“Спорт уонна культура – тыа сиригэр” диэн Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаммыт IV республикатааҕы фестиваль түмүктүүр түһүмэҕэ тохсунньу 15-17 күннэригэр киин куораппытыгар буолан ааста.
Манна икки бөлөҕүнэн, ол эбэтэр улахан уонна кыра нэһилиэктэр икки ардыларыгар зона кыайыылаахтара түмсэн республикаҕа бастыыр иһин күөн көрүстүлэр. Ол курдук, бастакы бөлөххө Горнайтан Одуну, Мэҥэ Хаҥаластан Дьаҥхаада уонна Намтан Хамаҕатта нэһилиэктэрэ спорт 10 көрүҥэр, уус-уран самодеятельноска, спорт уонна культура үлэтин көрдөрөр быыстапкаҕа, тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэригэр, “Бастыҥ дьиэ хаһаайката” куонкуруска куоталастылар.
Күрэхтэһии бастакы күнүгэр волейболга, баскетболга, мини-футболга, киирэ анньыытыгар, фитнес-аэробикаҕа, остуол тенниһигэр, саахымакка, дуобакка киирсиилэр хас да сиринэн (ТХТ, ДЮСШ-1, ДЮСШ-4, “Модун” СК, РДСК) ыытылыннылар. Бу күн дуобакка – үһүс, теннискэ, аэробикаҕа, баскетболга – иккис, саахымакка, волейболга, мини-футболга, киирэҕэ бастакы миэстэлэри ылан нэһилиэк спортсменнара кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Ону таһынан “Тыгын Дархан” рестораҥҥа буолбут “Бастыҥ дьиэ хаһаайката” куонкуруска Е.М. Шапошников аатынан орто оскуола ИЗО, черчение учуутала Татьяна Бурнашева дьиэ кэргэнинээн кытынна. Татьяна Ильична дьоһуннук кыттан республика биллиилээх асчыта Иннокетий Тарбахов салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылан кыайыылааҕынан таҕыста.
Иккис күн хамаҕатталар буулдьанан ытыыга – бастакы, хабылыкка, хаамыскаҕа – үһүс миэстэлэри суруннулар. А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сарсыардаттан нэһилиэккэ физическэй культура уонна спортивнай-маассабай үлэни көрдөрөр быыстапка тэрилиннэ. Манна нэһилиэк дьаһалтата 18 баннеры оҥотторон, тэрилтэ салайааччыларын, общественноһы кытыннаран ирдэбил быһыытынан үлэлэрин толору көрдөрөн, көмүскээн бастыҥ үлэлээҕинэн ааттанан кыайыылаах буоллулар. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын дьиэтигэр тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэрин сыаналааһын туспа тэрилиннэ. Манна Дьаҥхаада, Одуну нэһилиэктэрэ инники таҕыстылар. Уус-уран самодеятельноһы көрүү түмүгүнэн кыайыы хамаҕатталарга буолла.
Тыҥааһыннаах күрэхтэһиилэри (биэс көрүҥҥэ) түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытылынна. Бу дьоро киэһэ фестиваль лауреаттара кыттыылаах улахан концерт буолла, бастыҥ үлэлээх нэһилиэктэри чиэстээһин ыытылынна. Республикатааҕы фестиваль түмүгүнэн улахан нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр барыта 66 очукуолаах Хамаҕатта нэһилиэгэ кыайыылааҕынан ааттанна, барыта биэс кубогы ылла уонна 500 тыһыынча суумалаах сертификатынан наҕараадаланна. Горнай улууһуттан Одуну иккис, Мэҥэ Хаҥаластан Дьаҥхаада үһүс бириистээх миэстэлэри ылан, 300, 200 тыһыынча суумалаах сертификаты туттулар. Ити курдук, Хамаҕатта дьоно-сэргэтэ түмсүүлээҕин көрдөрөн эрэллээхтик кыайда. Барыта түөртэ ыытыллыбыт фестивальга иккис төгүлүн кыттан бастаатылар. Манна баһылык Максимов И.Н., кини солбуйааччыта Олесов К.А., Н.П. Габышев аатынан “Эрчим” СК директора Павлов Г.Н., “Түһүлгэ” Сынньалаҥ киин директора Харитонова А.А. сатабыллаах дьаһаллара, дьону түмэр дьоҕурдара быһаарар оруоллаах.
Бу кэмнэргэ Хамаҕатта дьоно кыралыын-улаханныын фестиваль хаамыытын кыраҕытык кэтээн, дууһалыын ыалдьан күүс-көмө буолбуттара олус үөрүүлээх, икки туур тухары бары кыалларынан көмөлөһөн нэһилиэк аата ааттанарыгар бөҕө тирэх буоллулар. Бу улахан фестиваль СР Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствота, СР Спортка министерствота, СР Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл политикатыгар министерствота тэрийиилэринэн уонна көҕүлээһиннэринэн ыытылынна.
Мария Винокурова