Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр нэдиэлэни быһа 30 кыраадыска тиийэ куйаарыа. Бу туһунан РИА сонуннарыгар учуонай Роман Вильфанд иһитиннэрэр.
Саха сирин хоту өттүгэр бу нэдиэлэни быһа куйаарыа. Көрдөрүү нуорматтан 8 кыраадыһынан үрдүк буолуо, диир учуонай. Роман Вильфанд: «38 кыраадыска диэри итийиэ суоҕа буолан баран лаппа итии буолуо. Хотугулуу-илин нэдиэлэни быһа 30 кыраадыска диэри итийиэ».
Быйыл бэс ыйыгар Дьааҥыга 38 кыраадыска тиийэ итийэн, бу эҥэр өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх муҥутуур куйаас түһэ сылдьыбыта. Бу көрдөрүү метеорологтар норуттар икки ардыларынааҕы тэрилтэлэрин бэрэбиэркэтин кэннэ айылҕа ураты көрдөрүүлэрин испииһэгэр киириэ.