Хамаҕатта нэһилиэгэр 334 нүөмэрдээх Кириэс Кытыллааҕы быыбардыыр учаастак бэс ыйын 25 күнүттэн Россия Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһыны саҕалаата. Хамыыһыйа түөлбэлэринэн көһө сылдьан дьон быыбардыырыгар усулуобуйа тэрийэр.
Бэҕэһээҥиттэн саҕалаан дойду үрдүнэн РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын саҕаланна.
Нам улууһун Хамаҕаттатыгар олохтоохтор бэйэлэрин гражданскай бырааптарын туһанан, куоластарын биэрэллэр.
Хамыыһыйа нэһилиэккэ баар биэс түөлбэнэн көһө сылдьан куоластатар. Бэҕэһээ Кириэс Кытыл түөлбэҕэ сылдьыбыттара, бүгүн Арыы Тиит түөлбэҕэ үлэлииллэр.
Роспотребнадзор куоластааһын кэмигэр ирдэбиллэрэ барыта тутуһуллар. Иһэр уунан хааччыллаллар. Халлаан туруга үчүгэй, кураан, итии күннэр сатыылаатылар.
Хамыыһыйа чилиэттэрэ эппиттэринэн, кырдьаҕастарга дьиэлэринэн сылдьан куоластаталлар.