22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт - Адыаччы оскуолата» кинигэ күн сирин көрдө

15:26, 22 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Арассыыйа суруналыыстарын сойууhун чилиэнэ, «Дьааҥы аартыга» хаhыат общественнай кэрэспэдьиэнэ Дмитрий Акимов (Чириков) Улуу Кыайыы 75 сылынан «Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт — Адыаччы оскуолата» диэн 1931- 1945 сыллардааҕы Адыаччы оскуолатын  киэңник  кэпсиир, ааспыт дьон ааттарын үйэтитэр кинигэтэ күн сирин көрдө. 


Дмитрий Николаевич билигин төрөөбүт Дьааҥытын үлэһит дьонун ааттарын үйэтитэр соруктаах, төрөөбүт кыраайын үөрэтэр үлэннэн дьарыктанар. 2010 сыллаахха тахсыбыт «Сэрии сылларын сүппэт туоһулара» диэн дириҥ ис хоһоонноох олох чахчыларын кэпсиир кинигэтэ улахан биһирэбили ылар. Саха сирин араас муннуктарыттан кэлэр махтал тыллар айар олохтоох суруналыыска ананаллар.

Дмитрий Николаевич улуустааҕы «Эчий» айар дьон түмсүүтүн чилиэнэ, Адыаччыга «Күөх лабаалар» диэн нэһилиэгин хоһоонньуттарын түмсүүтүн тэрийбитэ. Кини тэрийээччи, айааччы аналлааҕа оҕо сааhыттан биллэрэ. Оскуола, нэhилиэк ыытар  тэрээһиннэригэр  инники сылдьар ыччаты учууталлара: «Дима дойдугун сырдатар, дьон аатын үйэтитэр аналлаах киhи буолуоң», — диэн этэллэрэ.

Оччотооҕу, 1971с. Адыаччы оскуолатын көрүдүөрүнэн хаамыталыыр, баттаҕын өрө тарааммыт эдэр киһини  “учуутал уол” диэн дорооболоһооччу элбэҕэ. Эдэр учуутал кыргыттар кылааска киирдэхтэринэ ол уоллара үөрэнээччилэр ортолоругар олороруттан соһуйаллара. Бу кимий диэтэххэ, комсомуол первичнэй тэриллиитин сэкиритээрэ, 8 кылаас үөрэнээччитэ  Дмитрий Чириков дииллэрэ.

Дмитрий Адыаччы оскуолатыгар ССКП кэмитиэтин аатыттан хомуньуус, учуутал Елена Семеновна Неустроева салалтатынан элбэх тэрээһини ыытыспыта. Ленин төбөлөөх значогу кэппит мэтээл ылбыт курдук сананара. Хомсомуол кэккэтигэр ылыллыы хас биирдии үөрэнээччи олоҕор умнуллубат түгэн буолара. Оҕо барыта 1918 сыл алтынньы 29 күнүн Ыччат бүтүн Ленинскэй коммунистичэскэй сойууһа тэриллибит күнэ диэн билэрэ.

Хомсомуол күнэ, тыа хаһаайыстыбатын уонна Өктөөп бырааһынньыктара, Ленин төрөөбүт күнэ, маай бырааһнньыктара, Улуу Кыайыы күнэ суолталара улахана.

Саха хомсомуола тэриллибитэ 50 сылыгар, Дьааҥы оройуонун райкомуолун маҥнайгы сэкиритээрэ Владислав Деркач үтүө суобастаах үлэтин сыаналаан Дмитрий Чириковка “Комсомол Якутии — 50 лет” диэн бэлиэни туттарбыт күнүн Дмитрий Николаевич: «Ол долгутуулаах күн мин төрөөбүт нэhилиэкпин сырдатарга, аатын үйэтитэргэ инникитин туох эрэ суолталааҕы оңоруохтаапын сэрэйбитим», — диэн ахтар.

Дмитрий оскуола кэнниттэн Дьокуускайга баран үөрэнэн кэлэр уонна нэһилиэк комсомуолун сэкиритээринэн салгыы үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбата инники тутуллара. Баартыйа ыйыытынан “Школа – производство” хамсааһын чэрчитинэн ыччат сүөһү иитиитигэр түмсэрэ.

Ити кэмнэргэ саха кэрэ, нарын кыыhын, тапталлааҕын Анна Петровна Акимованы көрсөн ыал буолан, алаhа дьиэ тэринэллэр. Улахан тапталынан Дмитрий кэргэнин араспаанньатын ылар. Эдэр ыал үлэни уонна дьиэ-кэргэн олоҕун тэңңэ туталлар. Сотору оҕо дьоллоох күлүүтэ тиэргэннэрин толорор.

Ити сыл, 1975 сыллаахха Иннокентий Дмитриевич дириэктэрдээх “Адыаччы сопхуос» Хомуньуус баартыйа Киин Кэмитиэтин көһө сылдьар кыһыл знамятын туппута. Бу тэрээһиҥҥэ Табалаах, Боруулаах, Бөтөҥкөс бастыҥтан бастыҥ дьоно, ыанньыксыттар, булчуттар, тыа хаһаайыстыбатын бары салаатыттан мустан өтөрүнэн буолбатах тэрээһиннээх бырааһынньык үрдүк түһүлгэтигэр чиэстэммиттэрэ.

Дмитрий Николаевич инники күөңңэ сылдьар хомсомуол сэкиритээрэ, сыанаттан түспэт артыыс, ырыаһыт уонна солбуллубат конферансье быһыытынан оройуоҥҥа киэңник биллэрэ, сэҥээриллэрэ. 1975, 1980 сыллларга «Ударник комсомола ЦК ВЛКСМ», салгыы «Комсомольский прожектор» диэн бэлиэлэри туппута. Кини билигин Дьааҥы хомуньуустарын кэмитиэтин сэкирэтээринэн 2017 сылтан талыллан үлэлиир.

Улахан дьиэ кэргэн аҕата, эhэтэ, хос эhэтэ Дмитрий Николаевич Акимов билигин төрөөбүт Дьааҥытын үлэһит дьонун ааттарын үйэтитэр соруктаах, төрөөбүт кыраайын үөрэтэр үлэннэн дьиңнээхтик дьарыктанар.

Быйылгы сыл Акимовтарга бүк үөрүүлээх сыл. Олоҕун доҕорунаан, кэргэниниин бииргэ олорбуттара 45 cылын уонна Дмитрий Николаевич маңан хаар үллүктээх алтынньыга 65 сааһын туолла. Кини: «Мин оңорорум барыта Үөhэттэн ананыы буоллаҕа», — диир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА