Ыам ыйын 17 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытта киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытарыгар кэлиҥҥи күннэргэ санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы ыараабытын, балаһыанньаны бүттүүн уопсай вакцинация эрэ тупсарыаҕын туһунан эттэ.
Ол иһин регион салалтата вакцинаны ылыы нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буолуутугар тоҕоостоох усулуобуйаны тэрийэр. Билиҥҥитэ 100 тыһ. тахса киһи толору дозаны ылбыт. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга чугастааҕы нэдиэлэлэргэ быһыы туруортарар киһи ахсаанын лаппа элбэтэри сорудахтаата. Ил Дархан судаарыстыбаннай былаас уорганнарын үлэһиттэрин 19% эрэ вакцина ылбытын, сорох министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ көрдөрүүлэрэ 10% сэмэлээтэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, федеральнай суһал ыстаап өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ вакцинаны аҕалыы тэтимнээхтик барар, ол иһин нэһилиэнньэ ортотугар быһыыны туруортарыы хамаҕатык барыахтаах. Регион баһылыга вице-премьердэргэ сүрүннүүр салааларынан үлэһиттэр вакцина ылыахтаахтарын 70% тиэрдэргэ сорудахтаата. Ил Дархан дьаһалынан Дьокуускайга уонна Мэҥэ Хаҥаласка уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн быһыы туруортарар пууннар уонна биригээдэлэр ахсааннара эбилиннэ. Балыыһалары таһынан МФЦ офистарыгар, бааннарга, автовокзалга, аэропуорка, тимир суол вокзалыгар, атыы-эргиэн кииннэригэр, култуура, үөрэх эбийиэктэригэр тэрилиннилэр. Киин куорат уокуруктарыгар дьон мустар сирдэригэр быһыыны эмиэ туруораллар. Вакцинаны үлэ күнүн сэргэ өрөбүллэргэ эмиэ биэрэллэр. Пууннарга пааспардаах, полистаах уонна СНИЛС-тээх кэлэр ирдэнэр.
Ыам ыйын 17 күнүгэр Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар туһаайан коронавирус дьаҥын туһунан анал этиилээх телевидениэҕэ, араадьыйаҕа таҕыста. Кини муус устар ортотуттан коронавируһунан сутуллуу элбии турарын, оҕолор, ыччат ыалдьара элбээбитин, киһи өлүүтүн ахсаана үксүүрүн бэлиэтээтэ. Улахан куттал уруккутун курдук сааһырбыт уонна дьарҕа ыарыылаах дьоҥҥо суоһуур. «Эпидемиологическай быһыы-майгы уустугурбутунан хааччахтыыр дьаһаллары күүһүрдэргэ, саҥа бобуулары киллэрэргэ күһэллэбит. Аҕыйах хонуктааҕыта ону барытын сиһилии түмпүт үс ыйаахха илии баттаатым. Чуолаан өрөспүүбүлүкэ иһигэр кэлии-барыы — киин куораттан улуустарга, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлээччилэри хонтуруолга ылыы күүһүрүөҕэ. Ол ордук уоппускалаахтарга, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар барар оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга сыһыаннаах. Биллэн турар, вахтанан уонна өрөспүүбүлүкэҕэ быстах үлэҕэ кэлээччилэри эмиэ таарыйар. Үлэни биэрээччилэр дезинфекцияны тэрийиигэ, үлэһиттэри «дьиэттэн үлэҕэ» ыытыыга эбии эбээһинэстэри сүктүлэр. Аралдьытар-сынньатар тэрилтэлэр кэккэ көрүҥнэрин үлэлэрэ быстах кэмҥэ тохтотуллар, ол иһигэр оҕо кииннэрин, оонньуур хостор үлэлэрэ. Бу дьаһаллар дьон доруобуйатын харыстыыр инниттэн, үөскээбит быһыыны-майгыны көннөрөр, өссө кытаанах бобууга тиэрдибэт инниттэн ылылыннылар. Кутталлаах вируһу утары көдьүүстээхтик туруулаһарга вакцинаны ылыы тирэх буолар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 122 тыһ. тахса киһи быһыыны ааста. Бу аҕыйах. Күргүөмүнэн быһыы ылары өссө далааһыннаахтык уонна түргэн тэтиминэн салгыах тустаахпыт. Ол иһин Федеральнай суһал ыстаапка Саха сиригэр быһыы балачча элбэх партиятын аҕалыыны туруорустум. Быһыыны ылыы судургу буоларын ситистибит. Медицина сулууспаларын, лабораториялар, суһал ыстааптар сыралаах үлэлэрин норуот өйөөтөҕүнэ эрэ үтүө түмүктээх буолуоҕа. Саамай сүрүнэ, дойдубутугар оҥоһуллубут, аан дойдуга саамай көдьүүстээҕинэн билиниллибит быһыыны көҥүл ылар кыахпытын туһаннахха табыллар! Быһыыны күргүөмүнэн ыллахпытына бүттүүн көмүскэллээх буолуохпут. Оччоҕуна эрэ дьаҥ тарҕаныыта тохтоон, быһыы-майгы тупсуоҕа, нус-бааччы олохпутугар эргиллиэхпит», — диэн Айсен Сергеевич бар дьонун ыҥырда.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Саха сирин уһулуччулаах уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, ХIХ-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын лидерэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 155 сылын туолла. Бу бэлиэ түгэнинэн Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. «Саха норуотун чулуу уола Василий Никифоров — Күлүмнүүр үтүө аата 60 сыл кэнниттэн биирдэ норуотугар төннүбүтэ, ааттанар буолбута. Маныаха бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев өҥөтүн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Күлүмнүүр аатын үйэтитиигэ, чөлүгэр түһэриигэ чинчийээччи Ираида Клиорина, суруйааччы Иван Федосеев — Доосо уонна бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков сүҥкэн өҥөлөөхтөр. Күлүмнүүр Саха сиригэр бастакы быыбардаммыт салайааччынан үлэлээбитэ, Саха сиригэр земствоны, сахалар бастакы сийиэстэрин тэрийбитэ, саха литературатын саҕалааччыларыттан биирдэстэрэ, бастакы драматург быһыытынан «Манчаары» пьесаны суруйбута, саха национальнай бэчээтин, саха драматическай искусствотын, бастакы публичнай библиотеканы төрүттээбитэ. Кини сүрүн соруктары норуот үөрэҕириитигэр, медицина, аграрнай култуура сайдыытыгар көрөрө. Историктар, филологтар, литературоведтар, кыраайы үөрэтээччилэр, архивистар сыраларынан Күлүмнүүр туһунан чахчылар, матырыйааллар түмүллэллэр, кини үтүө аата үйэтитиллэр. Бэйэбит историябытын сөргүттэхпитинэ, кэм-кэрдии уонна көлүөнэ ситимин бөҕөргөтөхпүтүнэ, биһиги иннибити диэки эрэллээхитк хардыылыахпыт», — диэтэ Ил Дархан. Бу күн Василий Никифоров-Күлүмнүүр сырдык аатыгар сүгүрүйэн, Дьокуускайга кини пааматынньыгар уонна Национальнай библиотека дьиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома ыытылынна.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Күннэтэ региоҥҥа хамсык дьаҥынан 100-тэн тахса киһи ыалдьара бэлиэтэнэр. Бу 100 тыһ. нэһилиэнньэҕэ ыалдьыбыт киһи ахсаанынан кэлиҥҥи икки нэдиэлэҕэ Саха сирэ дойдуга үһүс миэстэҕэ сылдьар. Ыараханнык ыалдьар киһи ахсаана эбиллэр, 18-40 саастаах эдэр дьон ортотугар өлүү ахсаан эбиллэр. Реанимацияҕа 60 киһи киирбит. Баар балаһыанньаны төрдүттэн уларытарга улуустар, куораттааҕы уокуруктар баһылыктарыгар быһыы биэрэр хампаанньа тэтимин күүһүрдэргэ сорук туруорда. Ыарыы ордук тарҕаммыт Мэҥэ Хаҥалас улууһугар уонна Дьокуускайга үлэлээччи уонна аҕам саастаах дьон 70% кылгас кэм