ диэри саҥардарга сорудахтаата. Стратегияҕа киириэхтээх бырайыактары көҕүлээһин уонна сүүмэрдээһин, ону дьүүллэһэргэ стратегическай сессиялар от ыйыгар буолуохтара. Экспертэринэн муниципальнай тэриллиилэр, бизнес, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, билим бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара. Ааспыт сыл сэтинньитигэр Дьокуускайга аһыллыбыт Сбер «21оскуола. Саха сирэ» судаарыстыбаннай сулуусупалаахтары уонна биэдэмистибэннэй тэрилтэлэр үлэһиттэрин «Дааннайдары анаалыска киирии» диэн бырагырааманан үөрэтиэхтэрэ.
Кулун тутар 22 күнэ. Айсен Николаев «Элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өйөбүл дьаһаллара» диэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕын олоххо киллэрии боппуруостарыгар мунньах ыытта. Бэрэсидьиэн тохсунньу 23 күнүнээҕи быһаарыытынан дойду үрдүнэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн диэн статус бигэргэммитэ. Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ эбии дьаһаллар туһунан Ил Дархан ыйааҕын барылын бэлэмнииргэ сорудахтаата. Бу сыл саҕаланыытыгар Саха сиригэр 34 тыһ. тахса элбэх оҕолоох ыал баар.
Кулун тутар 23 күнэ. Ил Дархан Москва уобалаһыгар «Крокус Сити Холл» комплекска тахсыбыт быһылааҥҥа сырдык тыыннара быстыбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр уонна чугас дьонноругар Саха сирин бары олохтоохторун уонна тус бэйэтин аатыттан дириҥ кутурҕанын биллэрдэ. Эмсэҕэлээбиттэргэ түргэнник үтүөрэллэригэр баҕарда.
Кулун тутар 23 күнэ. Ил Дархан Саха сиригэр уопсастыбаннай бэрээдэги күүһүрдүүгэ уонна куттал суох буолуутун хааччыйыыга маассабай тэрээһиннэри ыытары бобор туһунан Ыйаахха илии баттаата. Кулун тутар 25 күнүн түүн 00.00 чааска диэри Саха сиригэр маассабай успуорт, култуура, сынньанар, аралдьытар, о.д.а. тэрээһиннэри ыытыы бобулунна.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Ааспыт өрөбүллэргэ дьону-сэргэни долгуппут алдьархай өссө төгүл көрдөрбүтүнэн, бэйэ-бэйэни харыстааһын, сэргэх, түмсүүлээх буолуу ыарахаттары туоруурга төһүү күүс буолар. Этэҥҥэ буолуоҕуҥ!
Ааптар: Афанасий Ноев