Арассыыйа СК Саха сиринээҕи СУ Мирнэйдээҕи силиэстийэлиир отдела Иирэлээх киртийиитин чахчытынан холуобунай дьыаланы көбүттэ, диэн СИА-ҕа регион силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 19 күнүгэр Алмазнай бөһүөлэккэ 7 №-дээх Иирэлээхтээҕи быһыт тоҕу барбыта. Ити түмүгэр, “АЛРОСА” АК Мирнэйдээҕи хайа-байытар кэмбинээтин “Иирэлээх” бириискэтин котлованыттан уу Иирэлээххэ түспүтэ.
Бэрэбиэркэҕэ ылыллыбыт ууга буортулаах эттиктэр бааллара биллибитэ. Билигин силиэстийэ бу туохтан тахсыбыт биричиинэтин уонна ким буруйунан тахсыбытын силиэстийэлиир.