Муус устар 3 күнэ. Нэдиэлэтээҕи үлэни былаанныыр мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар бастакынан быһаарыллыахтаах соруктары туруорда. Сыл бастакы кыбаартала түмүктэммитинэн, национальнай бырайыактар, судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн тутууга хантараактары түһэрии, оборудованиены ылыы, ону таһынан массыына суолунан таһаҕаһы тиэйии үлэлэлэрин түмүктүүргэ сорудахтаата. Халааҥҥа уонна ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии, сылгы, сүөһү кыстыгын боппуруостарын болҕомто киинигэр тутарга ыҥырда.
Дойду Бэрэсидьиэнэ улахан суолталаах быһаарыылары ылбытын санатта. Муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри байыаннай сулууспаҕа сааскы хомуур ыытыллар. Эрэгийиэн баһылыга этэринэн, сулууспаҕа ыҥырыллааччы ахсаана өрүү буоларын курдугун, ахсаана эбиллибэтин, онон үлэ былаан быһыытынан барарын бэлиэтээтэ.
Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ дойду Бэрэсидьиэнэ бигэргэппит Тас бэлиитикэҕэ концепцияны сиһилии үөрэтэллэригэр, докумуон сүрүн балаһыанньалара өрөспүүбүлүкэ тас сыһыаннаһыыга ыытар үлэтигэр учуоттаныаллыахтааҕын туһунан ыйда.
РФ Бырабыыталыстыбата Уһук Илиҥҥи куораттарга табыгастаах эйгэни оҥорууга көҕүлээһиннэр тустарынан уураах ылынан, Саха сирин туруорсуута аахсыллыбыт. Юрий Трутнев көмөтүнэн бу докумуон үлэҕэ киирдэ, Бэрэсидьиэн сөбүлэҥин ылан, мантан инньэ Уһук Илиҥҥи куораттарга бастыҥ бырайыактары талар куонкурус туспа ыытыллар буолуоҕа. Уураахха субсидиялары анааһын быраабылата ыйыллыбыт. Бастакы куонкурус ыам ыйын 1 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах. Иккис куонкурус сэтинньи 1 диэри буолуоҕа. Бастыҥ бырайыактарга субсидия орто кээмэйэ — 100 мөл. солк. кэриҥэ. Куонкуруска 250 тыһ. кыра нэһилиэнньэлээх куораттар, ону таһынан 5 тыһ. ордук нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр кыттыыны ылыахтара. Айсен Николаев бу куонкурустарга хайаан да кыттыыны ыларга ыҥырда, муниципалитеттарга сөптөөх көмөнү оҥорор булгуччулааҕын эттэ.
Муус устар 4 күнэ. «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыахтара. Манна барыта 3 тыһ. кэриҥэ кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр. Оонньууларга бэлэмнэнии үлэтин хаамыытын кытта Ил Дархан билистэ.
«2024 сылга «Азия оҕолоро» оонньуулар биһиги дойдубутугар ыытыллар тэрээһиннэртэн биир сааамай бөдөҥнөрө буолар. Билигин барыллаан ааҕыынан 30-ча дойду кыттыаҕа. Саха сирэ тэрийээччи буоларын быһыытынан улахан эппиэтинэһи сүгэр. Биһиги бу иннинээҕи тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыыппыппыт. Кэлэр сылга Саха сирэ успуорт, эйэ, доҕордоһуу бырааһынньыгын бэлэхтиэ диэн эрэнэбин», — диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка спортсменнарга олимпийскай дэриэбинэни олохтуохтара. Сайсары уокуругар 77 кыбаарталга икки мэндиэмэннээх, 400 миэстэлээх трибуналаах, 5,5 тыһ. кв.м. иэннээх успуорт саалатын тутан киллэриэхтэрэ. Онно кыргыттар волейболлара буолуоҕа. Уопсайа киин куоракка күрэхтэһиилэр 16 успуорт эбийиэгэр ыытыллыахтара. Олортон 9-гар өрөмүөн үлэтэ быйыл барарар ирдэнэр. Ил Дархан оонньуулар балаһыанньаларын, регламеннарын «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт таһымыгар бигэргэтэри сорудахтаата.
Санатар буоллахха, эһиилги оонньууларга 17 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ, эбии 5 көрүҥ – стендовай ытыы, кик-боксинг, саахымат, үҥкүү успуорда, Го оонньуу киирдилэр. Ону таһынан «Алыш» курдаан тустуу, үөһээ ыттыы көрүҥүн билиһиннэриэхтэрэ.
Муус устар 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьевалыын көрсөн, саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сылыгар бэлэмнэнии туһунан кэпсэттилэр. Бэлиэ даата 1900 сылтан Өксөкүлээх Өлөксөй «Байанай алгыһа» поэматыттан ааҕыллар. Үбүлүөйү көрсө суруйааччылар улуустарынан ааҕааччылары кытта көрсөллөр, матырыйаал хомуйаллар. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун устуоруйатын туһунан кинигэ тахсыыта, саха литэрэтиирэтин аксакаалларын туһунан документальнай киинэни устуу былааннаналлар.
«Саха сирин үгүс көлүөнэ дьонун иитиигэ, тыл уонна култуура сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит уһулуччулаах суруйааччыларбыт нэһилиэстибэлэрин харыстыыр, киэҥник тарҕатар ирдэнэр. Кинилэр айымньыларыгар сырдаппыт идиэйэлэрэ бүгүн ыччаты духуобунай, өй-санаа өттүнэн иитиигэ ордук суолталаахтар», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Ил Дархан саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытыыга ыйаах тахсыаҕа диэн иһитиннэрдэ.
Муус устар 5 күнэ. Ил Дархан ыыппыт Төрөппүт сэбиэтин иккис мунньаҕар үөрэх кыһаларыгар гражданскай-патриотическай иитиигэ уонна оскуолаларга төрөппүт кэмитиэтин оруолун үрдэтиигэ дьаһаллар тустарынан дьүүллэстилэр. Саха сирин бары оройуоннарыгар оҕолору, ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга туһуламмыт төрөппүттэр мунньахтара ыытыллыахтара.
«Аныгы кэм төрөппүтэ үөрэх процеһыгар быһаччы кыттыытын ситиһиэхтээхпит. Биһиги үөрэхтээһиҥҥэ иитии чааһын күүһүрдэн биэриэхтээхпит, оскуолалар үөрүйэхтэрин бары оройуоннарга ситимниэхпит, бастыҥ уопуту өйүөхпүт, тарҕатыахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Төрөппүт хонтуруолун уопсастыбаннай ыстааптара бары оройуоннарга тэриллибиттэр. Эрэгийиэн баһылыга маннык ыстааптары тэрийиини оскуолалары сэргэ уһуйааннарга эмиэ күүһүрдэри бэлиэтээтэ. Ил Дархан сүрүн хайысханан үүнэр көлүөнэни үлэнэн иитиини ааттаата.
Муус устар 5 күнэ. Стратегическай көҕүлээһиннэргэ агентство Уһук Илин эрэгийиэннэригэр 2023 сылга социальнай стандартары олоххо киллэриигэ тэрийэн ыыппыт панельнай сиэссийэтигэр Ил Дархан кыттыыны ылла. Айсен Николаев Саха сирин уопутун кэпсээтэ. Болҕомтону байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уйулҕа өттүнэн көмөнү оҥоруу тарта. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинэ 5,5 тыһ. көмөнү оҥорбут.
Арктическай улуустарга регионнааҕы социальнай стандарты киллэрии быһыытынан олунньуттан Саха сирин арктическай улуустарыгар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга пилотнай бырайыак оҥоһуллар. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ, улуустарга мобильнай быраастар биригээдэлэрэ тиийэллэр. Икки ый устата 12 тыһ. кэриҥэ киһини доруобуйатын туругун көрдүлэр, эмтээтилэр. Бу Арктика, ону сэргэ дойду ыраах сытар сирдэригэр тарҕатарга бастыҥ уопут буолуон сөп.
Муус устар 5 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Жатайдааҕы суудунаны оҥорор верфэ тутуутун хаамыытыгар мунньах ыытта. Кини эбийиэк тутуутун уонна оборудование сыаната ыараабытынан бу боппуруоска федеральнай биэдэмистибэлэри кытары үлэлэһэргэ сорудахтаата. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу 70% бэлэм. Куорпустары оҥоруу блога тутуллар, административнай–бытовой куорпустарга үлэ барар, суудуналары түһэрэр былаһааккаҕа рельсэни таҥаллар. Верфэни сэргэ социальнай эбмйиэктэр тэҥинэн тутуллаллар — 200 миэстэлээх үлэһиттэргэ уопсай дьиэ, 9 мэндиэмэннээх олорор дьиэ уонна 360 миэстэлээх оскуола. Суудунаны тутар верфэ үлэҕэ киирдэҕинэ Өлүөнэтээҕи бассейн уонна Арктика зонатын флота саҥардыллыаҕа. Сыллата уонча суудунаны оҥорон таһаарыахтара, уста сылдьар тэриллэри өрөмүөннүөхтэрэ.
Муус устар 5 күнэ. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай приемнайыгар Айсен Николаев дьону кытары көрүстэ. Чурапчытааҕы физкултуура, успуорт институтун 2-с кууруһун устудьуона Саргылаана Аргунова приемҥа сырытта. Кини тулаайах буолан, билиҥҥитэ институт уопсайыгар олорор, инникитин Дьокуускайга олохсуйар былааннаах. Куорат дьаһалтата кинини субвенция суотугар кыбартыыраны ылааччылар испииһэктэригэр киллэрбит эрээри, билиҥҥитэ биэрэ илик. Айсен Сергеевич кыыһы бу сылга кыбартыыранан хааччыйарга сорудахтаата. «Квота баар, үп-харчы көрүллүбүтэ. Онон кыбартыыра эйиэхэ быйыл бэриллиэҕэ», — диэн кини эттэ.
Приемҥа ГРЭС олохтоохторуттан 2-с База уулуссатыттан бэрэстэбиитэл кэлэ сырытта. Дьокуускай генеральнай былааныгар уларыйыылары киллэрэри, рекреационнай суолталаах зонаттан олорор дьиэни туттар зонаҕа көһөрүллэрин туруорсаллар. Бу сиргэ булкаас уонна уопсастыбаннай-дьыалабыай тутуу зоната буоларын туһунан быһаарыы ылылынна. Оччотугар олорор дьиэни тутуу эмиэ көҥүллэнэр. Дьокуускай генеральнай былааныгар уларыйыылары киллэрии түргэтиэҕэ.
Муус устар 6 күнэ. Национальнай художественнай музейга аатырбыт худуоһунньук Иван Шишкин быыстапкатын аһыллыыта буолла. Быыстапкаҕа Татарстан уус-уран искусствотын судаарыстыбаннай музейыттан 83 хартыына көрдөрүүгэ туруоруллубут. Быыстапка арыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев сырытта.
«Иван Шишкин айымньыларын биһиги кыра эрдэхпититтэн билэбит. Ону илэ кэлэн көрүү, улуу худуоһунньук өлбөт-сүппэт айар үлэтигэр сыстыы элбэҕи биэрэр. Бу Татарстаҥҥа баар Шишкин коллекцията Третьяковскай галерея уонна Нуучча музейын кэнниттэн дойдуга үһүс улахан мунньуу буолар. Татарстан салалтатыгар, култуураҕа министиэристибэтигэр, уус-уран искусство музейыгар махталбын биллэрэбин, — диэтэ кини уонна Татарстан култуураҕа миниистирин, музей дириэктэрин аатыгар Махтал суругу туттарда.
Быыстапка Саха сирэ уонна Татарстан бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиини олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар. Татарстан култуураҕа миниистирин солбуйааччы Дамир Натфуллин Ил Дархаҥҥа Татарстан баһылыга Рустам Минниханов аатыттан эҕэрдэ суругу туттарда.
Быыстапкаҕа анаан 33 живопись, 50 графика хартыыналара талыллыбыттар. Иван Шишкин сүрүннээн ойууру, пейзажтары дьүһүйэрэ биллэр. Быыстапка муус устар 7 күнүттэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри туруоҕа.
Муус устар 6 күнэ. Айсен Николаев Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сийиэһин пленарнай мунньаҕар кытынна. Дьокуускайга бу улахан тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан 300-кэ фермер кытынна. Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар бэриниилээх үлэлэрин, сайдыыга дьулуурдарын иһин махтанна.
«Биһиги бэйэбит бородууксуйабыт үрдүк хаачыстыбалааҕын, экология өттүнэн ырааһын, амтанын сөбүлүүбүт. Саҥа дьыл иннинэ эһиги оҥорон таһаарбыт тыһыынчанан сибиэһэй бородууксуйаҕытын, сылгы, ынах, таба этиттэн аһы-үөлү, балыгы байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаах байыастарбытыгар ыыппыппыт. Уолаттарбыт дойдуларын сибиэһэй аһын аһааннар, күүстэригэр күүс эбиллибитин, самныбат санаа киирбитин этэллэр, махтаналлар. Ити барыта эһиги үлэҕит үрдүк сыанабылынан буолар», — диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев эппитин курдук, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын боппуруоһа өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүн соругунан турарын, билиҥҥи кэм аныгылыы тэрээһини, технологическай култуураны туруорары ирдиирин бэлиэтээтэ. Оҥорон таһаарыыны элбэтэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыахтаах – бу буолар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сүрүн соруктара.
Салгыы өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыны үбүлээһин улаатан иһэрин бэлиэтээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара тустаах министиэристибэ нөҥүө субсидия 40 көрүҥүн уонна муниципальнай тэриллиилэр нөҥүө субвенция быһыытынан 12 көрүҥ үбүнэн көмөнү ылаллар. Племенной үлэҕэ, ветеринарияҕа, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, материальнай-тэхиньиичэскэй баазаны бөҕөргөтүүгэ, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһыыга көмө оҥоһуллара этилиннэ.
«Ол эрээри судаарыстыба мэлдьи өйүүрүн үрдүнэн, тыа хаһаайыстыбатын валовой бородууксуйатын оҥорон таһаарыы үрдээбэт, кэтэһиллибит түмүгү биэрбэт. Онон атын таһымҥа тахсан, урукку пуорманы уларытан, субсидияны биэриигэ саҥа ньыманы туттан, оҥорон таһаарыыны сөпкө тэрийэн, бородууксуйаны улаатыннаран, ыларга эрэ буолбакка, биэрэргэ эмиэ кыһаллыахтааххыт», — диэн Айсен Николаев чопчу эттэ.
Муус устар 6 күнэ. Саха сиригэр «Куттала суох Арктика-2023» уопутунай-чинчийэр үөрэх саҕаламмытын РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Александр Куренков уонна Саха сирин баһылыга Айсен Николаев биллэрдилэр. Икки күн устата Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ, Быыһыыр сулууспа уонна туһааннаах тэрилтэлэр быһылаан тахсыбытын суох оҥорорго, ол иһигэр ньиэп бородууктатын уонна баһаар содулларын туоратыыга үөрэҕи ыыттылар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 22 тыһ. киһи кыттыылаах сырдатар хайысхалаах дьыалабыай тэрээһиннэр буоллулар. Үөрэх чэрчитинэн «төгүрүк остуоллар», сэминээрдэр, Арктика усулуобуйатыгар туһаныллар тиэхиньиичэскэй тэриллэр быыстапкалара ыытылыннылар. Маны сэргэ баһаарынай-быыһыыр успуорт көрүҥүгэр күрэхтэһиилэр буолан аастылар.
Арассыыйа ЫБММ маннык үөрэтиигэ тоҕус хотугу улууһу хапта. Киэҥ хабааннаах тэрээһин сыалынан Арктика зонатыгар ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр, ону туоратар уонна сэрэтэр биир кэлим тиһиги оҥоруу буолар.
Муус устар 7 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга ытык иэһин төлүү сылдьан суох буолбут саллаат Михаил Андреев төрөппүттэрин кытта көрүстэ. Михаил ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Өлүөхүмэ улууһуттан байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыта. 2022 сыл сэтинньитигэр Донбасска Павловскай сэлиэнньэтигэр бойобуой сорудаҕы толорууга сырдык тыына быстыбыта. Уол төрөппүттэрэ бэйэлэригэр бүгэн хаалбакка, төттөрүтүн атыттары өйүүргэ санаммыттар. Билигин уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктаналлар, Өлүөхүмэ улууһуттан байыаннай дьайыыга барбыттар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр.
«Мин Константин Филипповиһы, Жаннаретта Халитовнаны кытта Өлүөхүмэтээҕи волонтердар кииннэригэр көрсөн турабын. Истиҥ кэпсэтии буолла. Олох туһунан, байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө туһунан кэпсэттибит. Бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр, көрдөһүүлэрин эттилэр, олор булгуччу көрүллүөхтэрэ. Саха сирин олохтоохторун өйдөрүттэн, сүрэхтэриттэн Михаил туһунан сырдык өйдөбүл хаһан да сүтүө суоҕа”, — диэн Ил Дархан санаатын үллэһиннэ. Айсен Николаев байыас төрөппүттэригэр дириҥ кутурҕанын тиэртэ, дьоҥҥо көмөлөрүн иһин махтанна.
Муус устар 7 күнэ. Эрэгэйиэн баһылыга Айсен Николаев «Русатом Оверсиз» бэрэсидьиэнэ Евгений Пакермановы кытары көрүстэ. Кэпсэтии Саха сиригэр тутуллуохтаах бастакы атомнай ыстаансыйа бырайыагын тула буолла. Евгений Пакерманов иһитиннэрбитинэн, бырайыак бүгүҥҥү күҥҥэ олоххо киирэргэ бэлэм. Тутар былаһааккаҕа 80 киһи уонна 38 тиэхиньикэ үлэлиир. 2 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллибит. Сайын быстах кэмнээх тутааччылар быстах олор сирдэрин уонна дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутууну сылы эргиччи ыытар былааннаахтар.
Усуйаана улууһун Усть-Куйга бөһүөлэгэр бастакы атомнай ыстаансыйаны тутуу өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан суолталааҕын Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Өрүттэр «Русатом Оверсиз» хампаанньа уонна өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ, биэдэмэстибэлэрэ бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан дьүүллэстилэр. Дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу «Күчүс» көмүс баайдаах сири, Кулаардааҕы көмүстээх сири, Тирэхтээх хорҕолдьуннаах үрэҕи уонна Депутатскайдааҕы хорҕолдьуннаах сири туһаҕа таһаарыыга, хоту хайа-байытар кластер сайдарыгар кыаҕы биэриэҕэ.
Муус устар 7 күнэ. Хотугу таһаҕаһы тиэйии туһунан федеральнай сокуон барыла Госдумаҕа маҥнайгы ааҕыыны ааста. Сокуону таҥыыга Саха сириттэн ордук элбэх этии, туруорсуу киирбитэ. Бу туһунан Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов министиэристибэ уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын холбоһуктаах мунньаҕар иһитиннэрдэ. Кини Ил Дархаҥҥа сокуон барылыгар Саха сирэ көхтөөх үлэлэспитин иһин махтанна.
«Сокуон барылын маҥнайгы ааҕыытын ааһарыгар өрөспүүбүлүкэбит этиилэрэ учуоттаннылар. Биһиэхэ сылы эргиччи суол-иис суоҕунан, навигация уустук быһыыга-майгыга ааһарынан, таһаҕаһы тиэрдии тыын суолталаах боппуруос буолар, онон бу сокуон хотугу эрэгийиэннэргэ туһалаах буоларын ситиһиэх тустаахпыт», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Муус устар 8 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар быраастары уонна ыарыһахтары кытта көрүстэ. Кулун тутарга Айсен Николаев балыыһа салайааччыта Иван Луцканы кытта көрсөн, кэккэ сорудаҕы биэрбитэ. Онон сорудах хайдах толорулларын бэрэбиэркэлээтэ, саҥа атыылаһыллыбыт аныгы тэриллэр хайдах үлэлииллэрин уонна телемэдиссиинэ ньыматынан үөрэх хайдах барарын көрдө. Эпэрээссийэҕэ туһаныллар, лазерынан эмтиир тэрил балыыһаҕа соторутааҕыта аҕалыллыбыт.
Маны сэргэ Ил Дархан улуус быраастарын кытта тэйиччиттэн сүбэни-аманы оҥорууну туоһуласта. Бу хайысхаҕа балыыһа лиссиэнсийэ ылбыт. Билигин Дьокуускайга улуустартан 20 биэлсэр уонна сиэстэрэ оптометрия хайысхатыгар үөрэнэ сылдьар. Эмтиир быраастар эмиэ үөрэнэллэр. Глаукоманы эмтээһиҥҥэ аналлаах кэмпириэнсийэ буолбут.
Муус устар 8 күнэ. Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар үлэтин Инагдинскайдааҕы хайа байытар комбинаты көрүүттэн саҕалаата. «Билигин «Инаглинскай-1» фабрика үлэлии турар, сылга 2 мөл. туонна чоҕу хостуур. Оттон 2024 сылга «Инаглинскай-2» иккис уочаратын тутуу түмүктэниэҕэ. «Инаглинскайдааҕы» ГОК чох хостооһунун быйыл 8,5 млн туоннаҕа диэри үрдэтэр былаан баар. Эһиил 12 млн туоннаҕа диэри хостуур толору кыаҕар киирэн үлэлиэҕэ. Айсен Николаев этэринэн, дойдуга биир саамай кэскиллээх ГОК туруоруллубут соругун толорон, өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок киириитин улаатыннарыаҕа, оройуоҥҥа социальнай инфраструктураны сайыннарыаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна 2700 киһи үлэлиириттэн 75% — олохтоо каадыр.
Муус устар 8 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Нерюнгригэ сырыытын кэмигэр уонна байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай фонда бэрэссэдээтэлэ Анна Цивилева Саха сиригэр фонда филиалын арыйыы боппуруостарынан сүбэ мунньаҕы ыыттылар.
«Бу хайысхаҕа үлэ олунньуттан саҕаламмыта. Биһиги «Биир түннүк» көрүҥүнэн өйөбүл миэрэтин оҥоробут. Оройуоннарбытын, куораттарбытын бу үлэҕэ кытыннарабыт. Волонтердар көмөлөһөллөр. Биһиги пуонда үлэтигэр бары өттүнэн көмөлөһөргө, фонда салаатыгар үлэлиир миэстэ биэрэргэ бэлэммит, — диэтэ Айсен Сергеевич.
Анна Цивилева өрөспүүбүлүкэ үлэни суһаллык тэрийиини көҕүлүүрүн иһин махтанна уонна дьон фонда салаатыгар кэлэн наадалаах көмөнү ыларын ситиһиэхтээхпит диэн эттэ. Бу фонда социальнай сүрүннээччилэрин үөрэтиини сотору кэминэн саҕалыахтара. Онон үгүс көмө оҥоһулларыгар кыах уурулунна.
