Олунньу 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Үлэ дьоруойа, РФ Бэрэсидьиэнин итэҕэллээх киһитэ, 52 №-дээх Москватааҕы килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Марьяна Анатольевна Лысенконы кытта көрүстэ.
Марьяна Анатольевна олоҕун дьон доруобуйатын харыстабылыгар анаата. Кини эрэгийиэннэр кыһалҕаларын барытын билэр буолан, биһиги быраастарбыт үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыр диэн Айсен Николаев телеграмҥа суруйда, иһитиннэрэр Саха сирэ саайт.
— Дойду Аҕа баһылыгын өйөбүлүнэн Саха сирин доруобуйатын харыстабылыгар улахан хамсааһын таҕыста. Кэлиҥҥи сылларга үс улахан мэдиссиинэ киин Саха сиригэр тутулунна. Балартан биирдэстэрэ – Кардиососудистый киин буолар. Бу кииҥҥэ Марьяна Анатольевна бүгүн сырытта. Кини киин аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир оборудованиенан хааччыллыбытын уонна биһиги быраастарбыт үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата. «Мобильнай дуоктардар” уонна «Мобильнай хирургическай киин» бырайыактарбытын Марьяна Анатольевна атын эрэгийиэннэргэ холобур оҥостуохха сөбүн эттэ, — диэн Ил Дархан суруйда.
Арассыыйа хас биирдии олохтооҕун доруобуйата — бу дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин тумус туттар биир сүрүн соругунан буолар.