Аллайыаха оройуонун Чокурдаах нефтебазатын үлэһиттэрэ таһынааҕы причалга овцебык сылдьарын көрөн хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Бу туһунан улуус хаһыатын телеграм-ханаала суруйар.
«Сарсыарда сэттэ чаас саҕана харабыл киирэн үлэбит таһыгар овцебык сылдьарын туһунан эппитэ. Ону тахсан видеоҕа уонна хаартыскаҕа түһэрбитим диэн» — нефтебаза үлэһитэ үллэстэр.