22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Халыма" трасса биир кэрчик учаастагар сырыы тохтотулунна

10:30, 24 июля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күүстээх ардах түһэн, Дьокуускай — Магадан хайысхатынан «Халыма» суол 764 + 405 км от ыйын 23 күнүгэр күнүс 2 чааска сир кырыһа сууралынна, ууну аһардар турба алдьанна. Саахалы туоратыыга суол үлэһиттэрэ туруннулар.


«Суол ардах уутунан суураллан, алдьанна. Онон бу учаастакка сырыы тохтотулунна. Суолу оҥорор сулууспа техникаларын, конструкцияларын илдьэ үлэҕэ турунна«, — диэн СИА-ҕа транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Уу элбэҕинэн, суолу чөлүгэр түһэрэр үлэ кыаллыбат. Онон туоранан киирии суол оҥоһуллара быһаарыллар.

Россия ЫБМС регионнааҕы управлениета «Халыма» суол бу кэрчик учаастагынан айанныыртан туттунары сэрэтэр. Саахал тахсыбыт сиригэр Өймөкөөннөөҕү баһаарынай-быыһыыр гарнизон суһал бөлөҕө балаһыанньаны билсэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА