Бүгүн Хабаровскайга Уһук Илиҥҥи медиафорум үлэтин саҕалаата. Суруналыыстары, блогердары түмэр тэрээһин икки күнү быһа ыытыллыаҕа.
Медиафорум РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ – Уһук Илин эрэгийиэннээҕи РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллар.
Пленарнай мунньахха Хабаровскай кыраай губернатора Вячеслав Шпорт, РФ сибээһин уонна маассабай коммуникация миниистирин солбуйааччы Алексей Волин, Россия суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Владимир Соловьев, «Московский комсомолец» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Павел Гусев, ВГТРК анал кэрэспэдьиэнэ Евгений Поддубнай кытыннылар.
«Дальний Восток — приоритет России XXl веке», «Есть ли будущее у печатных СМИ» диэн тиэмэлэргэ кэпсэтии таҕыста. Бэчээт туһунан «Московский комсомолец» кылаабынай эрэдээктэрэ Павел Гусев: «Урут хаһыат көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэр кылаабынай инструменнара этэ. Билигин даҕаны бэчээт инникилээх. Күрэстэһии улахана бэрдиттэн күүскэ үлэлиэххэ наада»,- диэн бэлиэтээтэ.
Оттон «Эхо столицы» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Александр Прокоьев: «Хаһыаттар тиражтара сыллата түһэ тураллар. Дьон интэриниэккэ көстө. Ол эрээри, хаһыат инникилээх дии саныыбын. Хаһыаты аадырыһынан дьоҥҥо тириэрдии уустуктардаах. Ол да буоллар, «Киин куораты» улуус олохтоохторо сөбүлээн ааҕаллар», — диир.
Медифорумҥа Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн тыһыынчаттан тахса киһи кытта сылдьар.
Саха сириттэн суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, Ил Дархан дьаhалтатын информационнай бэлиитикэҕэ департаменын салайааччы Роман Мандзяк, «Сахамедиа» АУо генеральнай дириэктэрэ Кирилл Алексеев уонна да атыттар кытталлар.