Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннар олорор куораттарын дириэксийэтэ оонньууларга бэлэм буолуу 90 быр. тэҥнэһэр диэн иһитиннэрдэ. Үрдүк үөрэх кыһатын уопсай дьиэлэригэр 874 кыттааччы, тириэньэр уонна арыаллааччы олоруоҕа.
“Бэлэмнэнии күүскэ бара турар уонна түмүктэнэрэ чугаһаата. Уопсай дьиэлэргэ быстах өрөмүөн ыытылынна”, — диэн ХИФУ студгородогун дириэктэрэ Петр Шамаев иһитиннэрдэ.
СИА.