23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Халыма Хатыҥнааҕар үгүс тутуу бара турар

10:13, 12 сентября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хатыҥнаах нэһилиэгэр Тупсарыы сылыгар анаммыт уонна да атын тутуу үлэлэрэ күргүөмнээхтик ыытылла тураллар.


Быйыл нэһилиэккэ специалистар олорор икки кыбартыыралаах дьиэлэрэ тутуллан киириэхтээх. Билигин дьиэ ис-тас бүрүөһүнэ оҥоһуллар, ититэр ситимэ тардыллар.

Эһиил нэһилиэккэ саҥа модульнай станция үлэҕэ киирэринэн сибээстээн, станция корпуһа туруохтаах фундаменын 3 киһиттэн турар биригээдэ тута сылдьар. Сотору кэминэн фундаменыгар буор кутуутун үлэтэ саҕаланыахтаах, үэлэҕэ 2 тиэхиникэ туттуллуохтаах. Маны тэҥэ эбии СИП кабель тардыллыбыт, уулуссаны сырдатар аныгы лаампалар туруоруллубуттар.

Станцияны кытары олохтоох ОДьКХ тэрилтэтигэр эмиэ үгүс үлэ ыытылынна. Холобур, үрдүк кыамталаах саҥа насос, 3 хочуолга эбии биир хочуол туруорулунна. Нэһилиэк баһылыга Пётр Петрович Сибиряков этэринэн, киин ититэр ситимҥэ былаан быһыытынан быйыл 7 чааһынай дьиэ холбонуохтаах. Ол эрэн, мантан 4-р, дьиэ иһигэр тардыллыахтаах ититэр ситим матырыйаала ситэ тиийбэтинэн, оҥоһуллубакка турар.

Тупсарыы Сылыгар анаммыт үлэлэри таарыйдахха, ыһыах ыһар саҥа былаһаакка тутулла турар. Ураһа номнуо тутуллан бүппүт, былаһаакка күрүөлэммит. Саҕаламмыт тутуу эһиил ситэриллэн биэриэхтээх. Ыһыах былаһааккатын тэҥэ бөх тоҕор сир итиэннэ кылабыыһа күрүөлэниэхтээх.

Нэһилиэк иһинээҕи суол оҥоруута эмиэ ыытыллар. Бу сыалга тырааныспар Министиэристибэтиттэн 325 тыһ.солкуобай итиэннэ олохтоох бюджеттан эбии үп көрүллүбүт. Суолу тэҥэ 50 миэтэрэ усталаах тротуар оҥоһуллан тэлгэммит.

Маны таһынан 4 волонтёр уонна 2 сүрүн үлэтэ суох киһи ханааба хаһыытыгар, станция фундаменын тутуутугар, порт былаһааккатыгар уонна нэһилиэк иһин ырааһырдар араас үлэлэргэ хабыллыбыттар. Бу дьон үлэтигэр дьаһалта олохтоох бюджеттан хамнас төлөөбүт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар