22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатастааҕы норуот тыйаатырыгар Саргылана Григорьева 30 сыллаах үлэтин дьүһүйүүтэ буолла

Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха киһитэ барахсан оччоттон-баччаҕа диэритин салгын кута салайыаҕыттан, ийэ кута этиэҕиттэн, уйулҕата уһуктуоҕуттан ылата санаатын дала кэҥээн, аар силик айылҕа, киҥкиниир киэҥ куйаар күүстэрин кытта дьүөрэлэһэн олоҕун тыынын үрдэтэн сылдьар. Билиҥҥи үрдэ суох киириилээх-тахсыылаах, бырда суох түһүүлээх, күөрэйиилээх кэм мунаах-тэнээх күннэригэр төрүт тыл үтүөтүн, ийэ тыл түгэҕэ суох дириҥ байҕалын иҥэриммит киһи кэрэҕэ, сырдыкка сылааска тардыһыыта күүстээҕин, дьулуһуута оруннааҕын биир чаҕылхай туоһута Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын оскуолатын уһуйааччыта Григорьева Саргылана Васильевна буолар.

Кини СӨ култууратын туйгуна, Хатастааҕы оҕо ускуустабаларын оскуолатын фольклорга уһуйааччыта , А.Макарова аатынан Култуура уонна Искусство Колледжын бастыҥ выпускниктарын “Күн Өркөн” бириэмийэтин , Дьокуускай куорат уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинин “Көмүс кынат” бириэмийэтин лауреаттара, Хатас нэһилиэгин Бочуотун номинана, “Тускул” КК “Абылаҥ” түмсүү чилиэнэ, Хатастааҕы норуот тыйаатырын сүрүн артыыската, кини истиҥ иһирэх ийэ, эрэллээх кэргэн, эйэҕэс дьүөгэ. Маны таһынан, кини хоһоон, кэпсээн эйгэтигэр эмиэ сабыс саҥа ааттанар киһи буолбатах, суруйбут хоһоонугар ырыалардаах, айбыт кэпсээнэ Тэтим араадьыйа нөҥүө киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин истээччилэрин биһирэбилин ылбыта.

Саргылана Васильевна бу сыллар тухары фольклор нөҥүө ийэ тылга тапталы, убаастабылы иҥэрии, ирдэһэр-тордоһор үлэни ыытыы, сайыннарыы, байытыы, үйэтитии, ийэ тылы улуутутуу, харыстааһын, түмсүүлээх буолууну төрүттээһин туһугар үлэлээн-хамсаан кэллэ. Инньэ гынан, эдэркээн сылдьан Култуура уонна искусство колледжыгар ылбыт билиитин-көрүүтүн сатабылга тиэрдэн, ылыммыт соруктарын толорон саха фольклорун жанрдарын сөргүтүү, эйгэтин кэҥэтии туһугар олоҕун отут сылын анаата.

Фольклор өйдүүр дьоҕуру сайыннарыы – дьолоҕойго тутуу, өйдөөн-дьүүллээн истии, өйгө оҥорон көрүү, сааһылаан санааһын буоларын дьиҥ чахчы дьыаланан дакаастаата. Кырдьыга да, оннук — өбүгэлэрбит кэһии гынан хаалларбыт тылларын баайа,дэгэт тыллара, кылыс этиилэрэ, араас таайсыылаах оонньуулара, өйү-билиини кэҥэтэр дьоһун кыаҕын киһи чөл туругар, өйүн-санаатын сааһылыырыгар өлбөт өй өрөгөйө буолар.

Бу үөһээ этиллибити барытын ыраас лиискэ ууран биэрэн саҥа ааттары арыйыы , толоруу үгэстэрин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии, фольклорга үлэлэһэр салайааччылары түмэр улахан сыаллаах-соруктаах «Кылыһах алыптаах түһүлгэтэ» диэн тэрээһин ааптара Саргылана Васильевна буолар. Күн бүгүҥҥү туругунан бу тэрээһин туруоруммут сыалын, соругун толору толорон дойдуга буола турар уустук балаһыанньаттан толлубаккалар күүскэ үлэлээннэр, түмсэннэр норуоппут туруулаһар күүһүн бөҕөргөтүү, чиҥэтии өттүгэр көмө – тирэх буолаллар.

Бу сыллар тухары тэрээһин географията кэҥээн, киэҥ нэлэмэн сахабыт сирин араас улуустарыттан кытталлар — Дьааҥы,Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Ленскэй, Мирнэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ — Бүлүү, Горнай, Таатта, Амма, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам, Хаҥалас, Дьокуускай куораты тула сытар Тулагы, Табаҕа, Маҕан нэһилиэктэриттэн уо.д.а улуустарыттан саха тылынан уус уран айымньыларын сөбүлээн толорор оҕолор уонна кинилэр салайааччылара тоҕуоруһа мусталлар Бу сыллар тухары 3000 тахса оҕо кыттыыны ылла. Бу оҕолорго өссө кинилэр төрөппүттэрэ, аймах-билэ дьонноро, кинилэргэ көстүүм, таҥас-сап тикпит иистэнньэҥнэр, кинилэри массыынанан таспыт дьон, бииргэ үөрэнэр оҕолоро, оскуолаҕа учууталлара онно көрөөччүлэр эбиллэннэр төрөөбүт төрүт тылбыт эйгэтэ кэҥиир. Бу күрэх күөн көрсүһүү, эрэ буолбакка үтүө дьон ааттарын үйэтитэр, киэн тутуннарар.

Ол курдук, Хатас сирин талба талааннаах ыаллара, Петровтар дьиэ кэргэн ытык эбээлэрэ, ийэлэрэ –(СӨ норуодунай артыыһын Григорий Петровы, Хатас норуодунай театрын сүрүн артыыһын Владимир Петровы, алгысчыт Ариан Петровы күн сирин көрдөрбүт) норуокка биллэр кылыгырас кылыһахтаах тойуксут Татьяна Григорьевна Петрова аатынан Кылаан чыпчаал туттарыллар.

Күрэх чэрчитинэн салайааччыларга төгүрүк остуоллар, маастар кылаастар ыытыллаллар. Саха фольклорун үөрэтэр уһуйааччыларга методическай көмө быһыытынан компакт диск тахсар. Норуот төрүт тыла баарын тухары норуот дэнэр. Аныгы олох хардыытыгар, хаҥыл тыыныгар , балысхан сайдыытын олус түргэн тэтимигэр Ийэ тыл сабырыйтаран, кэхтэн барар. Бу көстүү биһиги бүгүҥҥү олохпутугар баар, онон «Кылыһах алыптаах түһүлгэтэ» курдук хамсааһыннар салгын курдук наадалар. Итинэн сибээстээн бу тэрээһин инникилээх.

Бу күннэргэ Арассыыйа үрдүнэн Учуутал уонна уһуйааччы, СӨ Үлэ сылларыгар уонна Хатастааҕы норуодунай театр 25 сылыгар, Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын оскуолатын 45 сылыгар ананан былааннаммыт тэрээһиинэр чэрчилэринэн Саргылана Васильевна Григорьева «Кэрэни саҕар сырдык иэйиим» диэн айар киэһэтэ буолан ааста. Бу этиллибит тиэмэлэргэ барытыгар кини быһаччы уонна тус сыһыаннаах. Ол курдук кини учуутал, уһуйааччы – үөрэппит оҕотун кытта – СӨ култууратын туйгуна Анастасия Дмитриевна Охлопковалыын уонтан тахса сыл бииргэ үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар.

Саргылана Васильевна үлэһит бэрдэ, анал үөрэҕирии дипломун тутуоҕуттан биир да күн тохтообокко талбыт талба идэтигэр бэриниилээхтик үлэлиир. Хатас норуодунай театра аһыллыаҕыттан этэргэ диэри күн эгэлгэ уобараһын арыйан оонньуур. Кини НВК сериалларыгар оонньообут оруолларынан көрөөччү сэргээһинин-кэрэхсээһинин ылыан ылар.

Испэктээктэр:

1. И.Левин — Олоххо баҕарбыт дуу, ойоххо баҕарбыт дуу
2. Д.Ф. Наумов — Оҕустар забастовкалара
3. Д.Ф. Наумов — Таптал хампаанньата
4. Д.Ф. Наумов — Дьоллоох киһи- Кылаара
5. Д.Ф. Наумов — Соргулаах суорумньу — Кубарыйа Мааса
7. В.И.Калининская сценарийа — Эн этиң дии, төлөннөөх Түмэппий. Алгысчыт Далбар
8. Д.Ф. Наумов – Гибернация
9.Д.Ф.Наумов Саллаат дьылҕата пьесатынан “Күн туһугар” – Даарыйа кырдьыбыта
10. А.Е.Кулаковскай — Куорат кыргыттара –Эмээхсин
11.Д.Ф. Наумов — Хамнас — Айыы

НВК сериалларыгар оонньообут киинэлэрэ:

Олох диэн олох – режиссер Лена Эверстова
Хатаныы –режиссер Радомира Афанасьева
Дьоллоох буолуох – режиссер Марина Барашкова
Дьол тааһа – р ежиссер Марина Платонова

Радиоспектакль – “Тэтим” радио
Харыйа — ааптар Г.Угаров – Эһээ Дьыл
Сэрии кэмиттэн лоскуйдар Н.Руфова (интерактивнай кинигэ) – Сурук

Саргылана Васильевна күн сирин көрбүтэ үйэ аҥаара, үлэлээбитэ 30 сыла буолбутун сэһэргиир театрализованнай дьүһүйүү буолла.Бу киэһэ кини хаҥыл санаа харса суоҕун, көҥүл санаа көмүөл күүһүн мааны майгытынан, сатабылынан холку, дьоһун долгуҥҥа киллэрэн, төрөөбүт төрүт тылбыт төлкөтүн билиҥҥи үйэлиин астына алтыһыннарара дьэҥкэ көһүннэ.

Аныгы, өйүнэн туруулаһар үйэҕэ аптаах-алыптаах тойук дорҕоонунан,дэгэрэҥ ырыа тэгилийэр тэтиминэн, чаҕылытар чабырҕах, өркөн өс хоһооно өлбөөдүйбэт өҥүнэн өйдүүр дьоҕуру сайыннаран, үүнэр көлүөнэ ыччат дьону айар-тутар аартыкка үктэннэрбит, олохторун суолун оҥкулларын булларбыт үөрэнээччилэрэ кэлэн үөрэ-көтө көрүстүлэр, астына-дуоһуйа кытыннылар. Онон бэрт мэйиилээхтэри кытта тэҥҥэ аахсар,туйгуммун диэннэри кытта тэҥҥэ туруулаһар өссө өрө баран баһыйар чөл туруктаах, көҥүл тыыннаах, дойдумсах буоларга иитиигэ эн үтүөҥ баарын тоһоҕолоон бэлиэтээһин уонна махтаныы буолла. Бу киэһэ ийэтэ, аҕата биэрбит дьоҕурун,талаанын аҕыс кырыытын кылбаҥнатан, сэттэ өттүн ситэрэн, тоҕус өттүн толорон хайыстыҥ да хайҕалы ылла, эргийдиҥ да эҕэрдэни иһиттэ. Кылыгыратар кылыһах кытыыга анньыллыбатын, добун дорҕоон долбуурга ууруллубатын, омуннаах олоҥхо оруннаах этиитэ онно — манна одоҥ — додоҥ буолбатын, чаҕылытар чабырҕах, өркөн өс хоһооно өлбөөдүйбэттэрин туһугар сыралаах үлэҥ сыаналанан тарбахха баттанар талыы киһибит үөрүүтүн үгүс элбэх көрөөччү үллэһиннэ.

Күннээҕиттэн да күттүөннээҕи көрөн күлүмнэтэн, ааспыттан да албаннааҕы анааран аат ааттатар, уруккуттан да улууну булан улаатыннарар дьоһун киһибит өрөгөй күнүгэр Хатас норуодунай театрыгар арыйбыт араас хабааннаах уобарастара ытаттылар даҕаны, күллэрдилэр даҕаны, инникигэ эрэли үөскэттилэр. Манна киниэхэ барҕа санааҥ баалыгар олорсон бастыҥнардыын бааралаһан, инникилэрдиин кэккэлэһэн куруутун олох үөһүгэр буоларгар, билиҥҥиҥ курдук дьоҕургун-талааҥҥын дэлэйдик-холойдук үллэстэн хайҕаллаах тыл хааһахтан хостоноругар, эйэргиир тыл эргиччи баар буоллун диэн баҕа санааларын тириэртилэр.

Эмиэ бу киэһэ «Тускул» КК кэлэктиибэ таптыыр, убаастыыр киһитигэр кини үлэтин-хамнаһын сырдатар интерактивнай кинигэ таһааран сүрэхтээтэ.

Ааптар Н.Руфова, Хатас

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА