Дьыл-кэм бэйэ бодотун хомунан, улам-улам сыҕарыйан, дьиҥ кыһыҥҥы турукка киирдибит. Күүтүүлээх-кэтэһиилээх идэһэни дьаһайыы, муҥхалааһын, кэлиҥҥи сылларга үгэскэ киирбит кыһыҥҥы муус аннынан балыктааһын (күөгүлээһин), муус ылыыта, кыһыҥҥы суолунан от тиэйиитэ. Барыта хайдах эрэ сэргэхсийии, сөхсүнүү, тэриллии, түмсүү, ыйыталаһыы, сүбэлэһии.
Саха дьоно барахсаттар эрдэттэн бэлэмнэммиттэр, былааннаммыттар, онон хаһан да буоларын курдук «эмискэ» ытарчалаабыт тымныыттан толлубатылар, бэрии бэрдэрбэтилэр, төттөрүтүн кудуччу-хадыччы буоллулар, сэргэхсийдилэр, сыыдамсыйдылар, турдулар-олордулар.
Хатаспытыгар эмиэ оннук. Оскуолабыт иитэр-үөрэтэр үлэҕэ барылламмытынан сахалыы өйбүтүн-санаабытын, норуот педагогикатын араас ньымаларын сатабыллаахтык туһанан муҥхалааһын ыҥырар-угуйар эйгэтигэр оҕолору уһуйан кыралыын улаханныын бииргэ буоллулар. Манна төрөппүттэр, учууталлар, бултааһыны-балыктааһыны билээччилэр сиэрдээх буолууга, айылҕа кинигэтин ааҕыыга, сиэргэ-туомҥа үөрэттилэр.
Үлэ-хамнас үмүрүйүүтэ эмис эт ыргыччы буспутугар сыалаах эти үөрэ-көтө уос-тиис үллэстэн итии миини истилэр, сылаас чэй истилэр.
Балыктыы барарга табыгастаахтык таҥныахха наадатын өйдөөтүлэр, муҥхалааһын диэн күргүөмүнэн үлэ, биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирии буоларын эттэринэн-хааннарынан биллилэр, харахтарынан көрдүлэр. Уопуттаах булчут, балыксыт Н.С. Попову кытта сэһэргэстим.
– Оскуола маннык тэрээһиҥҥэ болҕомтотун уурара хайҕаллаах уонна махталлаах суол. Санаан көрүүй, оҕо оскуолатын дириэктэрин Николай Владимирович Слепцову, учууталларын Александр Львовиһы, Роман Владиславовиһы кытта балыктаабытыттан төһөлөөх киэн туттубута, астыммыта буолуой?! Оҕолор бэһис кылаастан саҕалаан улахан кылааска тиийэ бааллар. Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ тутан-хабан көрбүт-истибит уон төгүл туһалааҕын илэ харахпынан көрдүм. Сиэмминээн сырыттым. Тугу билэрбин-көрөрбүн оҥорон, тутан-хабан көрдөрдүм. Төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Осипов баара сүрдээх үчүгэй, — диэн кини кэпсээтэ.
Сэтинньи 6 күнүгэр муус ылыыта буолла. Манна эмиэ эр дьоммут инники күөҥҥэ буоллулар! Хатаспыт оҕолорун боксаҕа уһуйар тренер, элбэх оҕолоох ыал аҕата Гавриил Михайлович Саввин эрчийэр оҕолоругар муус ылыытыгар маастар-кылаас көрдөрдө уонна сонно тута оҥорторон көрдө. Манна оҕолор күүһү-кыаҕы туһалаахха туһаннылар, сатабылга уһуйулуннулар, бииргэ буоллахха элбэҕи оҥоруохха сөбүн көрө итэҕэйдилэр. Өссө саамай кэрэхсэбиллээҕэ үтүө дьыаланы оҥордулар, ол курдук ылбыт муустарын массыынаҕа тиэйэннэр мобилизацияламмыт буойун Попов дьиэ кэргэнигэр илдьэн биэрдилэр. Киһи сэргиирэ, астына кэпсиирэ бу тэрээһиҥҥэ төрөппүт В.Константинов кытынна, уолун Леняны кытта бииргэ буолла. Манна даҕатан эттэххэ Виктор бокса диэн көрүҥү сурах эрэ хоту билбэт, кини бу көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктана сылдьыбыт кэмнэрдээх. Онон оҕотун кытта кэпсэтэр өссө биир уопсай тиэмэлэннэ – муус ылыыта.
Муус ылыытыгар оскуола оҕолорун, учууталлары кытта өссө «Хатас хамсааһына» (В.Андреев, Д.Пинигин, И.Смирников, В.Охлопков) түмсүү көхтөөхтүк кытынна. Георгий Оконушкин уопсастыбаннай олохтон, үлэттэн хаһан да туора турбат аҕа быһыытынан биллэр. Билигин кини уолаттара улаатаннар, туспа биригээдэ буолар кыахтаах. Уолаттара кыра эрдэхтэриттэн аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьаннар тыа ыалын үлэтин ыар таһаҕас оҥостубаттар – кыайаллара-хотоллоро биир оччо.
Ити курдук сатабыл, күүс-кыах, үтүө үгэс, түмсүү бииргэ буоланнар, аҕыс ыал кыһыны кыстыыр муустаннылар!
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас