Бэйэни салайыныыга анал күн биллэриллибитэ 20 сылыгар анаан Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин уус — уран оҥоһуктарын быыстапката арылынна.
Норуоту өйө-санаата тыыннаах оҥорор, о.э. кини сүрэ, ис күүһэ, олоххо дьулуура, тулуура, дьоҕура, сатабыла. Өй санаа удьуор билиитигэр-көрүүтүгэр, сатабылыгар сөҥөн-иҥэн сылдьар, атыннык эттэххэ күннээҕи олоххо эрэ буолбакка олох бары хайысхатыгар, билиҥҥилии эттэххэ норуот хаһаайыстыбатын бары хайысхатыгар баар.
Саха дьоно сатабыллаах, барытыгар дьоҕурдаах, көхтөөх киһини өй хаата диэн килбиэн ааты иҥэрэр. Бу түгэҥҥэ У.А.Винокурова бэргэн этиитин холобур гыныахпын баҕарабын – “Өй эмиэ анал идэтийиини эрэйэр – өйүнэн сайдыы суолун тыырааччы, ону дьоҥҥо тарҕатааччы-тиэрдээччи уонна суолларын батыһааччы – соргуну ситиһээччи”. Дьэ бу манна этиллэрин курдук төһөнөн киһи эргиччи дьоҕурдаах – тыл-өс, төрүт үгэстэри өрө тутуу, өбүгэ дьоммут сатабылларыгар үөрэнии, булду-аһы өрө тутуу, айылҕалыын алтыһыы соччонон кини үрдүктүк сыаналанар, бэйэтэ даҕаны олоххо тирэхтээх, өйөбүллээх буолар.
Бу инники суруллубуту дьэҥкэтик, чаҕылхайдык туоһулуур норуот уус — уран оҥоһуктарыгар быыстапка арылынна. Быыстапка кыттааччылара Хатас нэһилиэгин дьаһалтатыгар күн бүгүн үлэлиир кэлэктиип уонна араас сылларга үлэлээбит –хамсаабыт, айбыт-туппут бэтэрээннэр.
Төрүт иис-күүс эйгэтигэр доргуччу ааттанар талаан тарбахтаах Ефимова Анна Ильинична өр сылларга Хатас нэһилиэгин дьаһалтатыгар байыаннай учуокка исписэлииһинэн, ЗАГС исписэлииһинэн уонна сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлээбитэ. Кини оҥоһуктара Арассыыйа таһымнаах улахан быыстапкаларга кыттыбыттара. Кэрэхсэбиллээҕэ оҥорбут үлэтэ сүүс бырыһыан сэргээһини-кэрэхсээһини ылан кыайыы көтөлүгэр олордон лауреат, дипломант аатын ылар.
Онтон хас эмит уонунан сылларга сиргэ сыһыаҥҥа исписэлиистээбит Маргарита Кимовна Скрыбыкина бу хайысхаҕа – иискэ-күүскэ маҥнайгы хардыыларын оҥорон дьон дьүүлүгэр таһаарда, кини үлэтин уратылара туттар өҥнөрө барыта дьөһөгөй өҥнөрө, тус кэрэлээх, истиҥ, сылаас тыыннаах үлэлэр. Маны таһынан кини ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа ордук живописька киһи болҕомтотун тардар, киһини толкуйдатар үлэлэрдээх.
Күн бүгүн олохтоох дьаһалтаҕа үлэлии сылдьар Надежда Ивановна Шелковникова быысапкалара уонна оҕуруонан оҥоһуктара барыта тып-тап курдук, олус тупсаҕай көрүҥнээхтэр, өҥүн-дьүһүнүн дьүөрэлээһинэ эмиэ биир оннук.
Бүгүҥҥү быыстапкаҕа дьону үөрэ соһуппут, сөхтөрбүт Дьячковская (Дьяконова) Ольга Павловна – сири кытта сыһыан исписэлииһэ, элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн ийэтэ араас элбэх оҕуруонан оҥоһук, киэргэл, дьикти кэрэ былааччыйалар, сахалыы хомуһуол сон, көһүлүөк, маллаах иһит аҕалан туруорда.
Эр дьоннор даҕаны хаалсыбатылар – Михаил Егоров эпоксиднай сымаланан чаһыы, бултаабыт байанайын бэлэҕиттэн (улар кутуругуттан) веер, Семен Игнатьев алюминиевай боробулуоханан туу, Алексей Осипов тииттэн, хатыҥтан саха иһиттэрин, булка туттуллар талаҕынан оҥоһуллубут маногу – угуйааны, Григорий Васильев таба туйахтарынан оҕо оонньуурдарын, оҕуруонан эр киһи кэтэр бантик хаалтыһын, буур таба муоһунан улахан сувениры аҕалбыттар.
Быыстапка өссө биир сүрүн киэргэлинэн тоҕус уон сааһын лаппа ааспыт Аркадий Михайлович Уваровскай акварель кыраасканан уруһуйдаабыт хартыыналара буолла. Уруһуй диэни удумаҕалатар эрэ киһи барыта акварель кыраасканан үлэлиир олус уустугун өйдүүбүт, этэргэ дылы сыыстыҥ да барытын хаттаан оҥороргор тиийэҕин. Онон оҥоруоҥ иннигэр сэттэтэ мээрэйдээн, толкуйдаан баран ылсаҕын. Уруһуйдуур диэни дьиҥинэн олох эдэр эрдэхпиттэн дууһабар чугастык ылынабын диир Аркадий Михайлович. Аармыйаҕа сулууспалыыр сылларбар саха буолла да уруһуйдьут диэннэр ыйыта да барбакка уруһуйдаталлар этэ диэн күлэн мүчүйэ-мүчүйэ сэһэргээтэ. Ол кэннэ олох ухханыгар, үлэ умсулаҕаныгар, дьиэ-кэргэн түбүгэр түһүүлээх-тахсыылаах күннэргэ умнулла быһыытыйбыт. Онтон уонча сыл анараа өттүгэр Дьокуускай куоракка “Үһүс оскуолаҕа” киирэн анаан уруһуйунан дьарыктанан балачча үлэлэри оҥортоон иһэн эмиэ чуумпура быһыытыйбыт.
Бу кэлиҥҥи сылларга кэлии-барыы хаарчахтааһыныгар, көрсүһүү көҕүрээһинигэр, алтыһыы аҕыйааһыныгар түбэһэн мунчаарыыга, муҥкук санааҕа куустарбакка сэргэхтик сылдьарыгар уруһуйдуура биллэрдик көмөлөспүт. Ытык киһибит үлэлэрин көрдөххө хайдах эрэ ыллыаххын-туойуоххун уонна өссө тугу гыныахпын сөбүй диэххин баҕараҕын.
Ол курдук кини үлэлэрэ барыта сырдык, сылаас сыдьаайдаахтар. Туттубут өҥүн-дьүһүнүн арааһа, дьүөрэлэһиитэ хоһоон курдук хомоҕой, ырыа курдук ылбаҕай. Аны анал үөрэхтээх уһуйааччыга үөрэммит буолан үлэлэрэ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба ирдэбиллэрин тутуһан оҥоһуллубуттар – пропорция, күлүк түһүүтэ, компановка эҥин диэн өйдөбүллэри төһө кыалларынан тутуспут.
Харитонова Светлана Иннокентьевна сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлээбитэ. Бу тэрээһиҥҥэ кини элбэх араас дьарыгыттан саамай табыллан үлэлии сылдьар кылынан өрөн оҥоһуллубут оҥоһуктары аҕалла – сэлээппэ арааһа, олбох хас дакөрүҥэ, илин кэбиһэр, туос ыаҕайа.
Оҥоһуктар бары этэргэ дылы хараҕы сымнатар, сүрэҕи уоскутар үрдүк хаачыстыбалаахтара көрбүт киһини барытын үөртүлэр. Өссө биир бэлиэ түгэнинэн бу күнүнэн сибээстээн дьаһалтаҕа күн бүгүн сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлии сылдьар Игнатьева Наталия Иннокентьевна “Книга по имени жизнь…” диэн кэпсээннэрин дьоҕус хомуурунньуга таҕыста.
Маны таһынан Осипова Ольга Никитична, Скрыбыкина Розалия Кимовна,Руфова Наталия Ивановна, Иванова Любовь Геннадиевна, Реева Екатерина Иннокентьевна баайыыга, макрамеҕа, кыбытыктаах тигиигэ, живописька үлэлэрэ бааллар.
Былырыын бу күнү көрсө “Тускул” КК “Тускул видео” ютубка ханаалыгар 2 биэрии уһуллубута, П.А. Баишев дьаһалтаны салайар кэмигэр барбыт үлэ – хамнас туһунан кинигэ тахсыбыта. Дьэ ити курдук үйэтитиигэ үлэбит салҕанар. Бүгүҥҥү быыстапка салалтаҕа дэгиттэр сатабыллаахтар үлэлииллэр диэн санааны сахта.
Н.Руфова Хатас 2023 муус устар.