Мэҥэ-Хаҥалас улууһун II Тыыллыма нэһилиэгэр РФ Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрэргэ куоластааһын бэс ыйын 25 күнүттэн көхтөөхтүк саҕаламмытын иһитиннэрбиппит.
Пандемия кэмин учуоттаан, Хаатылыматааҕы Култуура дьиэтигэр үлэлиир 261 N-х быыбардыыр учаастакка бу күннэргэ, бары санитарнай ирдэбиллэр тутуһуллан, дьон, туһааннаах кэмҥэ, уочаратынан кэлэн куоластыыр.
— Бу күннэргэ эбии 68 киһи бэйэтин гражданскай иэһин толордо, онон, бүгүн сарсыардааҥҥы туругунан, испииһэккэ баар нэһилиэнньэ 89 бырыһыана куоластаата. Куоластааһын салҕанар. Быйылгы куоластааһын уратылаах — 7 күн барар буолан, элбэх киһи үлэлэстэ. Хамыыһыйа чилиэннэриттэн ураты нэһилиэк дьаһалтата (баһылык К.К.Попов) икки волонтеру туруорда. Дьаһалта үлэһиттэрэ, кэтээн көрөөччүлэр күүс-көмө буоллулар.
Хас биирдии куолаастааччыга уруучука, мааска, бэрчээкки бэрилиннэ. Бүгүн ыраахтан кэлээччилэрбитин уонна кыраапыгынан кэлэн куоластаабатахтарбытын күүтэбит.
Саамай эдэр куоластааччыбытыгар, быйыл 18 сааһын туолан аан бастакытын кыттыбыт Жанна Павловаҕа болҕомто ууруллан, дьаһалта сэмэй бэлэҕин туттарда. Оттон саамай аҕам саастаах куоластааччыбыт Варвара Романовна Афанасьева дьиэтигэр куоластаата, — диэн быыбардыыр хамыыһыйа сэкирэтээрэ Клара Викторовна Слободчикова бүгүн сибиэһэй информацияны биэрдэ.