Үлэни биэрээччи инфляция таһымынан көрөн, хас сыл аайы хамнаһы үрдэтэн иһиэхтээх. Бу туһунан Роструд сайтыгар таһаарбыт.
Өскөтүн сыл түмүгүнэн хамнас үрдээбэтэх буоллаҕына, үлэни биэрээччи ыстарааптанар. Хонтуруоллуур уорганнар уонна суут хамнаһы инфляцияны учуоттаан үрдэтэргэ уонна нолуогу төлүүргэ күһэйиэхтээхтэр. Холобур, 2016 сылга инфляция 5,4%-ҥа тэҥнэспитэ. Быйыл 4% буолуо диэн сабаҕалыыллар.
Хамнаһы үрдэппэтэхтэринэ, Нолуок кодексын 5.2 ыстатыйатыгар маннык ыстараап кээмэйэ ыйыллыбыт:
Дуоһунастаах дьоҥҥо – сэрэтии, эбэтэр 1000-5000 солк. ыстараап.
Предпринимателлэргэ – 1000-5000 солк.
Тэрилтэлэргэ – 30000-50000 солк.
Сыл аайы хамнаһы индексациялыыр туһунан кэлэктиип дуогабарыгар, сөбүлэһиигэ суруллубут буолуохтаах (Үлэ кодексын 134 ыст.). Табаарга уонна өҥөҕө сыана төһө үрдүүрүнэн көрөн, Госкомстат дааннайдарын туһанан, хамнас акылаатын төһө үрдэтэри үлэни биэрээччи бэйэтэ быһаарар. Кыбаартал да аайы үрдэтиэн сөп.