Быйыл университекка орто үөрэхтэн саҕалаан аспирантураҕа, ординатураҕа тиийэ 4136 төлөбүрэ суох миэстэ көрүллүбүт.
Тутар хамыыһыйа салайааччытын солбуйааччыта Петр Кычкин этэринэн, от ыйын 23 күнүнээҕи туругунан 6200-тэн тахса абитуриентан 19763 сайабылыанньа киирдэ.
“Өйүүн, от ыйын 25 күнүгэр, БКЭ түмүгүнэн бүддьүөт миэстэтигэр туттарсар абитуриеннартан докумуоннары ылан бүтэбит, — диир Петр Петрович. — 3056 миэстэҕэ. Дьэ ол кэнниттэн саамай кэтэһиилээх кэм саҕаланар – киирдим дуу, суох дуу диэн. Ол кэм түһүмэхтэргэ арахсар. Бастакы “приоритет” дэнэр түһүмэххэ Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолору куонкуруһу таһынан ылабыт. Оттон квотанан киирээччилэр бараллар: тус сыаллаах, тулаайах, инбэлиит, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро, онно кыттыбыт дьон. Бу түһүмэххэ баар туттарсааччы ахсаана 1000-тан тахсалар. Оттон уопсай туттарсар оҕолор киирбиттэрэ-киирбэтэхтэрэ атырдьах ыйын 4-9 күннэригэр биллиэҕэ.
Абитуриеннар саамай ыйытар ыйытыылара, хаһааҥҥа диэри докумуон оригиналын тутаҕыт диэн. Бастакы түһүмэххэ киирбиттэртэн докумуоннарын — аттестаты уонна диплому — от ыйын 28 күнүгэр киэһэ 18.00 чааска диэри тутабыт. Бу кытаанахтык тутуһуллар. Оттон уопсай туттарсан киирбиттэр атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри, эмиэ 18.00 чааска диэри аҕалан биэриэхтээхтэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара биитэр кинилэр оҕолоро военкоматтан ыспыраапка аҕалыахтаахтар.
-Оттон төлөбүрдээх үөрэххэ түбэспиттэр?
— Атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри төлөбүрдээх үөрэххэ ылабыт. Сороҕор бүддьүөт миэстэтигэр эбии ылыы саҕаланааччы, онно олох туспа тутар хампаанньа үлэлиир. Оннук буолара-буолбата атырдьах ыйын 9 күнүгэр эрэ биллиэ.
Төлөбүрдээх үөрэх толору төлөбүрдээххэ уонна кыччатыллыбыт төлөбүрдээххэ арахсар. Бакалавриакка, специалитекка сыллааҕы толору төлөбүр 293 тыһ. солк-тан 554 тыһ. солк-га диэри халбаҥныыр. Бу 554 тыһ. солк. “Литературнай айар үлэ” диэн идэҕэ баар. 3 миэстэҕэ уонча киһи баар буоллаҕына, ону институт факультетын салалтата бэйэтэ быһаарар.
Кыччатыллыбыт төлөбүрүнэн сыанабыт 40 бырыһыан чэпчээн, сыллааҕы төлөбүр 168 тыһ. солк. буолар. Онно БКЭ-нэн 160-тан үрдүк бааллаах оҕолор, орто анал үөрэх кэнниттэн кэлэн биһиэхэ эксээмэн туттарбыттар, бэлэмнэнии факультетын бүтэрбиттэр уонна тулаайахтар, инбэлииттэр түбэһэллэр. Маны таһынан БКЭ баала 210-тан үрдүк буоллаҕына, 156 тыһ. солк. төлүүр үөрэхтэр эмиэ бааллар.
Оттон кэтэхтэн үөрэнии төлөбүрэ сылга 80-ча тыһ. солк.
Үрдүк үөрэххэ киирбэтэхтэринэ, биһиги испитинэн баар орто анал үөрэхтэргэ киириэхтэрин сөп. Быйыл университет үрдүнэн төлөбүрэ суох үөрэх (275 миэстэ) тутуу уонна айти-идэлэри биэрэр Инфраструктурнай технология кэллиэһигэр эрэ баар.