Хатас — Павловскай муус суолунан айан 10 туоннаҕа диэри көҥүллэннэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суол управлениетын  уонна Россия ЫБММ сотрудниктара кыттыылаах хамыыһыйа Хатас — Павловскай хайысханан муус суолунан айаҥҥа 10 туоннаны бигэргэттэ.


Хамыыһыйа быһаарыыта ахсынньы 16 күнүгэр Өлүөнэ эбэнэн туоруур муус суол халыҥын бэрэбиэркэлээһин кэнниттэн ылылынна. Бу хайысхаҕа Дьокуускай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун территориялара киирсэллэр.

20 туоннаҕа диэри айаҥҥа көҥүлү биэрии кэлэр нэдиэлэҕэ күүтүллэр. Муус тоҥуутуттан тутулуктаах.

Билигин Кангалас — Суотту хайысханан муус суола оҥоһуллар. Барыллаан былаан быһыытынан, ахсынньы 27 күнүгэр арыллыахтаах.

This post was published on 16.12.2020 16:02 16:02