иһигэр вакцина ыларын ситиһиллиэхтээх. Медиктэр сайаапкаларынан вакцина дозаларын тиэйиигэ тырааныспарынан хааччыйыыны дьаһалталар хааччыйыахтаахтар. Муниципальнай сулууспалаахтар уонна муниципальнай тэрилтэлэргэ үлэлиир дьон, нэһилиэнньэни кытта үлэлииллэринэн уонна командировкаҕа сылдьалларынан, быһыы ылыахтаахтар. Улуустарга кэлэр үлэһиттэри, ол иһигэр вахтовиктары уонна тутуу биригээдэлэрин хонтуруолга тутуохтаахтар. Айсен Николаев вакцинация маассабайдык барыытыгар баһылыктар бэйэ холобурунан нэһилиэнньэни көҕүлээн, өйдөтөр-быһаарар үлэни киэҥник ыыталларын ыйда. Ыарыыттан харыстыыр соҕотох көдьүүстээх ньыма быһыыны ылыы буолар. Сайыҥҥы сынньалаҥ чугаһаабытынан улууска кэлэр оҕолору учуокка ылыыны, медиктэр кэтээн көрүүлэрин тэрийиигэ бэлэмнэнэллэригэр ыҥырда.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Айсен Николаев Илиҥҥи байыаннай уокурук командующайа, генерал-полковник, Россия Дьоруойа Геннадий Жидконы кытта көрүстэ. Кэпсэтии сүрүннээн оҕону уонна ыччаты байыаннай-патриотическай итиигэ «Авангард» үөрэтэр-методическай киин тула буолла. Россия Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан дойду 100 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх куораттарыгар байыаннай-патриотическай кииннэр тэриллэллэр. Дьокуускайга итинник киин ааспыт сыл муус устарга Кадеттарга интэринээт-оскуола базатыгар тэриллибитэ. 2024 сылга диэри интэринээт-оскуола саҥа дьиэтэ, спортивнай былаһааккалар тутуллуохтара, байыаннай техникэҕэ уонна тактическай бэлэми ыытыыга анаан оскуола тулатыгар саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Маны сэргэ Алдан, Нерюнгри, Мииринэй куораттарга үөрэтэр-методическай кииннэр, улуустарга оскуола оҕолоругар тэрээһиннэри ыытарга туспа чаастар баар буолуохтара. Айсен Николаев ыччаты патриотическай иитии, уолаттары Сэбилэниилээх күүстэр кэккэлэригэр сулууспалыырга бэлэмнээһин күүһүрүөхтээҕин ыйан туран, ити хайысхаҕа регион ыытар үлэтин кэпсээтэ. Геннадий Жидко Дьокуускайга Кадеттарга интэринээт-оскуолаҕа уонна армияҕа ыҥырыы пуунугар сылдьыбытын туһунан санаатын үллэһиннэ. Кини интэринээт-оскуола ыччака патриотическай тыыны иҥэрэргэ үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна онуоха өрөспүүбүлүкэ оруола улаханын бэлиэтээтэ. Илиҥҥи байыаннай уокурук «Авангард» кииҥҥэ үөрэтэр полигоны, кылаастары оҥорууга, техникэнэн хааччыйыыга, преподавателлэри, специалистары бэлэмнииргэ көмөлөһүөҕэ. Маны тэҥэ көрсүһүүгэ ХИФУ-га байыаннай үөрэх киинин тэрийии боппуруоһун кэпсэттилэр.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Айсен Николаев Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ мунньах ыытта. Региоҥҥа национальнай бырайыактары үлэлэтиигэ 2021 сылга холбоон 45,4 млрд солк. көрүллүбүт. Ити сууматтан 31,9 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн киириэхтээх, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 7,2 млрд солк., олохтоох бүддьүөттэн — 628,8 мөл. уонна бүддьүөтү таһынан үбүлээһинтэн — 5,6 млрд солк. Ил Дархан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан национальнай бырайыактарга былаан болдьоҕор толоруллуохтааҕын санатта. Билиҥҥитэн бырайыактар араас тэтиминэн баран иһэллэрин эттэ, сорох бырайыактар анаммыт болдьохторуттан хаалан иһэллэрин ыйда. Болдьоҕуттан хаалыыны түргэтэтэр былааны оҥоруу тутаах сорук буолуохтааҕын ыйда. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү былааннаммыт тэтиминэн баран иһэр. Айсен Сергеевич тутуу эйгэтигэр экэниэмикэ билиҥҥи туругуттан сылтаан бытаарааһын баарын туһунан эттэ. Ил Дархан бу хаалыыны суһаллык суох оҥорорго аналлаах былааны ылынарга Бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата. «Доруобуйа харыстабыла» бырайыак чэрчитинэн санитарнай авиация былааннаммыт көрдөрүүлэрэ уустугар болҕомтону тарта. Саха сирин усулуобуйатыгар санавиация рейстэрэ атын регионнартан ордук элбэх үбү эрэйэллэр. Айсен Николаев бу кыһалҕаны туоратарга сөптөөх быһаарыыны көрдүүргэ сорудахтаата. «Доруобуйа харыстабыла» уонна «Демография» бырайыактар атын көрдөрүүлэрэ сөптөөх болдьоххо толоруллуохтара диэн эрэннэрдэ. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара» нацбырайыак чэрчитинэн 2021 сылга ордук улахан үлэ Дьокуускайга былааннаммыт. Ил Дархан Тырааныспар миниистиригэр тутуу кэмэ кылгаһын учуоттаан, үлэ тэтимин күн аайы хонтуруоллуурга ыҥырда. «Үөрэхтээһин» нацбырайыагынан Жатай, Бүлүү техникумнарын өрөмүөнэ, Дьокуускайга IТ-куб оҕону үөрэтии киинин саҥардан оҥоруу туспа хонтуруолга турар. Аҕа баһылык бу тутууга муниципальнай үбүлээһин кыттыытын эрдэттэн былааҥҥа киллэрэр көдьүүстээҕин эттэ.
Ыам ыйын 19 күнүгэр Ил Дархан Мииринэй улууһугар үлэлээтэ. Кини Мииринэйгэ сибэтиэйдэр Кирилл уонна Мефодий чиэстэригэр тутуллубут Православнай култуурунай-сырдатар киин аһыллыытыгар кытынна. Айсен Николаев бу киини уопсастыбаннас көҕүлээбитин, Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман алҕаабытын, «АЛРОСА» АК салалтата өйөөн үбүлээбитин, онон бары санааны-күүһү түмэн тутуллубутун туһунан эттэ. Ил Дархан Саха сиригэр Православнай итэҕэл духуобунаһы, култуураны сайыннарыыга, сырдатыыга улахан оруолун бэлиэтээтэ уонна саҥа киин улуус олохтоохторо алтыһар, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһар сирдэрэ буоларыгар баҕарда. «АЛРОСА» салайааччыта Сергей Иванов пандемия хааччахтарын үрдүнэн киин кылгас кэм иһигэр тутуллубутун эттэ. Дьокуускай уонна Ленскэй архиепископ Роман сырдатыы сиэрин-туомун ыытта. Кииҥҥэ оҕолор православие культуратын төрүттэрин, историяны үөрэтиэхтэрэ, инбэлиит оҕолого инклюзивнай үөрэхтээһин ыытыллыаҕа. Библиотека, лиэксийэҕэ анал саала баар буолуохтара.
Ыам ыйын 19 күнүгэр Айсен Николаев «РусГидро» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Хмарины кытта Мииринэй оройуонун Чернышевскай уонна Светлэй бөһүөлэктэригэр уот ситимин хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин көрдүлэр. Бүлүүтээҕи ГЭС каскадыгар, «АЛРОСА» хампаанньатыгар Светлинскэйдээҕи ГЭС-кэ сылдьан, Саха сиригэр гидроэнергетика сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. «АЛРОСА» инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн 2020-2030 сс. Светлинскэйдээҕи ГЭС-кэ төрдүс гидроагрегаты үлэҕэ киллэрии, тарыып олохтонуутугар арҕааҥҥы энерго-оройуону энергия кэлим ырыынагар сыана иккис зонатыгар көһөрүү боппуруостарын ырыттылар. Маныаха бииргэ үлэлээһини күүһүрдэр туһунан санааҕа кэлбиттэрин Айсен Николаев үллэһиннэ.
Ыам ыйын 20 күнүгэр Айсен Николаев Мииринэйгэ «АЛРОСА» АК хаһаайыстыбаннай актыыбын мунньаҕар кыттыыны ылла. Ил Дархан, төһө да пандемиянан сибээстээн уустук сыл аастар, хампаанньа туруоруммут соруктарын толорон, өрөспүүбүлүкэ бырамыысалыннаһыгар көдьүүстээхтик уонна барыстаахтык үлэлиир тэрилтэ буолар диэн эттэ. Хампаанньа салалтата үлэһиттэри өйүүр дьаһаллары кэмигэр ылан уонна өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө баар буолан, үлэ хаамыыта тохтообото. Өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт бүддьүөтүгэр нолуок уонна атын төлөбүр киириитин 23% хампаанньа хааччыйда. Рынок сыыйа чөлүгэр түстэҕинэ, бүддьүөккэ киирии лаппа улаатыа диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Мунньахха тэрилтэ Саха сирин улуустарын сайдыыларыгар кыттыытын туһунан кэпсэттилэр. Хампаанньа сыл аайы 10 млрд солк. социальнай бырайыактары: оскуола, олорор дьиэ, култуура, успуорт кииннэрин, инфраструктура тутуллуутун үбүлүүр. «АЛРОСА» генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов уустук сылга хампаанньа социальнай эбэһээтэлистибэтин аччаппатаҕын, бэйэтин үлэһиттэрин эрэ буолбакка, алмаастаах түөлбэ олохтоохторун доруобуйатын харыстааһыҥҥа миэрэлэри ылбытын эттэ. COVID-19 утары охсуһууга 1 млрд солк. ороскуоттааабытыттан, ол онтон 95% Саха сиригэр эпидемияны утары миэрэлэри үбүлээһиҥҥэ анаабыт. Экологияҕа көрүллэр бары дьаһаллар ыытыллаллар, биэс сыл устата 30 млрд солк. айылҕаны харыстааһыҥҥа туһаайыллыбыт. Айсен Николаев айылҕаҕа хоромньу тахсыан сөп түбэлтэлэрин буларга, маныаха уопсастыбанньыктары, экологтары, олохтоох дьону кытыннарарга эттэ. Ил Дархан «АЛРОСА» «Олохтоох каадыры — бырамыысалыннаска» бырайыак чэрчитинэн Саха сирин улуустарыттан, куораттарыттан 20 тыһ. тахса киһини үлэнэн хааччыйбытын ыйда. Сергей Иванов олохтоохтору үлэлэтиигэ биир кэлим идэҕэ уһуйуу ыытылларын эттэ.
Ил Дархан Айсен Николаев уонна «АЛРОСА» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов 2021-2025 сс. СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан дуогабарга илии баттаатылар. Бу дуогабар үөрэҕириигэ, доруобуйа харыстабылыгар, дьарыктаах буолууга, айылҕа харыстабылыгар, култуураҕа, наукаҕа, спорду сайыннарыыга туһуламмыт социальнай бырайыактары, бырагыраамалары үлэлэтэргэ олук уурар. Ол чэрчитинэн 2021 сылга «АЛРОСА» 700 мөл. солк., онтон 2025 сылга диэри сыллата 800-түү мөл. солк ыытыаҕа. Бүлүү умнаһын улуустарын уунан хааччыйыы тиһигин сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын үбүлээһинэ 2024 сылга диэри 833 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ. Алмаастаах түөлбэ 8 улууһун кытары бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиигэ эмиэ илии баттастылар. Биэс сыл иһигэр хампаанньа Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Мииринэй, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар улуустарыгар барыта 370 мөл. солк. көмө быһыытынан ыытыаҕа.
Ыам ыйын 21 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Полярник күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Хотугу сири уонна Арктиканы баһылааһыҥҥа, сайыннарыыга олохторун анаабыт араас идэлээх дьон чинчийиилэрэ уонна арыйыылара дойду уонна регион сайдыытыгар бигэ тирэх буолаллар. Билигин бу үгэстэри салҕаан Арктика экэниэмикэҕэ уонна наукаҕа кыаҕын күүһүрдүүгэ үтүмэн үлэ ыытыллар. Киэҥ далааһыннаах бырайыактар дьон олоҕун тупсарыыга туһаайыллаллар. Дойду салалтата Арктикаҕа ураты болҕомтону уурар. Судаарыстыбаннай бэлитиикэ төрүттэрин, Арктика сайдыытын Стратегиятын ылыныыга Саха сирин көҕүлээһиннэрэ өйөбүлү ылбыттара. 2020 сылга Саха сирин Арктикатын 2035 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегията ылыллыбыта, дьон олоҕун уйгутун тупсарыыга, бизнескэ тоҕоостоох усулуобуйаны тэрийиигэ, оҕону дэгиттэр сайыннарыыга туһуланар. Оннук соругу биһиэхэ Россия Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорар», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга уонна Арктика олохтоохторугар махтанна.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Саха сирин салайааччыта уонна «РусГидро» генеральнай дириэктэрэ электроэнергетика сайдыытын тула кэпсэттилэр. Виктор Хмарин этэринэн, чугастааҕы сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ уот энергетикатыгар кэккэ бөдөҥ инвестиция бырайыактарын олоххо киллэриэҕэ. Оробуочай көрсүһүү кэмигэр «РусГидро» бөлөҕөр киирэр «Якутскэнерго» базатыгар өрөспүүбүлүкэ уот ситимин актыыптарын түмүүгэ былаанын, уотунан хааччыйыыны эрэллээх оҥорууга эбийиэктэри тутууну, тарыыбы сүрүннээһини дьүүллэстилэр. Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ икки саҥа энергоблок тутуллуоҕа. Дьокуускайга ГРЭС-2 иккис уочаратын тутуу үйэ аҥарыттан ордук үлэлээн эргэрбит Дьокуускайдааҕы ГРЭҺ-и солбуйуоҕа. Уот ыстаансыйата айылҕа гааһынан үлэлиэҕэ уонна уотунан, сылааһынан эрэгийиэн киин куоратын хааччыйыаҕа. Маны сэргэ билигин Нерюнгритааҕы уот үс блогун тупсаран оҥоруу саҕаланна. Түөрт сыл устата уот ыстаансыйата бигэ туруктаныытыгар 5 млрд солк. тахса угуллуоҕа. 1962 сыллаахха үлэҕэ киирбит Чульманнааҕы ТЭЦ сыыйа туһаныыттан тахсыаҕа. Уоту оҥорууга Чульманнааҕы ТЭЦ-и Нерюнгритааҕы ГРЭС солбуйуоҕа, оттон «РусГидро» ыстаансыйатын сылааска кыамтатын солбуйууга айылҕа гааһынан үлэлиир аныгы хочуолунайы тутуохтара. Локальнай энергетиканы саҥардыы эмиэ күүтүллэр. «РусГидро» ойдом сытар нэһилиэнньэлээх пууннаары аныгы технологияларынан хааччыйыаҕа: үрдүк көдьүүстээх аныгы дизельнэй уот ыстаансыйалара, күн күүһүнэн үлэлиир уот ыстаансыйалара, уот энергиятын мунньааччылар, автоматика тиһигин көмөтүнэн салайыы уонна тэйиччиттэн кэтээн көрүүнү киллэрии. Саха сиригэр маннык алта нэһилиэнньэлээх пууҥҥа дуогабар түһэрсилиннэ, өссө 65 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уот комплекстарыгар куонкурус ыытыллар.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Айсен Николаев Дьокуускай куоракка федеральнай үбүлээһининэн тутуллар эбийиэктэргэ үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Хаҥалас микрооройуонугар 220 уонна 100 миэстэлээх оскуола-уһуйаан 5 тыһ. тахса кв. м. иэннээх, икки мэндиэмэннээх саҥа дьиэтин билистэ. Тутуу 2020 сылтан ыытыллар, билиҥҥитэ 57,1% оҥоһуллубут. Манна 72 киһи үлэлии сылдьар. Тутуу биригээдэтэ кырыыһаны тэлгэтии, вентиляция систиэмэтигэр, уоту тардыыга, иһинээҕи истиэнэни оҥоруу уонна канализацияны киллэрии үлэтигэр ылыста. Оскуола-уһуйааны былааннаммытын курдук быйыл ахсынньыга арыйыахтара. Айсен Николаев Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевы кытары Хаҥалас сайдыытын тула кэпсэттилэр. Салгыы регион салайаачыта Саха сиригэр улахан суолталаах Онкологическай диспансеры уонна Кардиососудистай киин иккис уочаратын тутууларын көрдө. Эбийиэктэргэ үлэ былааннаахтык ыытыллар, графиктан хаалыы суох. Ил Дархан Бырабыытылыстыбаҕа Онкологическай диспансеры уонна Кардиососудистай киини үрдүк квалификациялаах медицинскай каадырдарынан хааччыйарга сорук туруорбута.
Бу күн Айсен Николаев Өлүөнэ муостатын тутуутун билистэ. Тутуу бастакы түһүмэҕин ыытыы көҥүллэннэ. Тутуу былааһаккаларыгар барар-кэлэр быстах суолу-ииһи оҥоруу, уҥа кытылга уу аала тиксэр бириистэнин тутуу, уста сылдьар муосталары туруоруу уонна гаас, уот ситимнэрин холбооһун былааннанар. Маны таһынан быйыл пилоннары хомуйан таҥыы былаһаакката оҥоһуллуоҕа. Кэлэр сылга тутуу матырыйаалын харайар былаһааккалара, муоста тутааччыларын олорор дьиэлэрэ тутуллуохтара. Кэлэр-барар быстах суолу оҥоруохтара, инженернэй ситими саҥардыахтара. Өлүөнэ муостатын тутуу бастакы түһүмэҕэр сүрүннээн олохтоох хампаанньалартан 500 киһи үлэлиэҕэ. Маны тэҥэ Ил Дархан сылы эргиччи үлэлиир «Хотугу сулус» оҕону чэбдигирдэр киин тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Түөрт утуйар куорпустаах, 12 тыһ. тахса кв.м. иэннээх, 350 оҕоҕо аналлаах киин Табаҕа тоҕойугар эһиил үлэҕэ киириэҕэ. Эбии үөрэхтээһин киинигэр идэҕэ туһаайыы кластердара, видеостудия, робототехника, 3D моделирование кабинеттара, ырыа саалата уонна улахан киинэ тыйаатырдаах аакатабай саала баар буолуохтара. Сырыы түмүгүнэн Айсен Николаев бары эбийиэктэргэ үлэ барарын, үөскүүр боппуруостар суһаллык быһаарыллалларын бэлиэтээтэ уонна хаачыстыбалаахтык оҥоһуллан, болдьоҕорр үлэҕэ киирэллэригэр эрэлин биллэрдэ.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Сайылык күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Былыр-былыргыттан биһиги норуоппут Ньукуолун күнүгэр күүтүүлээх самаан сайын кэлиитин бэлиэтиир үтүө үгэстээх. «Тыйыс тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн айылҕа уһуктар, алаастарга от силигилии үүнэр, сүөһү ахсаана элбиир, бастакы куйаас күннэр үүнэллэр. Ынах сүөһүнү сайылыкка көһөрүү – саха норуотун төрүт култууратын быстыспат сорҕото, олохпут үгэс буолбут укулаатын тыыннаах холобура, ону чөл хаалларар туһугар биһиги эдэр көлүөнэбитин уһуйабыт.
Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин салҕаан, бүгүн тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, бааһынайдар уонна фермердэр хаһаайыстыбалара, Саха сирин потребительскэй кэпэрэтииптэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик сайылыкка көһөн, олохторун-дьаһахтарын оҥостоллор, сүөһүлэрин үүнүүлээх ходуһаларга мэччитэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥи туругунан 350-тан тахса сайыҥҥы пиэрмэ баар, ол иһигэр Мииринэй Сүлдьүкээригэр, Амма Болугуругар, Горнай Маҕараһыгар сайылыктарга саха ынаҕын иитэллэр. Сайылык хаһаайыстыбаларын өйүүргэ уонна сайыннарарга, аныгы титииктэри тутарга өрөспүүбүлүкэҕэ тус сыаллаах үлэни ыытабыт. Сайыҥҥы пиэрмэлэри уотунан, ынаҕы ыыр аппарааттарынан, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтинэн, тэрилинэн хааччыйыыга, үлэһиттэр олороллоругар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ улахан үлэ барар. Бу күн үтүөтүгэр күүскүтүгэр күүс, эрчимҥитигэр эрчим эбилиннин! Сахабыт сирин күүтүүлээх самаан сайына хас биирдиибитигэр уйгуну, быйаҥы аҕаллын», — биир дойдулаахтарыгар баҕа санаатын эттэ.