Муус устар 8 күнэ. Ил Дархан Нерюнгрига «Колмар» кэлэктиибин хампаанньа тэриллибиттэ 20 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сиригэр аҕыйах сыллааҕыта 10 мөл. туоннаттан аҕыйах чоҕу хостуур буоллахтарына, быйыл 20 мөл. туонна хостонуо, салгыы көрдөрүү улаатан иһиэ уонна дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһалыа диэн эттэ. Онуоха дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин сайдыытын Арассыыйаҕа сүрүн сорук быһыытынан туруорбута төһүү күүс буоларын бэлиэтээтэ. Юрий Трутнев хамаандата Уһук Илини өйөөһүҥҥэ саҥа мэхэньиисимнэри киллэрэн, Нерюнгри уонна Нерюнгри оройуона саҥалыы тыыннаммыттарыгар болҕомтону тарта. Билигин «Колмар» — үс шахталаах, үс хайа байытар фабрикалаах, аһаҕас хайа үлэтин ыытар учаастактардаах, өрөмүөннүүр-оҥорон таһаарар базалаах, тимир суол станциялаах уонна бырайыактыыр институттаах. «Инаглинская-2»» фабрика иккис уочаратын тутар. 2022 сылга 12,4 мөл. туонна чоҕу хостообута, быйыл 14, 3 мөл. туоннаны былаанныыр. Хампаанньаҕа 6 тыһ. тахса киһи үлэлиир. 2022 сылга «Саха сиригэр бастыҥ үлэ биэрээччи» ааты ылбыта.
Муус устар 9 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Уол оҕо күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ уонна дойдуга инники кэккэҕэ сылдьар. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 2 663 оҕо төрөөтө, кинилэртэн 1 360 — инникитин аҕа буолуохтаах уолаттар.
«Уол оҕону эппиэтинэстээх, дьулуурдаах уонна дойдуга бэриниилээх буоларга иитии үксүгэр төрөппүттэртэн тутулуктааҕын өйдүүрбүт суолталаах. Төрөппүттэр бэйэлэрин холобурдарынан дьиҥнээх эр киһини, аҕа буолуохтаах киһини иитэн таһаараллар. Кинилэр амарах ийэлэр уонна күүстээх санаалаах аҕалар тапталлаах оҕолоро эрэ буолбакка, дойду эрэллээх уолаттара буолалларын олох дьиҥэ көрдөрдө. Билигин биһиги дойдубут устуоруйа улахан тургутууларын ааһар. Билигин буола турар анал эпэрээссийэ -– дойдубут инникитин туһугар охсуһуу. Дойду көмүскэлигэр туруммут эр дьоммут, уолаттарбыт көмөлөрүнэн биһиги барытын тулуйуохпут уонна кыайыахпыт. Саха сирэ байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр дойду интэриэһин көмүскүү сылдьар уолаттардаах дьиэ кэргэттэри уонна төрөппүттэри өйүүр уонна өйүөҕэ. Эһиэхэ доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Бары уол оҕолорго эйэлээх олоҕу, инники кэскили», -– диэн бэйэтин эҕэрдэтигэр Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Саха сиригэр Уол оҕо күнүн иннинэ Таатта улууһун Туора Күөлүгэр аҕалар уонна оҕолор «Аҕа күрэҕэ-2023» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи 23-с күрэхтэһиилэрэ буолан ааста. Күрэхтэһиилэргэ өрөспүүбүлүкэ 16 улууһуттан 18 хамаанда кытынна. Кыайыылаахтарга Ил Дархан 300 тыһ. солк. бириэмийэтэ туттарылынна.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Хойуу хаар, күүстээх тыал арахсыбакка аргыстаспыттара сылаппакка, сааскы салгын сайа охсон да, хойут хараҥарар буолан да, эрчимирэн, сыыдамсыйан, күммүт көдьүүһэ үрдээн истин!
Ааптар: Афанасий Ноев